«Кырдьыгы хоһуй» /Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр/

Эбэҥки норуотун талааннаах поэта, прозаига, художнига Д.Н.Апросимов төрөөбүтэ 95 сааһын көрсө.

Уу сахалыы хомоҕой тылынан иҥнибэккэ ыраастык саҥарар, суруйар эбэҥки норуотун чаҕылхай суруйааччыта баара буоллар, 95 сааһын бэлиэтии, үөрэ-көтө сылдьыах этибит.

Ону баара, эдэр сааһыттан бэйэтэ бэлиэтээбитин курдук, «Олоҕум-окко түһүөхпүттэн очурдаах, этэрбэс кэтиэхпиттэн эрэйдээх, сон кэтиэхпиттэн сордоох»,- диэхтээтэҕэ. Ол кылгас олоҕун устата олоҕурбут, ааһан араҕан биэрбэт ыарыы моһуоктаабыта, сарбыйбыта биллэр.

Мин тус бэйэм, бу диэн тыыннааҕар, уһуннук атах тэпсэн олорон сэлэспэтэх,  кэпсэппэтэх урааҥхайбын. Ол эрэн, Үөһээ Бүлүүтээҕи  «Чэчир» литературнай түмсүүгэ хам-хаадьаа көрөрүм. Кини, чэпчэки хаамыытын-сиимиитин, билэн-көрөн аастаҕым..

Айылҕа оҕото буоларын, сахаттан атын туспалаах, дьоһуннаах, сиэрдээх майгылаах убай киһи буоларын, ис дууһабар туох  да иҥнигэһэ суох, бэйэбэр чугастыы ылыммытым. Ити билигин, уолаттарын көрдөхпүнэ, уйадыйа, чуо өйдүү түһэбин.

Оччолорго, «Нестерович»  хоһоонньут, бэртээхэй бэйээт. Оройуон «Коммунизм суола», «Коммунизм сардаҥата» диэн бэрт дорҕоонноох ааттаах хаһыаттарга кини айылҕаны, тапталы, дойдуну хоһуйбут хоһоонноро, сотору-сотору тахсара. Бу хаһыакка саха аймах поэттара П.Тобуруокап, С.Руфов, С.Дадаскинов, Н.Герасимов-Айталыын о.д.а. ким кылгастык, ким син олоро түһэн үлэлээбиттэрэ, айбыттара, суруйбуттара хаһыат аатын-суолун үрдэппиттэрэ. Оччолорго, бу хаһыат, ыал аайы хамаҕатык суруйтарыллан, кудуххайдык былдьаһыкка сылдьан ааҕыллара.

Хара куудара баттахтаах, чоҕулуччу көрбүт хараҥатыҥы харахтаах, көбүс-көнө уҥуохтаах Дмитрий, түмсүү мунньахтарыгар, бэйэтин кичэмэ санаатын аһаҕастык, көнөтүнэн тыл этэрэ..

Онно өйдөөтөхпүнэ, сорох айымньылара, ситэ көрүллүбэккэ, уһуннук остуол дьааһыгар сытан, умнуллуох курдук буолбуттарын, санатар эбит. Кини, кэмигэр ситэ сыаналамматаҕа дуу диэн, бу билигин саныыбын. Итиччэ элбэх хоһоонноох, номохтоох, өссө, нууччалыы тылбаастанан, соҕуруу бөдөҥ сурунаалларга тахсыбыт айымньылаах поэт, тыыннааҕар хас эмэ кинигэлээх, хайдах суруйааччы сойууһугар ылыллыбатаҕай оччотооҕуга? Бэл, кинини норуот  поэта С.Данилов бэркэ биһирээн, бу эйгэҕэ сирдээбит, биир учуутала эбээт! Оттон, Сэмэн Бөтүрүөбүс бу сойууһу, син балачча уһуннук салайбыта, тэрийбитэ биллэр. Дьылҕа оннук. Биир ааҕааччы, бу көрсүһүүлэргэ бэлиэтээбитин курдук, кини кэмигэр сөпкө өйөммүтэ, харыстаммыта буоллар, дьиҥ норуот суруйааччыта буолар толору кыахтааҕа. Мин боростуой богдо, эмиэ оннук саныыбын. Кини бэйэтэ айылҕатынан ураты сэмэйэ, көнөтө, киһи быһыытынан чиэһинэйэ, судургута…

Дмитрий, Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрээт, дойдутугар Уус-Маайа, Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар уруһуй, черчение, география, үлэ уруоктарын биэрбитэ биллэр. Кини дьоҕурдаах учуутал буоларын, билигин, сааһырбыт үөрэнээччилэрэ, истиҥник долгуйа ахталлар.

Үбүлүөй үрдүк таһымнаахтык ааста

Бу күннэргэ, суруйааччы үрдүк үбүлүөйүн Дьокуускайга, Ойуунускай музейыгар, бэрт өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Кинини дойдутугар, «Былатыан » диэн, кыра эрдэҕиттэн, истиҥ, минньигэс аатынан билинэллэр. Ол курдук, Былатыан аатынан музейга үс норуот суруйааччылара А.Кривошапкин, Н.Лугинов, Д.Наумов, суруйааччылар С.Гольдерова, Л.Горохова-Сүүмэх, Т.Винокурова-Сабыйа, художник Н.Курилов, эбэҥки норуотун  биллэр-көстөр дьонноро Е.Голомарева, М.Погодаев, А.Варламов бэйиэт уолаттара — Александр, Филип, Андрей, о.д.а. элбэх ыалдьыттар, ыҥырыылаахтар, аймахтара бааллар.

Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин бэрт сиһилии профессор, литературовед В.Б.Окорокова оҥордо. Үгүс сэһэн-сэппэн, ахтыы, кэпсэтии, кэскиллээх этиилэр киирдилэр. Олортон, кэлэр биэс сылга, сүүс сылыгар, кинигэ таһаартарарга, кини аатын үйэтитэргэ, өссө ылсан, түмсэн үлэлииргэ былаан баар буолла, ол мөҥүрүөн хамсаныытын саҕаланыытын, поэт кэргэнин дойдутуттан, Үөһээ Бүлүүттэн саҕалаан,  Уус-Маайаҕа айан, торумнанна.

Мэйик – иккис дойдута

Нестерович кэргэнэ — музата, Үөһээ Бүлүү Мэйигэ. Манна, уонча сыл, эйэ-дэмнээхтик олорон, бастакы оҕолорун, күн сирин көрдөрбүттэрэ. Мэйиги поэт чугастык ылыммыта. Дьоно-сэргэтэ уруулуу, дьоһуннаах күтүөтүнэн билиммиттэрэ.

Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр, анал бөлөҕү, улуус саҥа салалтата үөрэ-көтө, чиэстээхтик көрүстэ. Пресс-конференция, киин библиотекаҕа, ааҕааччылардыын атах тэпсэн олорон ахтыһыы, поэт хоһооннорун доргуччу ааҕыы, оһуохай, ырыа-тойук кутулунна. Ол эрэ иннинэ, олохтоох рынокка «Строганина» күрэҕэ, бэрт сэргэхтик барда. Маны иилээн-саҕалаан ыыппыт, Россия Эбэ Хотун, бу идэҕэ биир бастыҥ тоҥ балыгы кыһыыга чөмпүйүөнэ, Г.Толстоухов буолла. Кыайыылаахтар, анал бириискэ, Добун Туоһу Сурук туттулар.

Маны сэргэ сарсыарда бэрт эрдэттэн, поэт аччыгый уола Андрей, Н.Бойлохов аатынан Искусство, ырыа оскуолатыгар, туой оҥоһукка маастар-кылаас ыытта. Оҕолор бэркэ сэргээбиттэрин, бэлиэтиир тоҕоостоох.

Бу түһүлгэҕэ, Үөһээ Бүлүүгэ олорор аҕыйах ахсааннаах норуот хараҕа-дьоһун дьонноро түмүстүлэр, сиэр-туом, алгыс ыытылынна, анал дэлэгээссийэ иилээн-саҕалаан, көрдөрөн биэрдэ. Итиэннэ, эбэҥки норуотун төрүт үҥкүүтүнэн «Дэвэй-дэйэ «- нэн доҕуһуолланна.

«Мин, ыраах  Дьааҥы булчута,

Эн  кыыскын таптаан ылларбытым-

Ойуур курдук саҥата суох сөҥ бэйэм

Аар хатыҥы көҕөрдөр тылламмытым!»

