Кинигэ хаһан да таах айыллыбат. Суруллан тахсыбыт кистэлэҥин аахтахха, ардыгар киһи да күлэр. Остуоруйаҕа ол ордук биллэр-көстөр. Омук ааттаахтара ымсыыраннар, бэйэлэрин тылларыгар тылбаастаналлар. Ол иһин ханнык эрэ түҥ былыргы айымньы тарҕанар буоллаҕа эбээт!
Биһиги да оҕолорбут Шарль Перо “Күлчээнэтин” билэллэр аҕай, арай эрэ нууччалыы ааҕан буолбатах, төттөрүтүн сахалыы ааҕан бараннар, былыргы саха остуоруйатын курдук ылыммыттар үгүс буолааччылар. Дьэ ити табыллыбыт тылбаас күүһэ итинник.
Сордоох сүпсүлгэн!
Мин кэнники арааһы истэбин, анаарабын. Ол быһыытынан санаабын үллэстээри гынным. Ити Күлчээнэ муҥнааҕы атаҕастааннар араастаан дьүһүлэммиттэрин оҕо абаккара ааҕар. Сүрүн идиэйэтэ “сэнээмэ—сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ” диэх курдук.
Оттон бу остуоруйа сүрүн айдаана туллан түһэн хаалбыт түүппүлэ тула буолан хаалар. Дьэ сүпсүлгэн кытаанаҕа диэтэҕиҥ! Били атах таҥастаах кыыһы ирдээн аан дойду айманар. Кыыс эрэ барыта баай ыраахтааҕы уолугар кэргэн баран, сааһын тухары баайга-талымҥа күөлэһийээри баҕа баһаам! Итиннэ дьон сигилитэ-майгыта көстөр. Онтон баай эҥээргэ итинник атахтаах кыыһы булбакка ыраахтааҕы уола кыыһыран, оннооҕор сокуоннарын уларыта охсоллор: аны баайыттан тутулуга суох дьадаҥы кыргыттары эмиэ атахтарын мээрэйдээһин саҕаланар.
Оччолорго да моргуор буоллаҕа дии, ол хамсааһын кэмигэр эмиэ араас барыта көстөр: омук-омук ити төрүт биир дойду олоҕор-дьаһаҕар тирэҕирэн суруйбут остуоруйаны сырыы ахсын бэйэлэрин киэннэригэр чугаһатан, холоон, тэҥнээн, уларытан иһэллэр. Быыкаатык, сөбүн көрөн. Ол иһин эгэлгэ омук “биһиги остуоруйабыт” диир буоллаҕа эбээт! Дьэ, ол саамай чыпчаал көстүүтэ биир: түүппүлэни туппутунан хамыыһыйа Күлчээнэлээххэ тиийэн кэлэр. Чаҕар кыыһын итинник үтүөҕэ тиксэримээри маачахата-кииринньэҥ ийэтэ дьүһүлэммитин ааҕа кэлэйэбит. Ол да буоллар сокуон ирдэбилэ кытаанах. Ону тутуһаннар били сорук-боллур дьон кыыс атаҕын тэҥнээннэр, ыраахтааҕы уолугар баалга бара сылдьан ыалдьыттаабыт Күлчээнэ буолбутун дакаастыыллар. Онуоха кыыс били түүппүлэ иккис аҥаарын кистэммитин ойутан таһааран киһи бары сөҕөр.
Түүппүлэ тоҕо курустаалый?
Остуоруйа буолан курустаал атах таҥаһа баар ини диэн быһалыы өйдүүбүт. Ол айыллыбыт дойдутугар буоллаҕа ини дэһэбит. Онтубут баара, дьэ дьикти: төрүкү да курустаал түүппүлэ буолбатах эбит! Дьэ итиннэ тылбаас моһуога буораппыт.
