Муммут киһи кэпсээнэ

Түҥ тыаҕа уота-күөһэ, туох да ыһыга, аһа-үөлэ суох тыаҕа муна сылдьыбыт киһи кэпсээнин кылгатан бэчээттиибит. 
Кэпсээни, табыгастаах буоллун диэн, «бастакы сирэйтэн» суруйдубут. «Ааппын суруйума» диэбитин иһин аатын ааттаабаппыт. 

– Бэйэм авиация эйгэтигэр үлэлиир буолан, сылдьыбатах, бултаабатах улууһум диэн суоҕун да кэриэтэ. Син оччо-бачча дойдуну көрдөҕүм, хотунан-соҕуруунан сырыттаҕым буолуо гынан баран, бу быйыл төрөөбүт нэһилиэгим сиригэр-уотугар бултуу диэн тиийэн баран ыт буола сыһан төнүннүм.
Хата, тыыннаах хаалбыппар таҥараҕа махтал. Ол сотом ортотунан биир атаҕым быһыллыбыта диэн улахан дьыала буолбатах, протез кэтэн баран сүүрэн хаалыллыа буоллаҕа.
Хас да күнү быһа хам аччык, үлтү үлүйбүт киһи муна сылдьан билэр-истэр, саха-нуучча, омук таҥараларыттан барыларыттан ааттаспытым-көрдөспүтүм, тыыннаах хаалар түгэммэр бэлэх-туһах, сиэртибэ биэриэх, кимиэхэ эрэ чүмэчи туруоруох буолан тылбын биэрбитим. Арыый кэҥээтэрбин эрэ, таҥара дьиэтигэр барыахтаахпын. Дойдубар Дьокуускайтан доҕор уолбунуун иккиэ буолан тиийбиппит. Былаан быһыытынан, бу диэки сири-дойдуну барытын эҥкилэ суох билэр биир булчут табаарыспытын кытта бултуохтаахпыт.Бөһүөлэктэн биэс-алта көстөөх сиргэ баар үүтээҥҥэ билэр дьоммут бултуу сылдьалларын көрсөн, түүн хойукка диэри бэркэ күө-дьаа буолан кэпсэттибит. Ыһык да баардыҥы этэ…
Мунан хаалбыт остуоруйам уһун… Тугу да хоҥоруубар хоннорбокко, «оччо-бачча дойдуну көрүллүбүтэ» диэн курдук бэйэбэр олус эрэллээхтик сананан быстарбытым.
Дьиҥинэн, уйаара-кэйээрэ биллибэт халыҥ тыаҕа киһи мэлдьи бэйэ бодотун тардынан, иннин-кэннин хайынан сылдьыахтаах эбит. Тыа диэн тыа, куорат буолбатах. Холобур, мин бултуур үүтээммититтэн аҕыйах биэрэстэлээх сиргэ сылдьабын, наада буолла да тута тиийэбин диэн бүк эрэллээх этим.
Бу иһэн, олус туруору эниэлээх үрэҕи ыстанан туоруубун диэн, чараас муус алдьанан, икки атахпар ууну киллэрдим. Уот оттон атах таҥаһын кууртахха сатанар. Хасыһан көрбүтүм: сиэбим түгэҕэр үс-түөрт эрэ испиискэ маһын тоһоҕоһо, сиэрэ сэмнэҕэ эрэ баар эбит.
Сиэппэр икки хаа испиискэлээх этим да, били, үүтээҥҥэ хонорбор табахсыт табаарыстарым хостоон кэбиспит быһыылаахтар.
Миэхэ «бу кэнниттэн мунан эрэйи көрүөм» диэн санаа букатын да киирэн тахсыбата, уот оттунан атаҕым таҥаһын куурда сатаатым. Ол кэнниттэн, үүтээҥҥэ барбыт табаарыстарбын көрдүүр сыаллаах-соруктаах, хас да күнү быһа тиһигин быспакка салҕанан барбыт күннээх-дьыллаах хаамыым саҕаламмыта.
Бу сир сиһилии хаартата баара да, киһи туһаайыытын быһаарбат буолан туох да туһа суох. Олус хойуу хаар түһэр этэ. Дьиҥинэн, лүөччүк буолан хаартанан килиэптээн сиэн олорор киһи буоллаҕым. Муммуппун билэн тэтиммин түргэтэтэн биэрдим. Ол курдук, бастакы түүммүн кыратык да тохтуу, бытаара түспэккэ хааман аһардым.
Түүнүн ыйдаҥалаах буолан, хаамарга туох да хааччах суох. Сарсыныгар эмиэ күнү быһа тохтообокко хаамтым.
Кэлин санаатахпына, күҥҥэ кырата түөртүү-биэстии көһү хаамар буолуохтаахпын. Утаттахпына мууһу көйөн сиибин. Ол гынарбар уоспун муус уһугунан-кырыытынан, сыһыара-сыһыара сиирбэр дэлби хайыта суруйан кэбиспит этим.
Үһүс күммэр лаппа аччыктаатым, утуктаатым, сылайдым. Ытым оҕото сылайан, аччыктаан, салгыы барсар кыаҕын сүтэрэн ыйылыы-ыйылыы сытан хаалла (тыыннаах хаалар битэ тардыбыт эбит, өссө биир-икки күн сылдьыспыта буоллар өлөрөн сиэхтээх этим). Халлаан бастаан эрэ тахсарга ичигэс курдук эбит, хас эмэ суукканы быһа уота суох сылдьыах диэтэххэ, соччо бэрдэ суоҕа биллэн барда.
Ол саҕана кыраадыс ортотунан -25 курдук этэ.
Ити күн үрэх кытылыгар аҕыйах хонуктааҕыта киһи уоттанан олорбут сиригэр кэлэн соһуйуу бөҕөтө буолбутум, били икки күн анараа өттүнээҕи бэйэм уотум онно буолан кэлэппитэ.
Быһата, икки суукканы быһа эргийэн баран били сирбэр төннөн кэлбиппин.
Бу кэнниттэн саҕаламмыт эрэйи билигин саныы-саныы этим салаһар. Бука, үйэм тухары түһээн баттатарым буолуо. Күнүс күн муҥутуурдук сылыйар кэмигэр маһы тэлгэтэн баран кыратык нуктуу түһэбин. Олус сылайан, утуктаан нимси утуйан баран устунан үлүйэн өлөн хаалыам диэн өр сыппаппын.

Илиибин үтүлүкпүттэн хостоон баран сытабын, оччотугар утуйан иһэн илииҥ тоҥоруттан уһуктан кэлэҕин.
Түүҥҥү өттүгэр маһы кууһан туран утуйабын. Утуйдуҥ да сиргэ охтон уһуктаҕын. Тиэрэ бараргар сүгэ сылдьар икки сааҥ олус ыарыылаахтык сирэйгэ биэрэллэр. Ардыгар маһы кууһан туран утуйан баран сирэйгин-хараххын барытын мас умнаһыгар-хатырыгар үлтү «устуруустаан», ньиккэрийэн уһуктаҕын (кэлин көрдөххө, сирэйим-хараҕым иэдэйбит этэ).
Били, «куһаҕан кутуруктаах», «иэдээн соҕотоҕун сылдьыбат» диэн этэллэрэ бигэ силистээҕин-мутуктааҕын онно сылдьан өйдөөбүтүм. Бастаан тыаҕа тахсарбар кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр иннибэр-кэннибэр бэрт элбэх этэ. Холобур, кукаакы, тураах, чыычаах эгэлгэтэ, тииҥ-тайма дэлэйэ. Аччыктаан быстарбытым кэннэ, дьөрү, чыычаах да көстүбэт буолан хаалла. Көрдөрөн туран көстөөх сиртэн көтөн бараллар. Быһата, «муммут, хоргуйбут, уһугулаабыт киһини хара тыа кыыла кытта билэр эбит» диэн бигэтик итэҕэйдим.
Атыннык эттэххэ, «ити киһиэхэ чугаһаамаҥ, бириигэбэрэ ааҕыллыбыта» диэн туох эрэ, Айыы дуу, абааһы дуу, тыа иччитэ дуу ыйаах таһаарар быһыылаах. Дьиҥинэн, мин саа-сэп мааны киһитэ буоллаҕым, туох эмэ көстүбүтэ буоллар бырастыы гыныам суох этэ.
Кэлин, «саалаах эрээри хайдах уоту сатаан ылбатаххыный?» диэн киһи эрэ барыта ыйытан кыынньыыр. Баҕар, тугун эрэ кыайбатаҕым буолуо, ол гынан баран, сааттан уот ыла сатаан араастаан бары сордоно сатаабытым. Уот хатаммат этэ. «Крестный отец» диэн киинэҕэ мафиялар бэстилиэттэрин уоһун таҥаһынан суулаан баран (тыаһын иһитиннэримээри) ыттахтарына, таҥастара умайан кэлэр. Дьиҥ дьыалатыгар оннук буолбатах эбит.
Бу хаама сырыттахпына, атаҕым букатын иэдэйдэ. Кытайдар синтиэтикэттэн таҥан оҥорбут атах таҥастарын аны кэппэтэх кэттин. Тоҥмут уһуктаах мас мутуга курдары сылдьар, киһи атаҕа тыыммат…
Хаампытым үһүс-төрдүс күнүгэр атаҕым истэри-тастары барыта муус кыаһаан, ыар адаҕа буолан хаалла. Уота суох эрээри ону устан, арыйан да туһа суох. Дьиҥинэн, уста да сатаабытым иһин уһулар кыаҕым суох этэ.
***
Күнүскү өттүгэр өссө син сылдьыахха сөп, сырдык, арыый ичигэс эҥин буоллаҕа. Били «эбиитин кэннигэ тэп..» дииллэринии, түүҥҥү өттүгэр миигин буулаабатах өттүбүттэн буулаатылар. Баҕар, ким эрэ итэҕэйбэтэ буолуо гынан баран, иккис түүммэр кэннибиттэн миигин «дьон» батыһан баран үс түүнү быһа арахпакка сордоотулар (сорох дьон сылайан, аччыктаан «глюктаабытыҥ» буолуо дииллэр да, ама хайдах үс түүнү быһа арахпакка көрүөхпүнүй).
Бастаан уһун баттахтаах (санныларыгар тиийэр), сайыҥҥылыы чараас сарыы таҥастаах, толору сирэйдээх, кэтит сарыннаах, боотурдуу моһуоннаах икки тоҥус хоһууна батыһан иһэллэрин көрөн баран куттанан кутум ыстана сыспыта.
Адьас хаалбаттар, тохтоон күүттэхпинэ турунан кэбиһэллэр. Атахтара көстүбэт, устан эрэр курдук хаамаллар. Ону-маны саҥардахпына, «киэр буолуҥ, тоҕо батыһаҕытый!», «саанан ытыам, сүтэн хаалыҥ!» эҥин диэн хаһыытаатахпына, тохтуу биэрэн бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэллэр. Саҥалара иһиллибэт, биир кэм «бу-бу-бу» диэн дорҕоон эрэ иһиллэр. Ыйдаҥаҕа сирэйдэрин-харахтарын сыныйан көрөөрү, анаан күүтэн көрүтэлии сырыттым.
Сирэйдэрин билигин да бу баар курдук өйдүүбүн, сатаан уруһуйдуурум буоллар үүт-маас түһэрэн ылыам этэ. Ыйаастыгас харахтаахтар, үүт-үкчү маарыннаһар сирэйдээхтэр. Саха булкааһыга суох тоҥустар. Ини-биилэр быһыылаах. Аны туран, «абааһы күлүгэ суох» диир эбит буоллахтарына, бу дьон күлүктээхтэр.
Хааман истэхпинэ күлүктэрэ иннибэр-кэннибэр субу барыҥныы-күлүҥнүү испитэ. Бастакы түүммэр бу «ини-биилэр» кэннилэриттэн өссө эбии биир эдэр дьахтар көстө-көстө сүтэр этэ.
Ити дьонтон тугу-тугу көрдөспүппүн, ааттаспыппын, туох элэ-была тылын эппиппин билигин хатылыыр кыах суох. «Мин өлөн-сүтэн хааллахпына биэс оҕобун ким иитиэй? Күн-ый буолуҥ…» эҥин диэн тыл-өс, ытааһын-соҥооһун элбэх этэ. Ол эрэ буолуо дуо, маннык балаһыанньаҕа түбэспит киһи олорон кэлбит олоҕун барытын саҥалыы, туораттан көрөр эбит.

Тыыннаах киһи буоллаҕым. Ону туох диэн кистиэмий…
***
Хаампытым бэһис күнүгэр булчут үүтээнигэр тиийэн кэллим. Сахалар олус да бэрт сиэрдээх-абыычайдаах дьон эбиппит. Үүтээн иһигэр испиискэ, отторго бэлэмнэниллибит мас, чэй-туус, хочулуок, сүгэ, бэл илим кытта баар. Утуктаан, хоргуйан-сылайан киһи аатыттан ааспыт (биэс күн былаһын тухары муус үлтүркэйиттэн атын тугу да сиэбэтэҕим) киһи, тута уот отуннум. Оттор маһы киллэринэн баран, сыал-сорук оҥостон атахпын көрүннүм. Атаҕым бэйэтэ «баарын биллэрбэтэҕэ» бэрт өр буолла.
Бастаан утаа тоҥор-хайыыр этэ. Кэлин туйаҕынан хаама сылдьар курдук сананабын, атаҕым «эбээһинэһин толорон» хаамар эрээри, тугу да билбэт. Быһаҕынан сыралаһыы бөҕө буолан муус бөҕөтүн көйөммүн биир саппыкыбын биир чаас, иккиспин үс чаас устата эрэйдэнэн уһуллум.
Атахпын көрөн баран этим тарта. Били «өлбүт киһи атаҕа» диэбиккэ дылы ынырык хартыына, күп-күөх, дэлби дарбайбыт, тугу да билбэт, таас курдук.
«Үлүйбүт илиини-атаҕы тута буолбакка, мууска-хаарга уган аа-дьуо ириэриллэр» диэччилэр. Мин ону билбитим да иһин оннук дьаһанар-тэринэр кыаҕым суох, этим суоһунан угуттаан сылыта сатаатым. Туох эмэ ыстыыры көрдүүбүн да, туох да суох. Кураанах сэбирдэх чэйинэн, тууһунан киһи өнүйбэт эбит.
Бу олордохпуна, хас да күн кэнниттэн аан бастаан, үүтээним айаҕар үс ымыы чыычаах кэлэн түстүлэр. Олортон биирдэстэрин туоһапканан ытан ылан баран, буһарар-хайыыр кыаҕа суох, түүтүн үргэҥнэтэн баран сиикэйдии сиэн хардырҕатан кэбистим.
Уҥуоҕун да хаалларбатым. Онтум ууллубут сибиниэһи испит курдук куртахпын быһа салаан киирдэ.
Ирэн истэҕин аайы атаҕым ыарыыта сүрдэннэ. Хайыы-үйэ туран хаамар кыах суох буолбут. Ыарыытыттан ынчыктыы-ынчыктыы үҥкүрүйэ сылдьабын. «Атаҕым үлүйбүт, гангрена барбатын туһугар сүгэнэн быһа охсуллуохтаах. Бүтүн эт барбатын, өлбүт эт хаалбатын курдук ханан быһары эрэ таба таайыахха наада.
Ол быһыллыбыт да атах хаалбат, буһаран сиэн кэбиһиллиэ» дии саныыбын. «Сүгэнэн быһа охсоот да, өйү сүтэрбэккэ эрэ, атаҕым быһыллыбыт сирин итии тимиринэн хаарыйыахтаахпын» диэн баҕалаахпын. Ол курдук оһох таһыгар сүгэбин туппутунан утуйар-утуйбат, өйбүн сүтэрэр-сүтэрбэт туруктаах сытан хаалбыппын.
Бу түүн табаарыстарым суоллаан тиийэн кэлбиттэрэ. Кэлин билбитим, мин букатын да ыаллыы сытар Кэбээйи улууһун сиригэр киирэн хаалбыт эбиппин. Миигин булалларыгар били хаалбыт ытым оҕото эмиэ кэккэ туһа буолбут этэ.
Баай хара тыа барахсан халлааны хабарҕатынан, муораны тобугунан санаммыт хайа баҕарар дууһаны тута кум-хам тутар, буойар-бооччойор, үөрэтэр-такайар дьоҕурдааҕын билигин мин билэбин.
Арай, түүн миигин туох «дьоно» батыспыттарын өйдөөбөппүн. Миигин быыһыыр үтүө иччилэр эбиттэрэ дуу, куһаҕаны түүйэн батыспыт абааһылар буолаллара дуу.
Кэпсэммити сурукка тистэ 
Иван ГАВРИЛЬЕВ

Читайте дальше