 

Анал бөлөҕү суруйааччы улахан уола Александр, быһаччы салайан, тэрийэн илдьэ сырытта. Онон, аны кини киинэ түспүт Мэйигэр, мэҥитэн тиийдибит. Истиҥ дьоро көрсүһүүлэр манна эмиэ салҕаннылар. Оскуола үөрэнээччилэрэ, ыалдьыттары болҕойон иһиллээтилэр.

Араас быыстапка, кэнсиэр, дьүһүйүү, ырыа-тойук, бу барыта, суруйааччы, күтүөт Дмитрий Нестерович сырдык аатыгар буолла. Нэһилиэк, турардыын -турбаттыын, биир сомоҕо  буолан, өрө көтөҕүллэн сырыттылар.

Д.Н.Апросимов-Былатыан, Үөһээ  Бүлүү суруйааччыларын кытта, истиҥ доҕордуу этилэр. П.Тобуруокап, С.Руфов, В.Гольдеров, Н.Габышев поэт айар үлэтигэр, сүбэ-ама, көмө буолбуттара. С.Дадаскиновтыын, эмиэ ордук чугастыы билсибитэ. Степан Егорович бэйэтэ, хотулары ордук өрө тутара, үлэтинэн даҕаны, ис айылҕатынан даҕаны.

Кини — поэт сырдык аатын үйэтитии бөлөҕөр сырыттылар-Саха Республикатын Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, суруйааччы Иванова А.М. — Бээрийэ, кыыһа Хотойук Айгыына, РФ СӨ ОДьКХ үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Эбэҥки норуотун ассоциациятын чилиэнэ Г.М.Толстоухов, аҕыс уон биэс сааһыгар, бэрт чэгиэнник дэгэйэ сылдьар, «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэлээх, эвенкэ Г.С.Керегяева, ырыаһыт, оһуохайдьыт, поэт, Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх А.Егоров-Өркөн Дьол, поэт балтылара, СӨ нэһилиэнньэтин көмүскэлин киинин Үтүөлээх үлэһитэ, А.Г.Куличкина, «Бочуотзнага » уордьан кавалера А.Д.Апросимова, уолаттара учууталлар – Александр Дмитриевич, Филип Дмитриевич уонна Андрей Дмитриевич Апросимовтар. Утум уһуур!

Поэттар — бөлүһүөктэр, бэрт ырааҕы өтө көрөр, дьүһүйэр буолаллар. Кини,  оҕолоругар, хаан-уруу аймахтарыгар, мэлдьи эрэнэрэ, итиэннэ, онно хоһооно, тойуга чуолкай кэпсии сылдьара. Ол, туллаҥнаабат туруу, модьу, сабардам мэктиэтинэн, бу тэрээһиннэр чуолкай бигэ, бии суоллара буолар.

Аны биэс сылынан, кини төгүрүк сүүс сааһын-сылын ыларга оҥкул, эркээйи охсулунна..

Уус-Маайаҕа

 Бөлөх сорох чугас дьонноро, аны поэт, суруйааччы, төрөөбүт төрүт сиригэр-уотугар, Уус-Маайа диэки дьоллоох суолу тутуста!..

Уолаттарга барҕа Махтал! Махтал, үөрүнньэҥ Үөһээ Бүлүүлэргэ! Махтал, мэлдьи истиҥ, кэрээбэт кэрэ дууһалаах Мэйик талба-талыы дьонугар! Көрсүөххэ диэри, дьоллоох буолуҥ!

«Дэвэй-дэйэ » эбэҥки норуотун төрүт үҥкүүтэ, үйэлэргэ дьиэрэйэ, дьүкээбил суһумун уу күлүмнүү, дьиримнии туруохтун!

Сурт кэриэстээх, утум быстыбат.

 Үөһээ Бүлүү Боотулуутуттан төрүттээх Өймөкөөн олохтооҕо Прокопий Ксенофонтов, СР Суруйааччыларын, Журналистарын сойууһун чилиэнэ, үлэ ветерана, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Өймөкөөн-Үөһээ Бүлүү-Мэйик.

Кулун тутар 21-23 күннэрэ, 2024с.

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше