Россияҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн «Дьиэ кэргэн өрөбүллэрэ» диэн федеральнай таһымнаах бырайыак чэрчитинэн, бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр доруобуйаларын хааччахтаах оҕолордоох дьиэ кэргэттэр сайыны көрсө айылҕаҕа тахсан сынньаннылар.
Сэргэх тэрээһини «Эйгэ» этнокомплекс түһүлгэтигэр «Тускул» оҕо киинэ, «Харысхал» аһымал пуонда уонна дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отдела иилээн-саҕалаан, көҕүлээн тэрийдилэр.
Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова улуус олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар, доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолордоох төрөппүттэргэ улуус баһылыгын аатыттан махтал суруктары туттарда.
Көрбөттөр уопсастыбаларын салайааччыта Айыына Заболоцкая, «Харысхал» өрөспүүбүлүкэтээҕи пулҥда бэрэстэбиитэлэ Зария Мойтохонова эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Сонун тэрээһиҥҥэ 12 дьиэ кэргэн кыттыыны ылан, оҕолор оонньоон-көрүлээн, бириис, бэлэх тутан, атын оҕолордуун алтыһан, билсиһэн, төрөппүттэр ирэ-хоро кэпсэтэн, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат