Ыраах сытар Кырыкый нэһилиэгэр улахан үөрүүлээх, күүтүүлээх күн буолла, ол курдук ахсынньы 28 күнүгэр социальнай суолталаах объект — саҥа балыыһа үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Алгысчыт Николаева Надежда Егоровна аал уот оттон, алгыс сиэрин – туомун эттэ. Кыһыл лиэнтэ быһыллан, күлүүс тутан арыйан киирдилэр. Сылааһынан илгийэр, сып-сырдык дьиэҕэ киирэн, эҕэрдэ, баҕа санаа этилиннэ. Торжестеннай чааһа саҥа КСК дьиэтигэр « Саһарҕа” түмсүүтэ чороонноох үҥкүүннэн арыйда. Эҕэрдэлэр, наҕараадалар салгыы этилиннилэр, эҕэрдэлэр быыстарыгар кулууп үлэһиттэрин эҕэрдэ ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Улуус кылаабынай бырааһа Павлова Сардана Николаевна, улуус кылаабынай медсестрата Павлова Светлана Васильевна, кылаабынай быраас солбуйааччыта Иванова Туяра Дмитриевна, улуус дьаһалтатын тэрийэр отделын салайааччыта Платонов Антон Алексеевич, урукку кэмҥэ уһуннук үлэлээбит Васильева Светлана Ивановна, Лебедкина Ньургуяна Егоровна, чугас Дүллүкү нэһилиэгиттэн балыыһа коллектива кэлэн күндү ыалдьыт буоллулар, үөрүүбүтүн үллэһиннилэр.
Үөрүүлээх чаас кэнниттэн минньигэс астаах бырааһынньык остуолугар ыҥыран, салгыы эҕэрдэлэр, ырыа-тойук дьиэрэйдэ. Аҕа баһылыкпыт Сергеев Сергей Яковлевич сиппэтэх итэҕэстэргэ көмөлөһүөхпүт диэтэ. Нэһилиэкпит аанньаллара, сылаас – сырдык дьиэҕэ киирэн үлэлэрэ өссө ситиһиилээх буолуоҕа.
Суруйда Лилия Васильева,
ведущай библиотекарь