Малаанньа көрүдьүөс былааччыйалара

Малаанньа оҕо сылдьан дьүөгэтинээн, Моруусалыын, ыра санааларын үллэстэллэрэ. Малаанньа тыаҕа олорон оҕо-уруу тэнитэн, сөбүлүүр идэтинэн үлэлиэм диирэ. Оттон Морууса соҕуруу үөрэх туттарсан сэдэх идэни талан, сахатын сиригэр биир тутаах үлэһит ааты ылары ыраланара.

Номнуо дьыл кэм ыраатан, билигин ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ. Баҕа санааларын толорон, Малаанньа тыаҕа иитээччинэн уһуйаанҥа үлэлээн сынньалаҥҥа олорор. Морууса билигин да Куоракка сэдэх үлэлээх буолан үлэлии сылдьар. Арахсыспат дьүөгэлиилэр олохторун оҥостон, ааспыт көрүдьүөстэрин көрсө түстүлэр да ахтан-санаан ааһаллар.

Малаанньа күн бүгүнүгэр дылы былааччыйа кэтэн киэргэнэн-симэнэн, оҥостон барарын олус сөбүлүүр. Урукку кэмин санаатаҕына сонньуйан, күлэн да ылар. Дьүөгэтэ, Морууса, соҕуруу үөрэнэ сылдьан посылка ыыппытын санаан кэллэ.

Почтаттан посылка кэлбитигэр, туома посылкатын почтаҕа да арыйыах курдук буолан ылла да туттунна. Дьиэтигэр кэлбитэ үс эмдэй-сэмдэй оҕолоро көрсө түстүлэр: «Маама, кэһии аҕаллын дуо?» — диэн посылка дьааһыгар үмүөрүстүлэр.

  • Эһиэхэ анаммыт кэһии буолбатах. Ыраах-ыраах куораттан дьүөгэм миэхэ ыыппыт, — диэн  Малаанньа оҕолоругар быһаарда. Дьэ эрэ, посылканы арыйбыттара, соҕуруу дойду хампыаттара. — Ээ барахсаным, Моруусам, оҕолорбун санаабыт,  — диэн үөрдэ Малаанньа. Оттон доҕоор! Икки сууну арыйбыта — былааччыйалар. Ийэлэрэ үөрүүтүттэн сиэркилэ иннигэр көрүннэ. Биир былааччыйатын сарсын үлэтигэр кэтиэм диэн былааннанна. Онтон биирин — «варенай» матырыйааллааҕын бырааһынньыктарга кэтэргэ сананна.

Сарсыныгар ох курдук оҥостон сиэҕэ суох, иннигэр сурааһыннардаах, күөх былааччыйатын, хара курунан быакаччы курданан барда. (Ол саҕана синньигэһэ, көнөтө диибин диэн. Билиҥҥитин курдук модьу буолбатах). Киһи 3 оҕолоох диэбэт, эдэрчи көрүҥнээҕэ.

Детсадыгар тиийбитэ, сменатын атастаһар иитээччитэ, саҥа былааччыйа ылыммыккын дуу диэтэ. Ону Малаанньа омунура, омунура дьүөгэтэ, Морууса ыыппытын кэпсээтэ.

Сэбиэдиссэйигэр, Өрүүнэҕэ, көрдөрөөрү кини хоһугар киирдэ. Өрүүнэ хайдах эрэ күлүөх курдук тутунна. Малаанньа иһигэр арааһа ымсыырда быһыылаах дии саныы-саныы, тэтэрээккэ былаанын суруксуттаата.

— Мелания Васильевна, былааччыйаҥ үчүгэй эрээри, суунан баран кэтиллэр былааччыйа дии. Матырыйаала эккин куурдар, махровай, — диэтэ сибиэдиссэйэ.

— Дуо? Оннук эбит ду… — диэн баран Малаанньа күлэн тоҕо барда, -Атыннык сиэркилэттэн арахпакка киэргэнии бөҕө этим, хааман кынталдьыйыы бөҕө этим, — дии-дии биир биир уоп күлүүнү күллүлэр.

Ол былааччыйа Малаанньаҕа уһуннук сулууспалаабыта. Эчи бөҕөтүн, эчи өҥүн сүтэрбэтин.

Аны иккис былааччыйа «варёнай» матырыйааллаах, икки улахан да улахан сиэптэээх, аны ичигэһэ бөҕөтө. Малаанньаҕа бэйэтигэр барара, кура суох эрээри биилинэн эрэһиинэлээх буолан үчүгэйдик көстөрө. Малаанньа бу ырбаахытын Саҥа Дьыл бырааһынньыгыттан саҕалаан араас мунньахтарга, үлэтигэр, быраабаҕа оройуоҥҥа барарыгар маанымсыйарыгар кэппитэ.

Биир үтүө күн, биэлсэр көрсөн сарсын сарсыарда 7 чааска икки оҕолоргун быһыыларын бэрибиэркэлэтэ оройуоҥҥа бырааска киирэҕит, сэбиэт массыыната ылан ааһыа диэтэ. Малаанньа кэргэнин кытары ааттаах эрдэ туран уоллаах кыыстарын байбаччы таҥыннаран олортулар. Аны ийэлэрэ бэйэтэ бэрт ыксалынан били «варенай» былаачыйатын сарт кына кэтэн кэбистэ, таһынан бээһиҥкэ кэттэ. Сэбиэт массыыната болдьоммут бириэмэтигэр оройуооҥҥа илдьэттии барда. Тиийдэ тиийээт уочараттаатылар. Уочараттара кэлбитигэр киирдилэр. Бырааһы кытта дорооболостулар. Быраас оҕолорун направлениеларын аҕал диэтэ. Малаанньа направлениеларын сиэбиттэн ылаары гыммыта  арай сиэбэ суох. Саатар быраас дьээдьэ буолан Малааннььа кыбыстан кытарыс гынна уонна билигин киириэм диэтэ. Таска тахсан былааччыйатын таҥнары кэппитин өйдөөн, кэннигэр барбыт сиэбиттэн бэрт нэһиилэ, илиитин кэдэччи тутта-тутта, ыгыста-ыгыста направлениеларын ылла. Былааччыйатын көннөрөөрү оҥостон эрдэҕинэ быраас ыҥырда. Быстыа дуу, ойдуо дуу, кэннигэр сиэптээх былааччыйатынан төттөрү киирдэ. Дьиэтигэр ыксалга буолан, направлениелары умнуом диэн былааччыйатын кэтэ илигинэ сиэптэригэр эрдэ укпутуттан кэмсиннэ. Инньэ гынан, күнү күннүктээн былааччыйатын таҥнары кэтэн, оҕолорун көрдөрөн кэлбитин билигин да Моруусатынаан санаан-ахтан ааһаллар. Ити түгэн кэнниттэн, Малаанньа  «варёнай» былааччыйатын сиэбин көрө-көрө кэтэр буолта.

Дьүөгэлиилэр билигин да билсэллэр, көрсө түстүлэр да былааччыйаларын ахтыһан ааһаллар, күндүтүк санаһаллар. Ама да ааспытын иһин, Малаанньа былааччыйалара көрүдьүөс да былааччыйалар этилэр.

 

 

Васильева Мария Гаврильевна

 Оҥхой нэһилиэгэ

 

 

Читайте дальше