Маай учаастагар ЭРЧИМ-нэрдиин көрсүһүү

Сойуус саҕана диэнтэн саҕалыыр эбит буоллахха, оччолорго орто, үрдүк үөрэх кыһаларын студеннарын тутар этэрээттэрин хамсааһына үгэннээн турар кэмэ этэ.
Ол курдук сайын студеннар этэрээттэрэ диэн, кинилэр күүстэринэн араас өрүттээх үлэлэр оройуон нэһилиэктэринэн хотон тутуутугар, от үлэтигэр, күрүө тутааһыныгар, бааһыналаах нэһилиэктэргэ хортуоска хостооһунугар күргүөмнээхтик үлэлииллэрэ, совхозка төһүү күүс буолаллара. Нэһилиэк салалтатын өттүттэн студеннарга сүрдээҕин болҕомто уураллара: олорор сиринэн уонна аһынан-үөлүнэн быспакка хааччыйаллара.
Онтон студеннар өттүлэриттэн бигэ тылларын толорон, бэрээдэктээхтик сылдьан, үлэ режимин тутуһан эбэһээтэлистибэлэрин дьулуурдаахтык толорон хайҕаналлара, холобурга сылдьаллара.


Сэбиэскэй үлэ үөһүгэр сылдьар салайааччылар, холобур Мэйик управляющайынан үлэлиир Прокопьева Мария Евдокимовна, Маай учаастагын хонуу биригэдьиирэ Яковлев Иван Яковлевич студент оҕолорго ийэлии-аҕалыы кыһаллан үлэлиир миэстэлэрин оннун булларан, көмө-сүбэ буолаллара.
Оччотооҕу эдэркээн «Эрчим-72» студеннар тутар этэрээттэрэ Маайга элбэх сүөһү кыстыыр хотонун тутуутугар эт илиилэринэн үлэлээбиттэрэ. Кинилэргэ тутуу маһын таһарга тракторист Андреев Василий Иванович ананан үлэлээбитэ, сүбэлээн-амалаан биэрэрэ. Эрчимнэр күүстээх үлэлэрин түмүгэ, туппут хотонноро хас эмэ сыл үлэлээбитэ.
Бүтүн Россиятааҕы студенческай тутар этэрээттэр тэриллибиттэрэ 65 сылын чэрчитинэн, «Эрчим-72» этэрээт 11 байыаһа Мэйик нэһилиэгин, үлэлээбит Маай учаастагар тиийэн олохтоохтору кытта истиҥник көрсүһэн, үлэлээбит сирдэринэн сылдьан көрөн кэлбиттэр.
Кинилэри ыалдьытымсах олохтоох дьаһалта ытыс үөһэ түһэрэн көрсүбүттэр, бэртээхэй тэрээһини тэрийбиттэр.
«Эрчим-72» этэрээт түмсүүлээх байыастара бачча уһун сыллар тухары бэйэ-бэйэлэрин сүтэрсибэккэ, истиҥник билсэ сылдьаллара хайҕаллаах. Кэлбит этэрээт байыастара төһө да сааһыра быһыытыйдаллар көхтөөхтөрө, сэргэхтэрэ, түмсүүлээхтэрэ олохтоохтору сөхтөрбүт. Устудьуоннар этэрээттэрэ-олох оскуолатын саамай кэрэ кэмнэрэ буоларын дьиҥ чахчы Эрчим-72-лэр дакаастаабыттар.

Үөрүүлэриттэн долгуйбуттар, туппут хотоннорун баҕанатын кууспуттар, хаартыскаҕа трактористарынаан Василий Ивановичтыын бииргэ түспүттэр, өйдөбүнньүк сэргэлэрин сүгүрүйэн аттыгар туран ааспыты санаабыттар.
Өрүү буоларын курдук ыалдьытымсах Мэйиктэр Эрчим-72 стройэтэрээт байыастарын алгыстаах алаадьынан алҕаан, астаах мааны остуолга далбардаан, истиҥ үтүө сыһыаны олохтоон, кэлбиттэригэр махтанан барыларыгар үтүө түгэни өйдүү-саныы сылдьыҥ диэн уйгу-быйаҥ чорооннору бэлэх уунан үөрдүбүттэр.
Көмүс өҥүн түһэрэн күһүммүт тиийэн кэлиитэ Мэйик нэһилиэгин Маай учаастагар умнуллубат долгутуулаах бэлиэ тэрээһин буолан ааспытыттан Эрчимнэр астына дуоһуйан тарҕаспыттар.
Кинилэргэ уостубат уйгуну, эдэрдии эрчими, дьоһун дьолу баҕарыаҕыҥ.

Аграфена Баишева.

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше