Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха ССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларацияны ылыммыта. Бу күн өрөспүүбүлүкэ инники дьылҕатын быһаарбыт, сайдар тосхолун түстээбит күн быһыытынан устуоруйаҕа киирбитэ. Биһиги бэйэбит кэскилбитин быһаарар бырааппытын бигэргэтэн туран, Арассыыйа Федерациятын састаабыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын чөл хаалларбыппыт. Саха сирэ 1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Федеративнай дуогабары түһэрсэри сэргэ экэнэмиичэскэй боппуруостарынан чопчуламмыт сөбүлэһиигэ эмиэ илии баттыыры ситиспит Арассыыйа Федерациятын соҕотох субъегынан буолар. Ол түмүгэр экэниэмикэни салгыы сайыннарар, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн толору кээмэйинэн торумнуур кыах үөскээбитэ.
Судаарыстыбаннас күнэ – Саха сирин олохтоохторугар дьоһун бырааһынньык. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах судаарыстыбаннай үлэһиттэригэр, Бастакы Бэрэсидьиэммитигэр Михаил Ефимович Николаевка дириҥ ытыктабылбытын кэрэһилиир күн.
Бүгүн Сахабыт сирэ Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар, тэтимнээхтик сайдар дойду бигэ тирэҕин быһыытынан Улуу Арассыыйа модун кыаҕын, көмүскэнэр куйаҕын бөҕөргөтөргө төһүү күүһүнэн буолар. Биһиги анал байыаннай дьайыы хонуутугар дьоруойдуу охсуһар биир дойдулаахтарбытынан, хорсун — хоодуот буойуннарбытынан киэн туттабыт. Кыайыы туһугар өрөспүүбүлүкэбит кыаллары барытын оҥорор.
Ааспыт сыллар усталарыгар Саха сирэ дьоһун суолу ааста, биллэрдик сайынна. Үгүс тургутуулары туораан кэллибит, килбиэннээх үлэбитинэн дойдубут саҥаттан саҥа кирбиилэри ыларын ситистибит. Ол курдук, кэнники биэс сыл 270 тахса социальнай эбийиэги, ол иһигэр 48 оскуоланы, култуура 45, успуорт 32, доруобуйа харыстабылын 100-чэ кэриҥэ эбийиэгин үлэҕэ киллэрдибит. Балар сүрүннээн Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит национальнай бырайыактарын чэрчилэринэн тутулуннулар. Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү далааһынынан дойдуга инники күөҥҥэ сылдьабыт. 2019 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ 278 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тутулунна, саҥа кыбартыыраҕа 40,6 тыһыынча Саха сирин олохтооҕо көстө. Өрөспүүбүлүкэҕэ хас биирдии бэһис дьиэ кэргэн – элбэх оҕолоох, оҕо төрөөһүнүнэн биһиги дойдуга ахсыс миэстэлээхпит, оттон олоҕу олоруу уһуна 73,6 сааска тиийэн, дойду орто көрдөрүүтүн куоһарда.
Бүгүн биһиги Саха сирин сайдыытын саҥа түһүмэх кэмигэр үктэннибит. Судаарыстыба баһылыга Владимир Влдадимирович Путин Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар сайдыыларын маастар-былааннарын бигэргэттэ, Арассыыйа Арктикатааҕы зонатын тирэх пууннарын кэрискэтигэр Тиксии бөһүөлэгэ уонна Найба сэлиэнньэтэ киирдилэр. Өлүөнэни туоруур муостаны тутууну чопчулаабыт ыра санаабытын олоххо киллэрии Дьокуускай куорат агломерациятын кэлимник сайыннарыы сүнньүнэн саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Олоҥхо уонна искусство Арктикатааҕы киинэ, Музыка үрдүкү оскуолатын дьиэтэ, Кэлэр көлүөнэлэр пааркалара, Киинэ элбэх хайысхалаах толору цикллаах павильона курдук баараҕай эбийиэктэр тутуллуохтара. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ чугастааҕы сылларга олоххо киириэхтээх бырайыактар сорҕолоро эрэ.
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Сахабыт сирэ уонна улуу Арассыыйа чэлгийэ сайдалларын туһугар уопсастыба олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кыттыыгыт, үтүө суобастаах үлэҕит иһин махтанабын! Бу кэрэ-бэлиэ күн чэгиэн-чэбдик буолууну, дьолу-соргуну аҕаллын, бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри баҕарабын! Эһиги дьиэҕитигэр-уоккутугар үтүө санаа, эйэ уонна ил уйаланыахтын!
Айсен Николаев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана