Күөх Боллох Тойон мичик гынна!

I. КӨМҮС ТҮГЭН

Кыстыкка киириигэ Эбэлэрбит туран, кылбар хаарынан сымнаан сиэннэрин үөрэ көрсүбүккэ дылы буолбуттар.

2024 сыл, алтынньы 27 күнэ. Күһүҥҥү сынньалаҥ бастакы күнүн Үөһээ Бүлүү Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия эр дьон учууталлара иитии-үөрэтии биир көмүс түгэнин тутан үөрэнээччилэринээн аһаҕас салгыҥҥа бииргэ үлэлиирдии быһаарыннылар.

Муҥхалаан соболооһуҥҥа улахан кылаас уолаттарыгар ыҥырыы оҥорон баҕалаах үөрэнээччилэринээн, гимназиялыын ыкса үлэлэһэ-билсэ сылдьар дьоннуун Балаҕаннаах сиригэр-уотугар тиийэн көмүс хатырыктааҕынан Эбэлэрбититтэн мааныланныбыт.

Балаҕаннаах оскуолатын кэллэктиибинээн бииргэ бэрт сатабыллаахтык үлэлээн сиэрдээх муҥхалааһын холобура буолардыы ыччаппытын такайа муҥхалаабыппытыттан үөрдүбүт.
Эбэҕэ киириэх иннинэ Бурхалей Степанович арчыланыы сиэрин-туомун толоруутун уу чумпутук туран биир тыынынан истэн иҥэриммипититтэн саҕалаан көмүс хатырыктааҕы бэриһиннэрэн сиэрдээхтик үллэрии үөрүүтүгэр тиийэ үлэбитин көрдөххө — чахчы киһи санаата сырдыыра.

Улаатан эрэр уолаттарбыт толору хамнанан дуоһуйа сылайбыт сирэйдэрин, үлэттэн үөрбүт харахтарын көрөммүт көмүс түгэни мүлчү туппатах эбиппит диэбиттии туруоруммут соруктарбыт туолан иһэллэриттэн испитигэр сэмээр үөрдүбүт, утум салҕыыр оҕолорбутун алыс арбаабакка хайҕыы көрдүбүт.

II. ХОМСОМУОЛЛУУ ХАМСААҺЫН.

Алтынньы 29 күнэ.
Куйаар ситиминэн сарсыарда эҕэрдэлэр көтүүлэринээн тэҥҥэ саһарҕа сандаара дьиэрэйэр кэмигэр Дьүүллээн түөлбэтигэр олохтоох Балаҕаннаах сүрүн оскуолата уонна Үөһээ Бүлүү Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия коллективтара сыыдам сырыылаах суоппардар сымнаҕас айаннарынан муҥхалыы киирдилэр.

Сарсыардаттан сэргэх туттуу-хаптыы, эрчимнээх тэтим, сатабыллаах салайыы үгүс үтүөнү эрэннэрэргэ дылы.
Килбиэннээх даҕаны кыраһаны күлүмүрдүү оонньотон чэгиэн салгынынан барыбытын толорбута.

«Аттар түстүлээр!» — диэбиттии нырыыһыттар — Муҥха биир тутаах дьоно, балыгы хамнатан бардылар. Анньыыһыттар сэниэлээх хамнаныылара муус кыырпаҕынан салгыны күлүмүрдэттилэр.
Үлэ «ырыата» нуктаан турбут хатыҥнары, харыйалары уһугуннарбыттыы
эйээрдэ. «Сиэннэрим кэллилэр» — диэбиттии Эбэбит сырдык мичээрин арыйда.

Һуу диэтибит! Ойдубут! Киирдибит! Анньыы-нырыы биир ситиммит!
Тэтим олох комсомольскай! Үлэ! Үөрүү! Өйөһүү!

Күөх Боллох Тойон мичик гынан хомсомуоллуу үлэлээбиттэр эрэ буолбакка оскуолаларбыт үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин эмиэ күндүлээн бары үөрүүбүт үгүс буолла. Киэһээҥҥи күөскэ өттүк харалаан илии тутуурдаах үөрэ-көтө дьиэҕэ киирэн кэлэн дьону аһатар үчүгэйиэн. Байанайдаах муҥхаҕа махтанабыт.

III. БАЙАНАЙ ЫЙЫН СОМОҔОЛОҺУУТА.

Арассыыйатааҕы Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн «Сомоҕолоһуу муҥхатыгар» кыттыыны ыларга ыҥырыы киирдэ.

Сүбэлэһэ охсуу түмүгэр Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия муҥхата улахан тэрээһиҥҥэ киэҥ Эбэҕэ киирсэн эппиэтинэс үллэстэр буолла. Суһаллык муста охсубут биригээдэбит дьоҕус даҕаны буоллар эрэллээх. Муҥха тойонугар Ксенофонт Семёновичка итэҕэйэрбит да бэрт, биригээдэ иһинэн алтыһыы даҕаны үөскээбитин көрөбүт.

Ороһу сиригэр этиллибит Эбэҕэ болдьоһуллубут кэмигэр сөбүнэн тэриллэрдээх киирэн сып-сап туттан муҥхабытын бэлэм гынныбыт. Дьон-аймах тоҕуоруһа мустубут. Эбэни биир гына толору хас даҕаны сүүһүнэн нырыыһыттар кэккэлэрэ үүнэн таҕыста. Көрөргө астык даҕаны, долгутуулаах даҕаны. Анньыыларбытын бигэ тутан муҥха үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыспытынан бардыбыт. Күнүскү сырдыгы толору туһанан халлаан биллэ хараҥарыыта муҥхаларбытыгар тиийдибит.

Муҥхалар бэйэлэрин тула дьону сомоҕолуу түмпүттэрэ Байанай ыйын саҕаланыытыгар эмиэ суолталаах биир көстүү буолла. Муҥха тахсыытыгар бэрт элбэх булду сэҥээрээччи мустан көмө, өйөбүл буола тураллара сылаалаах үлэ түмүгэр бэрт сэргэхсэйиини үөскэттэ. Муҥхаларбыт дьону-сэргэни аһаппыттарыттан өссө ордук биһиги эмиэ Эбэҕэ, муҥхаҕа махтана үөрдүбүт!

ТҮМҮК ОННУГАР

Ытык киһибит Николай Павлович Корякин — Уран Ньукулай муҥхата диэн кэргэнигэр Августина Петровна Дьячковскаяҕа көмүс хатырыктаахтан күндүлээтэхпит ахсын уһуйааһыҥҥа туһалыы турарыттан көрөн үөрэриттэн киһи да долгуйар.

Бу муҥханы 2023 сыллаахха Юрий Васильевич Кынатов, ол кэмҥэ оскуолабыт дириэктэрэ, коллективизмҥа, иитиигэ-үөрэтиигэ оскуолаҕа көмө диэн атыыласпыта бэйэтин соруктарын толоро сылдьар.
Утуму салҕаан улуустааҕы гимназиябыт эдэр салайааччыта Сергей Николаевич Кардашевскай бу үөрэх ньымалаах үлэ үгэһин тэрийэ турарыттан үөрэбит.

Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия күһүҥҥү каникул кэмигэр уһуйуу биир үлэтэ эмиэ туһалаахтык ааста диэн санаабын үллэстэрбин көҥүллээҥ.

Иллээх Дьөгүөр,
Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия учуутала
Сэтинньи 5 күнэ.

Читайте дальше