Дьиҥэр, бу былыр ХVII үйэҕэ суруллубут остуоруйа саҕана тирии атах таҥаһын таһынан бадарааҥҥа биһиллибэтин диэн таһынан кэтэр холуоһалаахтар эбит ээ. Ону аптаах дьахтар Күлчээнэтигэр бэлэхтииригэр киэргэтэн, били холуоһаны түүлээх эҥин гыммытын сөҕөн остуоруйаһыт кэпсээбитин тылбаасчыт буораппыт. Иһиллэрэ майгынныырынан, “түү кытыылаах” диэни “өстүөкүлэ” диэн өйдөөбүт. Онтон соһуйбут, эс, хайдах оннук буолуой, ол аата курустаал эбит диэн быһа тылбаастаабыт. Тиһэҕэр Күлчээнэ омук аайы остуоруйаҕа итинник курустаал түүппүлэнэн дугунар дьылҕаламмыт эбит!
Уҥата дуу, хаҥаһа дуу?
Бэркэ билэр “Күлчээнэбит” барахсан үрдүк кирилиэстэн таҥнары сүүрэн иһэн туллаҥалыыр атаҕын таҥаһа түһэн хаалбытын, ыксаан ылбакка куотар. Аныгы ааҕааччы чуо токкоолоһор: ол хайа атаҕыттан сытан хаалбыт олооччунуй диэн. Диэмэ даҕаны! Хайата буолуой? Ким эрэ уҥатыттан, ким эрэ хаҥаһыттан буолуо диэн сабаҕалыыллар. Ханнык эрэ уруһуйдьут ойуулаабытын луупалана-ачыкылана кыҥыы сатыыллар.
Доҕоттор! Ону баара, былыр ити саҕана үгүс омукка атах таҥаһа уҥата-хаҥаһа диэн араарыллыбакка оҥоһуллар кэмэ баара. Онон, уоскуйуохха уонна хайата да буолуохтааҕын итэҕэйиэҕиҥ.
Күлчээнэ үөрэтэр, иитэр
Бу үйэлэр тухары “Күлчээнэ” үөрэппитэ-ииппитэ баар суол. Кыыс эрэ бары кини курдук буолуон баҕарар. Баай уолга эргэ барарыгар ымсыыран буолбатах. Сэмэй буоларга, барыны сатыырга, атаҕастааччыны кытта адаарыспат өйдөөх буоларга! Куһаҕан онто суох көстөр: тылыгар-өһүгэр, туттарыгар-хаптарыгар, көстүүтүгэр-ойуутугар.
Билиҥҥи кэмҥэ ыччаппыт кэрэ аҥаара “Күлчээнэ” остуоруйа саамай тиһэх көстүүтүгэр эрэ көрбүтүнэн ымсыырар адьынаттаммыта соччото суох. Баайга-талымҥа, тугу да тоҕу көппөккө сылдьан, мааныланар эрэ баҕа санаа иитийиэхтэнэрэ сыыһа диибин.
Ол иһин сүбэлиибин: “Айардарга” баар бу остуоруйаны ылан оҕолоргутунуун бииргэ ааҕыҥ. Олус үчүгэй ис хоһоонноох: киһилии сиэр, бэрээдэк, чэбэр буолуу, майгыны иитинии… Оҕо бэрээдэгин көрөргө оруннаах холобур бу кинигэ. Тоҕо? “Күлчээнэ” оонньуурга уонна толкуйдуурга аналлаах, хамсыыр дьэрэкээн хартыыналардаах гына оҥоһуллубут. Арыйдах аайы—атын олох, соһуччу көстүү. Мантан тэттэн кыра кэрэчээнэ мэйиитин эрчийэригэр бэртээхэй тирэхтэнэр: баҕар бэйэтэ салгыы анаардын, эбэн да биэрдин, салгыытын суруйдун. Оонньоотун ээ!
Сайын, иллэҥ кэмҥэ кытаатыҥ!
Төрөппүттэр, оҕо иитиитэ дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах. Ийэ-аҕа оскуолатыттан. Оттон маннык кинигэлэр эһиэхэ куруук көмө буолаллар. Ол көмөнү быһа аһарымаҥ, атыылаһыҥ уонна туһаныҥ диэн сүбэлиэм этэ.
Хас биирдии остуоруйа кистэлэҥнээх, иһигэр сөҥөр сүөгэй сүбэлээх буолар. Үгүс түгэҥҥэ оҕону мөхпөккө эрэ остуоруйа холобурунан иитэр ньыманы умнумаҥ. Ол судургу уонна тиһэҕэр үтүө түмүктээх буоларын мин билэбин.
Анисим Неустроев