Ил Дархан Айсен Николаев быһа эфирын кэнниттэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Тумусова санаатын үллэһиннэ:
— Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев быһа эфирын истэн сэргээтим. Күүстээх үлэ барар, түмүгэ да көстөр үлэ бара турар эбит. Бэйэм ийэ, эбээ буоларым быһыытынан, ордук дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах этиилэри иһиттим. Айсен Сергеевич этэринэн, Саха сиригэр быйылгы көрдөрүүнэн төрөөһүн аҕыйаата диэтэ. Олорор саас уһууругар доруобуйа харыстабылын өттүнэн күүстээх үлэлэр, көмөлөр бара тураллар. Дьиэ кэргэн институтун өйүүргэ элбэх бырагыраама үлэлиир. Ону сөпкө туһананнар, оҕону иитиигэ болҕомтолорун уураллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Оҕолоро доруобай, сайдыылаах буолалларыгар дьарыктанныннар, улааттыннар диэн босуобуйалар, чэпчэтиилэр көрүллэллэр дии саныыбын.
Улахан болҕомто СВО тиэмэтигэр ууруллар. Ол туһунан кэпсэтии буолла. Биллэн турар, ыарахаттар бааллар. Бюрократияттан, биир кумааҕыттан сылтаан төлөнүөхтээх көмөлөр ситэ көрүллүбэккэ туралларын, онуоха Айсен Сергеевич миэрэ ылбытын сэргии иһиттим. Россия, Саха сирэ, Үөһээ Бүлүү иһигэр патриоттуу санаалаах, дьиҥ ийэлэр сүрэхтэриттэн тахсар, көмөнү оҥорор Далбар Хотуттар, Эр Хоһууттар наһаа элбэхтэр. Бу сайын уолаттарбытыгар көмөлөһөн бэйэм сэмэй кылааппын киллэрбиппиттэн наһаа үөрэбин, киэн туттабын. Кыайыы чугаһыырыгар туох эрэ кыттыгастаахпын диэн санаалаахпын. Биһиги туспутугар, дьоллоох олохпут, ыраас халлааммыт туһугар байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар сүгүрүйэбин. Кинилэр этэҥҥэ эрэ кэллиннэр…
Тыа хаһаайыстыбатыгар даҕаны, кыра кумааҕылартан сылтаан туһааннаах киһиэхэ көмө тиийбэккэ турарын, уһаан-тэнийэн, суумата кыччаан тиийэрин Айсен Сергеевич сүрдээх хомолтолоох диэтэ. Ону туоратыыга эмиэ күүстээх үлэ бара турарын эттэ, ол дьыала көнүөҕэ диэбитин сөбүлүү иһиттим. Аҕыйах хонуктааҕыта тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар убайбын кытары кэпсэппитим, Ил Дархан бу эппитин истэн бараммын убайым көмөнү ылыыһык диэн сэргээтим.
Айсен Сергеевичтыын биир оскуолаҕа үөрэммиппит. Тылын-өһүн олус сөбүлүүбүн. Сахалыы буоллаҕына чоп сахалыы, нууччалыы буоллаҕына нууччалыы чуолкайдык, ыраастык саҥарарыттан астынабын. Кэпсии-ипсии олорон салайааччыларга убаастабылын биллэрбитин үчүгэй хаачыстыбата дии саныыбын.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат