Улахан дьиэ кэргэн Далбар Хотун ийэтэ буолан, сирдээҕи олохторун бүүс-бүтүннүү оҕолоругар, сөбүлүүр дьарыктарыгар анаабыт алаһа дьиэ маанылаах хаһаайкалара, аныгы олох сиэринэн ситиһиилээх дьахталлар биһиги кэккэбитигэр аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр олоҕу хамсатар, тапталынан, сырдыгынан, дьолунан эрэ угуттуу сылдьар ураты күүстээхтэр. Бүгүн биһиги «Ийэҕэ махтал», «За вклад в развитие детства» мэтээллэр хаһаайкаларын, былырыын улууска «Бастыҥ дьиэ кэргэн» аатын сүкпүт ытык ыал иһирэх ийэтин, эбээтин Марианна Афанасьевна Саввиновалыын кэпсэттибит:
— Марианна Афанасьевна, үтүө күн! Эйигин сандал сааһынан уонна кэлэн иһэр Аан дойду дьахталларын күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Кэпсэтиибитин саҕалыах. Хайа баҕарар ыал – ийэтиттэн уонна аҕатыттан саҕаланар. Кэргэниҥ кимий, иккиэн туох идэлээх дьоҥҥутуй?
- Кэргэмминээн Александр Семенович Саввиновтыын сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан алаһа дьиэни тэриммиппит 17-с сылыгар барда. Аҕабыт эрдэ ОДьКХ-ҕа операторынан уонна таас чоххо хачыгаарынан үлэлээбитэ. Быйыл бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, Тамалакаан орто оскуолатыгар харабылынан үлэлии сылдьар. Уолаттарын кытта сылгы иитиитинэн уонна ат сүүрдүүтүнэн сөбүлээн дьарыктаналлар. Бэйэбит сүөһү, сылгы ииттэбит. Онтон мин идэбинэн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго педагог-психологпын. Тамалакааҥҥа оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлээбитим. 2017 сыллаахха эбитэ дуу, арай соһуччу били этэр «орто саас кризиһэ» диэн ааттыыр кэрдиис кэмнэригэр үктэнним. “Мин бу сиргэ тоҕо кэлбиппиний, тоҕо сөбүлээбэт үлэбэр үлэлиэхтээхпиний?” – диэн элбэхтик толкуйга түһэн барбытым. Маннык сырыттахпына оҕолорго да туһаны аҕалыам суох, бэйэм да доруобуйабар охсууну ылыыһыбын диэн үлэбиттэн тохтообутум. Ол олорор кэммэр «Государственное и муниципальное управление» үөрэххэ үөрэммитим. Арай биир үтүө сайыҥҥы күн ыаллыы сытар Ороһу нэһилиэгиттэн балтым күүлэйдии кэлэ сылдьан хайдах эрэ киһи иһигэр киирэрдии: “Оттон оҕото ииттэ ыл ээ”, — диэтэ. Онуоха мин эмиэ толкуй бөҕөҕө түстүм, ол тоҕо оҕо ииттэ ылыахтаахпыный диэн. Уһуннук-киэҥник ырыҥалаан, кэргэммин кытта сүбэлэһэн баран, олунньуга оҕо дьиэтиттэн бииргэ төрөөбүт уоллаах кыыһы ииттэ ылбыппыт. Бу оҕолору ылыахпыт иннигэр бэйэбит икки улахан устудьуон уолаттардаах уонна үс кыра оҕолоох этибит. Бу биэс оҕобутугар ханыылаан, ити курдук эбии уоллаах кыыстанан хаалбыппыт, приемнай дьиэ кэргэн аатын сүкпүппүт.
- Приемнай дьиэ кэргэн буоллугут. Дьэ, атын оҕону бэйэ эппиэтигэр ылан иитэргитигэр туох уустуктары көрүстүгүт?
- Биллэн турар, тута барыта кылааккай, судургу баҕайы буолбатаҕа. Ылбыт оҕолорбутун кытта алтыһарга, бэйэ-бэйэбитигэр үөрэнсэргэ, биир дьиэ кэргэн буоларга уһун адаптацияны ааспыппыт. Ардыгар «Оҕолору таах-сибиэ да ииттэ ылбыппын дуу», — диэн санаалар кытта киирэн тахсааччылар. Онтон быйыл: “Бу оҕолору мин төрөппөтөх эрэ эбиппин. Кинилэри ийэлэрэ төрөтөн эрэ биэрбит, бу – мин бэйэлээх бэйэм оҕолорум. Этэргэ дылы, не бывает чужих и своих детей”, — диэн кытаанах түмүккэ кэлбитим.
- Олоххутун холбуургутугар элбэх оҕолоох ыал буолуохпут диэн санаа баара дуо?
- Оннук санаа суоҕа. Ол эрэн хас биирдии киһи олоҕо, ыйааҕа үөһэттэн ыйыллан турар. Сахалыы эттэххэ, окко түспүт оҥоһуум, сиргэ түспүт сэрэбиэйим буоллаҕа. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ оҕолорбут кэлиилэрин үөһэттэн Таҥара бэлэҕин курдук ылынабын.
- Оҕолоруҥ туһунан билиһиннэриэҥ дуо? Хас биирдиилэрэ тус-туһунан, ураты дьон буолуо?
- Улахан уолбут Рустам хоту Усуйаана улууһугар ыал буолан олорор, идэтинэн газ инженерэ. Кэргэнэ Галина Тамалакаантан төрүттээх, Силээннээх орто оскуолатыгар химия, биология учууталынан уонна үөрэх завуһунан үлэлиир. Икки оҕолоохтор. Хоту дойдуну сөбүлээн, билигин этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Иккис уолбут Слава Бэстээх тимир суолун техникумун бүтэрбитэ, кэргэнэ Диана Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх кыыс, эмиэ икки оҕолоохтор. Славабыт билигин Алдаҥҥа идэтинэн тимир суол тутуутугар үлэлии сылдьар. Онтон кэлэр уолбут Арылхан Тамалакаан орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ. 3-4 саастааҕыттан: «Мин улааттахпына сылгыһыт буолуоҕум», — диэн тыллаах буолара, ол да курдук тоһуттар тымныыны, өҥүрүк куйааһы, бырдаҕы-кумаары аахсыбакка аҕатын батыһа сылдьан сылгыларын көрсөр, буостуктаһар. Ииттэ ылбыт уолбут, Витябыт, билигин 8-с кылаас үөрэнээччитэ. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ кэллэ-кэлээтин акка сыстыбыта. Арылханнаах Витябыт иккиэн эр киһини толору солбуйар уолаттар буола улаатан эрэллэриттэн төрөппүттэрэ сэмээр үөрэбит: хотоннорун көрөллөр, ыраах сиргэ баран сылгыларын аһаталлар, булан аҕалаллар, сарсыарда 4-5 тураннар ат баайаллар, итини таһынан манна да, ыаллыы да сытар улуустарга бараннар ат сүүрдэллэр. Витя бэйэтэ спортка ордук сыстаҕас, араас көрүҥнэргэ өрүү бэйэтин холонон көрөр. Ол курдук, быйыл Ороһуттан үлэлии кэлбит баай уопуттаах тренер Игнат Гаврильевич Кысылбаиковка дьарыктана сылдьар, кинини олус сөбүлээтэ. Саҥа тустан эрэр диэтэххэ, Буучугурас турнирыгар ситиһиилээхтик кыттан, анал бириис хаһаайынынан буолбута. Онтон уолбут Эрэл 7-с кылааска үөрэнэр, гуманитарнай хайысханы, чуолаан историяны, политиканы ордук сэҥээрэр. В. И. Ленинтэн саҕалаан туох баар политиктары билэр, Сталин олоҕун-дьаһаҕын толору үөрэттэ. Бэйэтэ оннук хасыһар, үөрэтэр, билэр дьүккүөрдээх. Хаһаайыстыба өттүгэр сыһыаран эттэххэ, бэйэтин санаатыттан куурусса уонна кус ииттэр. Былаан оҥостон, харчы мунньунан кууруссаларын атыыласпыта. Бу көтөрдөрүн сайыҥҥы өттүгэр туулаан, балыктаан аһатар. Маны таһынан, сир асчыт бэрдэ. Ылла да, велосипедыгар олороот, сиргэ барар уонна иһитин хайаан да толорон кэлэр. Көстөөх сиргэ оттуур сирдээхпит, онно сытан сирин аһын хомуйа сылдьар. Хаптаҕастаабытын атыылаан эмиэ дохуот оҥостубута. Билигин харчы мунньунан, ынахтара ханна сылдьалларын билээри, булаары квадрокоптер атыылаһар сыаллаах. Ити курдук харчытын барытын үлэлээн мунньар, убайдара харчы бэлэхтээтэхтэринэ да, туттан кэбиспэккэ уурунар идэлээх. Витябытын кытта ииттэ ылбыт кыыспыт Нарыйа эмиэ 7-с кылааска үөрэнэр. Кини илиитигэр дьоҕурдаах. Иистэнэрин сөбүлүүрүн иһин иистэнэр массыына ылан биэрбиппит, онон кыралаан иискэ үөрэнэр. Итини сэргэ араас оҥоһуктары оҥорор, ыллыыр дьоҕурдааҕын таба көрөн, кыра кыыспытын кытта Марианна Владимировна Хобусарова салайар фольклор кылааһыгар үөрэнэллэр. Араас ырыа күрэхтэригэр кытталлар, ыллыыллар-туойаллар. Аны былырыыҥҥаттан үҥкүү куруһуогар сөбүлээн сылдьар, бииргэ үөрэнэр кыргыттарын кытта интернеттэн араас үҥкүү хамсаныыларын көрөн, толкуйдаан таһаараллар. Нарыйабыт олус көхтөөх, кылааһыгар баар тэрээһиннэргэ барытыгар кыттар. Улахан кыыспыт буолан, дьиэҕэ-уокка миэхэ саамай көмөлөөх киһим кини буолар, аһы да астыыр, дьиэни да сууйар, тугу барытын гынар бүгүрү үлэһит. Саамай кырабыт Сайнаара үһүс кылааска үөрэнэр. Эдьиийин Нарыйаны кытта тэҥ интэриэстээхтэр, ырыа-тойук, үҥкүү эйгэтин олус сэҥээрэллэр. Төһө да кыра саастааҕын иһин, былааннанар идэлээх, сарсыҥҥы күҥҥэ тугу гыныахтааҕын барытын эрдэттэн сурунан, ону толорор. Мин бэйэм ю-туб ханаалтан көрөн эмиэ былаан оҥостор идэлээхпин, ону оҕом көрө сылдьан үтүктэн, бириэмэтин сөпкө аттарарга үөрэнэр. Оҕоҕо мээнэ нотация курдук эт да эт, үөрэт да үөрэт буолбакка, бэйэ холобурунан иитэр быдан көдьүүстээх. Миигин үтүктэн сэрээккэлиир, сөпкө аһааһыны (правильное питание) тутуһар. Кыра эрдэҕиттэн бэйэтин бэйэтэ көрүнэ үөрэнэн, сарсыарда турарыгар будильнигын холбонон утуйар, туох баар уруогун барытын оҥорор, таҥаһын наскытыгар тиийэ плечиккэ ыйаан, бэлэмнээн кэбиһэр. Быһата, барытын эрдэттэн эрдэ оҥоро сылдьа үөрэннэ, киниэхэ дьыалабыай, лидерскэй хаачыстыбалары бэлиэтии көрөбүн.
- Марианна Афанасьевна, оҕону иитиигэ саамай сүрүнэ туохха сытар дии саныыгыный?
- Мин санаабар, дьахтар киһи оҕолоро кыра саастаах кэмнэригэр кинилэри көрөн дьиэҕэ олоруохтаах. Кинилэр иитиилэринэн дьарыктанан, хас биирдиилэрэ туох талааннаахтарын, интэриэстээхтэрин таба көрөн, ону сайыннарарга дьулуһан. Бу – төрөппүт ытык эбээһинэһэ. Тоҕо диэтэр, эдэрбэр, бастакы оҕолорбун төрөтөн баран, ийэлии уопутум да суох буоллаҕа. Ол иһин оҕолорбор оччолорго болҕомтобун толору уурбатах эбиппин. Онтон кэлин, олорон истэҕиҥ аайы, муударай өй эбиллэр, билииҥ-көрүүҥ кэҥээн иһэр буоллаҕа дии. Маннык санааҕа олоҕуран, кэлиҥҥи оҕолорбор төһө кыалларынан сүрүн болҕомтобун уурбутум, кинилэри эргиччи арыйар сыалы туруоруммутум. Итини таһынан, оҕону кытта аһаҕастык кэпсэтэр буолуохха наада. Кини туох санаалааҕын, туох кыһалҕалааҕын барытын ырытан, киниэхэ көмөлөргө дьулуһабыт.
- Оҕоҕо туох ордук улахан суолталааҕый: үп-харчы (материальнай) өттүнэн толору хааччыллыы дуу, биитэр киниэхэ таптал, кыһамньы дуу?
- Оҕону кытта сыһыаҥҥа саамай сүрүнэ – киниэхэ күүстээх, бэриниилээх таптал. Эн кинини таптыыр буоллаххына, кини улам-улам сибэкки курдук арыллан, иһигэр баар чаҕылхай кырыылара чопчуланан иһэллэр. Тапталга улааппыт эрэ оҕо инникитин ситиһиилээх, бу олоххо бэйэтин булунар диэн көрөбүн.
- Дьиэ кэргэн – аҕатынан диэн этии баар. Эһиги ыалга аҕаҕыт туох-ханнык оруолу ыларый? Дьиэҕэ-уокка, оҕону иитиигэ, хаһаайыстыбаны көрүүгэ-истиигэ?
- Аҕабыт Александр Семенович уолаттарын үлэнэн иитиигэ сүрүн оруолу ылар. Кыра саастарыттан кинини батыһа сылдьан үлэлээн-хамсаан, буһан-хатан, олоххо эр киһи быһыытынан бэлэмнээх буолуулара аҕабытыттан улахан тутулуктаах. Уолаттарбыт тыа олоҕун үлэтигэр сатаабаттара диэн суох, ханна да сырытталлар, эр киһи оҥоруохтааҕын, кыайыахтааҕын баһылаатылар диэн испэр сэмэйдик үөрэбин. Аҕабыт кэпсэтинньэҥ, судургу майгылаах буолан, оҕолорбут эмиэ дьону кытта уопсай тылы түргэнник булаллар.
- Аҕаҕыт уолаттарынаан Арылханнаах Витялыын улуус ыһыаҕын киэргэтэн кэлбит аатырбыт ат сүүрдээччилэрэ буолаллар. Бу туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
- Кэргэним уонна ити икки уолаттарбыт улуус ыһыахтарыгар, Олоҥхо ыһыаҕар элбэхтик ат сүүрдэн, көрөөччү биһирэбилин үгүстүк ыллылар. Бу – олус уустук үлэ, дьарык диэн сыаналыыбын. Сарсыарда тыҥ хатыыта туран аттарын баайаллар, элбэх хара үлэни толороллор. Арылхаммыт иккис кылаастан ат сүүрдүбүтэ. Аны кыра кыыспыт Сайнаара отой кыратыттан эмиэ акка сыстаҕас, бэйэтэ Монгол диэн аттаах. Онтун бэйэтэ мииннэн аҕатын кытта сылгы аһата барсар, көрсөр-харайсар.
- Элбэх түбүктээх, улахан хаһаайыстыбалаах ыал ийэтэҕин. Олоҕуҥ биир күнэ хайдах ааһарый? Бириэмэҕин хайдах былааннаан барытын ситиһэҕиний?
- Сарсыардаттан тугу гыныахтааҕым барыта биллэр, чуолкай. Туох баар үлэбин-хамнаспын барытын бүтэрэн баран, сөбүлүүр дьарыкпынан дьарыктанабын. Аныгы дьахтар бириэмэни кытта тэҥҥэ барсан иһиэхтээх, бэйэтин сайыннарыынан дьарыктаныахтаах, доруобуйатын көрүнүөхтээх дии саныыбын. Ыал ийэтэ үчүгэй доруобуйалаах, үөрэ-көтө сылдьар буоллаҕына эрэ дьиэ иһинээҕи эйгэ сылаас, сырдык, дьоллоох буолар. Ийэ кыыһыра-кыйытта сылдьар буоллаҕына, ол дьиэҕэ киһи кута-сүрэ тохтообот, уйаҥ ыһыллыбытынан барар.
- Дьиэ кэргэниҥ, хаһаайыстыбаҥ таһынан өссө туох эбии дьарыктааххыный?
- Бэйэм туохха барытыгар көхтөөх позицияны тутуһар киһибин, нэһилиэк депутатабын. Дьахтар сэбиэтин председателэ этим. Маны таһынан, нэһилиэгим иһигэр тыа үлэһит, боростуой дьонун туһунан хаһыат таһаарыынан дьарыктана сылдьыбытым. Онтон кэлин “Нууралдьыйа сонуннара” диэн телеграм-ханаал арыйан үлэлэтэбин. Манна даҕатан эттэххэ, Харыстаана диэн Ньурбаҕа баар айылҕалаах дьахтар миэхэ сахалыы Нууралдьыйа диэн ааты биэрбитэ, ол ааппынан ити ханаалбын ааттаабытым. Суруйарбын сөбүлүүбүн, ону сэргэ нумерологияны интэриэһиргиибин. Оҕолорум төрөөбүт чыыһылаларынан көрөн, хайдах дьон буолалларын эмиэ сиһилии үөрэппитим.
- Марианна Афанасьевна, бу сотору кэминэн «Далбар Хотун» республикатааҕы куонкуруска кыттаары сылдьаҕын, ити туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
- Быйыл «Саха» НХИК «Саҥа күн» биэриитигэр республикатааҕы “Далбар Хотун” күрэх ыытылларын туһунан кэпсээбиттэрин истэн, онно кыттардыы сайаапкабын толорон ыыппытым. Сүрүн усулуобуйатынан кыттааччы хаһаайыстыбалаах уонна элбэх оҕолоох буолуохтаах диэн этэ. Сотору буолаат, кыттар кыахтааҕым туһунан биллэрбиттэрэ. Быйыл «Далбар Хотун» формата уларыйан, телевизионнай күрэх быһыытынан студияҕа ыытыллар эбит. Ол иннинэ 11 Далбар Хотуттары улуустарынан кэрийэ сылдьан видеосюжет усталлар, бастаан Ньурбаҕа, онтон биһиэхэ сылдьан хайы-үйэ устан барбыттара. Онтон ол сюжеттарын таҥаннар муус устарга көрдөрүөхтээхтэр, манна кыайбыт кыттааччыга “Көрөөччү биһирэбилэ” номинация иҥэриллиэхтээх. Онтон муус устар ортотугар тиийэн студияҕа уһуллуохтаахпыт. Бу күрэххэ кыттарбар нэһилиэгим дьаһалтата, улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы департамена бары өттүнэн өйүүллэрин, туох кыалларынан көмөлөһөллөрүн биллэрбиттэрэ.
- Билигин дьиэ кэргэни, элбэх оҕолонууну өйүүргэ дойду үрдүнэн сүрдээх киэҥ үлэ, өйөбүл оҥоһулла турар. Бу тула тугу этиэҥ этэй?
- Дойдубут Президенэ Владимир Путин быһаччы көҕүлээһининэн биһиэхэ, элбэх оҕолоох ийэлэргэ, бары өттүнэн күүстээх өйөбүл оҥоһулла турар диэн бэлиэтээн этиэм этэ. Дьахтар дьиэтигэр олорон эрэ оҕолорун иитэр кыахтанна. Бу барыта – муударай салайааччыбыт, Президеммит ырааҕы өтө көрөн, дьиэ кэргэн институтун сайыннарар үлэтин үтүө түмүгэ.
- Марианна Афанасьевна, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын! Буолаары турар “Далбар Хотун” республикатааҕы куонкуруска ситиһиилээхтик кыттаргар баҕарабын! Алаһа дьиэҕитигэр дьол уйаланнын!
Галина Васильева