“Муҥха туһунан сүүстэ кэпсээбиттээҕэр биирдэ көрбүт быдан ордук” диэн бүгүн биир төрөппүт бэргэнник да этэн суруйбут! Исиидэр Бараахап аатынан орто оскуола 7-10 кылааһын үөрэнээччилэрэ эр дьон учууталлар салалталарынан Тамалакаан нэһилиэгин муҥхатыгар кыттыһан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэллилэр. Кырдьык даҕаны, үгүс оҕолор, ол иһигэр кыргыттар, муҥха диэни урут истэр эрэ буоллахтарына, бүгүн бэйэлэрэ тутан-хабан, көрөн-истэн, туттар тэриллэр ааттарын, хас биирдии муҥхаһыт чопчу соруктаах буоларын, муҥха сокуоннарын биллилэр.
Тамалакааннар “Бүлтэс” диэн эбэҕэ икки муҥханы түһэрэннэр, Күөх Боллохтон бэриһиннэрэн, куду астаран маанылаппыттар, мустубут дьоҥҥо тэҥинэн түҥэппиттэр. Оҕолор барахсаттар биирдии лаппаахы балыктарын муҥхаһыт дьон сиэринэн сүкпүтүнэн дьиэлэригэр төһө эрэ үөрэн-көтөн, муҥутуур кыайыылаах курдук сананан киирэн кэлбиттэрэ буолуой! Ону кинилэр төрөппүттэрэ кылаастарын салайааччыларыгар ыыппыт махтал суруктарыттан ааҕан бары да үөрдүбүт, эгди буоллубут: “Наһаа үчүгэй сырыы буолла. Оскуола коллективыгар махтал!”, “Бэрт сырыы буолбут. Оскуола коллективыгар итиччэ элбэх оҕону эппиэтинэскэ ылан, кыстыкка киирии биир саамай үчүгэй кэмин – муҥханы көрдөрбүттэригэр улахан махтал!”
Антонина Хобусарова