Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Мэйик нэһилиэгэр кэлэр 2025 сылга «Программа поддержки местных инициатив» диэн быраагыраамаҕа кыттыы нэһилиэк уопсай түмүктүүр мунньаҕа буолан ааста.
Олохтоохтор өттүлэриттэн элбэх бырайыак этиигэ киирдэ. Хас биир нэһилиэк олохтооҕо санаатын этинэн, түмүгэр куоластааһын түмүгүнэн дэриэбинэ иһинээҕи Новай уулусса оҥоруутун бырайыагынан бырагыраамаҕа кыттыы бигэргэннэ.