Миитэрэй Наумовы кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит

Атырдьах ыйын 30 күнүгэр ҮөҺээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа устуорук, дьон кини айымньыларын элбэхтик ааҕар, күүтэр, бэйэтин кытта сирэй көрсөн кэпсэтэллэрин сөбүлүүр ытыктыыр суруйааччыны Дмитрий Федосеевич Наумовы кытта истиҥ көрсүһүү буолан ааста.

Көрсүһүүгэ Дмитрий Федосеевич айар үлэтигэр сыҺыанын, «Республика», «Бүгүн эбэтэр хаһан да…» о.д.а сүҥкэн эппиэттээх историческай темаҕа суруйбут спектакллара театр сценатыгар туран хас сеанс аайы зал толору көрөөччүлээх үрдүк сыанабылы ылбытын, бу айымньылары суруйарыгар элбэхтик киин архыыптарга үлэлээбитин, архыып докумуоннарыгар олоҕуран суруллубутун сиһилии кэпсээтэ.
Кини билиҥҥи кэмҥэ «Өлбөөдүйбэтин кини аата» государственнай-политическай деятель
С. М. Аржаков туһунан спектакль турарыгар үлэ суруйа сылдьарын уонна пьесатын хас биирдии хартыынатыгар ханнык архыыптан ылыллыбытын барытын ссылкалаан, копиялаан театр үлэһиттэригэр биэрэбин диэн эттэ.
Түмүккэ Дмитрий Федосеевич «Кырдьыгы эрэ суруйар, кэпсиир, таһаарар кэм кэллэ. Суруйарым тухары суруйуом» диэн инникитин да элбэх суруйар былааннааҕын, саҥа идеялардааҕын бэлиэтээтэ.
Маны сэргэ Дмитрий Федосеевич 150 кэпсээннэрин театр артыыстара аахпыттарын флешкаҕа киллэрбитин, ону араадьыйаҕа холбоон истиэххэ сөбүн билиһиннэрдэ. Ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардар, кырдьаҕастар, мин айымньыларбын сөбүлүүр дьон ылан араадьыйаҕа холбоон истэллэр, сэҥээрэллэр диэн бэлиэтээтэ.
Көрсүһүү түмүгэр Л.А. Васильева, С.И. Дмитриев, И.Е. Чычахов харда тыл эттилэр.
Суруйааччы олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах «Билиҥҥи кэм кэпсээнньитэ» кинигэ быыстапката тэрилиннэ.
Дмитрий Федосеевичка айар үлэҕэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри! Ааҕааччыларгын саҥа айымньыларгынан үөрдэ тур, кэтэһэбит!

Евдокия Буртахова,

Киин библиотека үлэһитэ

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше