Саха сирин бастыҥ үлэ династияларын «Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ династиялара» Бочуот кинигэтигэр киллэрдилэр. Наҕараадалары бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов туттарда. Ол курдук, 10 дьиэ кэргэн уопсай үлэлэрин ыстааһа 163 — 337 диэри сылга халбаҥныыр. Үөрэх, култуура, социальнай хааччыйыы, промышленность, тыа хаһаайыстыбатын династиялара бу Бочуот кинигэтигэр киллэрилиннилэр.
Үөһээ Бүлүү улууһуттан үөрэх эйгэтигэр уопсайа 310 сыл ыстаастаах Мачаховтар династиялара бу Бочуот кинигэтигэр киллэриллибиттэрин улуус общественноһа улаханнык үөрэ, долгуйа иһиттэ. Бу ытык-мааны династия туһунан Мачаховтар улахан дьиэ кэргэн кийиитэ, 43 сыл педагогическай ыстаастаах, онтон 27 сыл Кэнтик орто оскуолатыгар директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбит СР үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, улуус үөрэҕин управлениета олохтообут “Директоры бастыҥ солбуйааччы” гранын, “Педагогтар династиялара” түөскэ кэтиллэр бэлиэ хаһаайката Светлана Семеновна Мачахова маннык кэпсээтэ:
-Кэнтик нэһилиэгэр Дириҥ Күөл диэн Хамаровтар алаастарыгар Мачаховтар династияларын төрүттээччи Афанасий Поликарпович Мачахов абаҕата Мачахов Федор Спиридонович 1930 сыллаахха Кэнтик нэһилиэгин бастакы оскуолатын төрүттээбитэ. Онтон биһиги аҕабыт, эһээбит, методист-учуутал, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна (1985 с.), «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл кавалера, САССР хапсаҕайдаһан тустууга спордун маастара, бастакы Манчаары оонньууларын кыттыылааҕа, «Чап уустара» кинигэ ааптара, “Кэнтик нэһилиэгэ” кинигэ соавтора Афанасий Поликарпович кэргэнинээн Афанасьева Мария Ивановналыын 42-лии сыл педагогическай ыстаастаахтар. Эбээбит Мария Ивановна – РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна (1968 с.), ССРС үөрэҕириитин туйгуна (1985 с.), «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл кавалера, 42 сыл педагогическай ыстааһыттан 17 сыл Кэнтик оскуолатыгар директорынан үлэлээбит ытык киһи этэ. 2003 с. Афанасий Поликарпович уонна Мария Ивановна “Саха Республикатын педагогическай энциклопедиятыгар”, онтон 2008 с. “Саха сирин кыһын көмүс ыаллара” кинигэҕэ киллэриллибиттэрэ. Мачаховтар династияларын оҕолоро бары «Педагогтар династиялара» түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадаламмыттара.
Кинилэр сэттэ оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэриттэн биэс оҕолоро – бары учууталлар:
-Кыыстара, “Бочуот знага” уордьан кавалера (2008 с.), “За развитие научно-исследовательской работы студентов” РФ түөскэ кэтиллэр бэлиэтин, «За заслуги в области науки» СР үөрэҕириитин министерствотын, «Педагогтар династиялара» түөскэ кэтиллэр бэлиэлэрин хаһаайыннара Смагулова Светлана Афанасьевна – физико-математическай наукалар кандидаттара. Билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-га физико-техническай институт кафедратын доцена;
-Мачахов Алексей Афанасьевич – биолог, географ, 25 сыл педагогическай ыстаастаах. Кэнтик орто оскуолатын үөрэнээччилэрин туризмҥа уһуйбута, СР үөрэҕин министерствотын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта;
-Семенова-Мачахова Наталья Афанасьевна – физик учуутал, Россия профтех-үөрэхтээһинин туйгуна;
-Мачахов Климент Афанасьевич – математика учуутала;
-Мачахова Галина Афанасьевна – математика учуутала.
Күтүөттэрэ Семенов Василий Семенович — РСФСР профтех-үөрэхтээһинин туйгуна.
Светлана Семеновна, Алексей Афанасьевич кыыстара Семенова- Мачахова Айталина Алексеевна билигин Харбалаах орто оскуолатыгар начаалынай кылаастар уонна математика учуутала, «Сыл учуутала» улуустааҕы күрэх кыайыылааҕа, бу күрэх республикатааҕы таһымыгар финалиһа.
Мачаховтар династияларын мааны кийиитэ Галина Прокопьевна Тотонова билигин М. Т. Егоров аатынан 2 №-дээх орто оскуолаҕа омук тылын учууталынан үлэлиир, СР үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ.
Улуус, өрөспүүбүлүкэ дириҥ билиниитин, киэн туттуутун, сүгүрүйүүтүн ылыахтарын ылбыт убаастабыллаах Мачаховтар династияларын төрүттээччи Афанасий Поликарпович Мачахов туһунан Үөһээ Бүлүү улууһун ытык киһитэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ульяна Терентьевна Тимофеева маннык ахтар:
- Улуус сайдыытын түстээбит дьоһун дьоммутун 21 үйэ ыччата билиэхтээх. 19 учуутал династияларын оҕолоро, сиэннэрэ оскуолаларга, оҕо тэрилтэлэригэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Саҥа үйэҕэ араас үлэ эйгэтигэр ыччаты бэлэмнииллэр. Холобурга, Мачаховтар Кэнтик, Быракаан, Балаҕаннаах, Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар үлэлээн ааспыттара.
Үөрэх-иитии үлэтигэр биллэр-көстөр суолу хаалларбыт директорынан Мачахов Афанасий Поликарпович уонна кини кэргэнэ Афанасьева Мария Ивановна буолаллар.
Мачахов А.П. 1931 с. Үөһээ Бүлүү оройуонун Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүт. Үрдүк үөрэхтээх, 40-тан тахса сыл математика, физика курдук уустук предметтэри оҕолорго олус өйдөнөр гына сатаан үөрэтэрин сөҕөрүм. Нэһилиэк оскуолата 1930 с. Дириҥ Күөлгэ аһыллыбыта, 1931 с. Тыымпыга көһөрүллэн, толору начаалынай оскуола буолта. Бастакы учууталынан Мачахов Федор Спиридонович үлэлээбит. 1962 сылтан оскуола аҕыс кылаастанар. 1970 сылга оскуола саҥа дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ, директорынан Мачахов А.П. үлэлээбитэ.
1973-1990 сылларга оскуола директорынан Мачахов А.П. кэргэнэ, ССРС уонна РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна Мария Ивановна Афанасьева ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ити сылларга оскуола кабинетнай системанан үөрэтиигэ, автоматизированнай кылааһы киллэриигэ (учуутал Мачахов А.П.) уопутун тарҕатар тирэх пуунунан буолбута. Математикаҕа, физикаҕа (учуутал Мачахов А.П.) республиканскай куоталаһыыларга 1-2 миэстэлэри ылаттаабыта.
Кэнтик нэһилиэгэр урут да,билигин да спорду таптааччылар элбэхтэр, олор истэригэр Афанасий Поликарпович хапсаҕайга Бүлүү зонатыгар, республикаҕа элбэхтик бастыыра, миэстэлэһэрэ.
Кэнтик орто оскуолата кыраайы үөрэтиини үөрэтэр-иитэр үлэҕэ табатык туһанар оскуола буолар. Ол курдук, Кэнтиккэ Филиппов Николай Никитич тэрийбит Чап уустарын тимир оҥоһуктарын музейын Афанасий Поликарпович сөргүппүтэ үчүгэйдик үлэлии, дьон-сэргэ киэҥ сэҥээриитин ыла турар.
1990 сылтан оскуола орто оскуола быһыытынан үлэлиир. Оскуолаҕа үлэлээн ааспыт директор Яковлев Василий Васильевич үлэлээбит кэмигэр иитэр-үөрэтэр уонна хаһаайыстыбаннай үлэлэр лаппа тупсубуттара, республикаҕа үчүгэй үлэлээх оскуолалар ахсааннарыгар киирбитэ. Ол үтүө үгэһи оскуола билиҥҥи эдэр педколлектива салгыырыгар эрэлбит улахан.
Үлэтин түмүгүнэн Афанасий Поликарпович Мачаховка “СӨ үтүөлээх учуутала” үрдүк аат иҥэриллибитэ.
Галина Васильева