Кыайыы туһугар туруннахпытына, биһиги кыайыахпыт!

«Дойдум тыына» иистэнэр сыах ПРОФОТО (И.П. Антонов А. И.) тэрилтэни кытары  бииргэ үлэлээбиппит ыраатта.

Маҥнай хоспут ааныгар ыйыырбытын оҥорон биэрбитэ. Онтон дьаралыкпытын габардин таҥаска бэчээттээбитэ. Оннук аны мөһөөччүкпүтүгэр дьаралык түһэрбитэ.

Онтон субу көстөр түөскэ кэтиллэр жетону сахалыы тыыннаан, эр киһи харысхалын түһэрэн, руна бэлиэ алгыһынан арчылаан бэлэх уунна. Мантан антах хас биирдии инники кирбиигэ киирэр уолаттарбытын ыраахтан алгыһынан арчылыы сылдьыахпыт. Александрга кыайыы туһугар тус кылаатын киллэрэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар: «баҕа силэ байҕалга эмтээх» диэн, ол курдук, бэрт кыра да буоллар бары бииргэ КЫАЙЫЫ ТУҺУГАР ТУРУННАХПЫТЫНА, БИҺИГИ КЫАЙЫАХПЫТ!

Васма Иванова

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше