Бүгүн Оҕо искусствотын оскуолатыгар дьоллоох түгэн тосхойдо, ол курдук, самодеятельнай композитор, мелодист, ССРС Култууратын туйгуна, общественнай корреспондент Николай Иванович Бойлохов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах кини аатын сүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо искусство оскуолатын киэҥ уораҕайын тиэргэнигэр Николай Бойлохов сырдык мөссүөнүн көрдөрөр өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэ үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Үөрүүлээх арыллыыга Николай Иванович дьиэ кэргэнэ, оҕолоро Александр Николаевич, Саргылана Николаевна, Дария Николаевна, кийиитэ Любовь Андреевна, сиэннэрэ кыттыыны ыллылар. Ону тэҥэ, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыга Максим Силигиянов, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова, Оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Иванов, улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээн туран, Николай Иванович оҕолоругар махтал тылларын анаатылар, эҕэрдэ суруктарын туттардылар. Бэлиэтээн эттэххэ, биллиилээх композитор оҕолоро бэйэлэрин күүстэринэн үбүлээн, күндү киһилэрин мэҥэ бэлиэтин Дьокуускай куоракка оҥоттордулар. Дьиэ кэргэн сылыгар бу мэҥэ бэлиэ турбута ордук суолталааҕын, дьиэ кэргэн түмсүүлээҕин, историятын үрдүктүк тутарын көрдөрдө.
Оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Валерьевич бэлиэтээбитинэн, дьиэ кэргэн бэйэлэрин күүстэринэн маннык мэҥэ бэлиэни оҥотторон туруорбуттара – улуус киинигэр бастакы түгэнинэн буолла уонна Бойлоховтар дьиэ кэргэттэриттэн үтүө холобур ылан, биллэр-көстөр дьоммут мэҥэ бэлиэлэрэ улууспутугар арыллан иһэллэригэр баҕарда. Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыга Максим Филиппович эҕэрдэ тылыгар «Николай Бойлохов бюһугар өссө дьон-сэргэ кэлэн сынньанар, күүлэйдиир сквера баара буоллар», — диэн эппитин олохтоохтор үөрэ-көтө иһиттилэр.
Николай Иванович оҕолоро мустубут дьоҥҥо истиҥник махтанан туран, Айталина Михайловнаҕа, Максим Филипповичка уонна Анатолий Валерьевичка махтал суруктарын кытары сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Николай Иванович Бойлохов аата үйэлэргэ ааттана турарыгар, кини аатын сүгэр Оҕо искусство оскуолатын ааттатар выпускниктар тахса турдуннар диэн мустубут дьон баҕара хааллылар.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Хаһыакка 2025 сылга сурутуу бара турар: https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976