Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө Оҕо сайдар киинин «Үрүйэчээн» уһуйаанын «Чуораанчык» бөлөҕүн иитээччилэрэ кырачааннарга анаан Түгэхтэй алааһыгар саха балаҕаныгар аралдьыйыы ыыттылар.
Көмүлүөккэ уот оттон, холумтан тула олорон сахалыы остуоруйа кэпсээтилэр, араас сахалыы оонньуу ыыттылар, күөрчэх ытыйан алаадьы, лэппиэскэ астаан амсаттылар.
Иитээччи Владимир Васильев «Саха сирин» гимнин оҕолорго үөрэтэн ыллатта. Бу курдук сэргэх тэрээһиннэр оҕо эргиччи сайдарыгар олус көмөлөөхтөр.
Барыгытын Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэлиибит. Сир үрдүгэр эйэлээх олоҕу! Туругурдун ситиһии, эрэллээх доҕор аттыгытыгар куруук баар буоллун!
Түгэнинэн туһанан»Эйгэ» МАТ, салайааччытыгар Мария Платоноваҕа улахан махталбытын тиэрдэбит.
Сонуннарга анаан иитээччи Вероника Протопопова