“Олох оскуолата” тэттик киинэ биһирэмэ буолла

Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылыгар

Биир дойдулаахпыт, «Норуоттар доҕордоһуулара», «Бочуот Знага», «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннар кавалердара, бөдөҥ общественнай диэйэтэл, саха норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев — Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан олус элбэх тэрээһиннэр буоллулар. Олортон биир истиҥнэрэ – “Олох оскуолата” айымньытынан тэттик киинэ. Бу киинэ-сериал курдук ньыманан уһуллууну Ороһутааҕы норуодунай тыйаатыр, модельнай библиотека уонна “Иэйиэхсит” оҕо түмсүүтэ оҥорбуттар. Тэттик киинэ иккис сезонугар Харбалаах оскуолатын үөрэнээччилэрин ыҥыртаан уһулбут сиэрийэлэрин биһирэмэ буолла. Саас-сааһынан кэпсээтэххэ маннык.


Ороһутааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Жанна Семеновна Иванова оҕо сылдьан Н. Якутскай бу кинигэтин олус сэҥээрэ истибит да, аахпыт да. Кэлин улаатан, үлэһит буолан, бу айымньыны арай киинэ гыныым диэн санаа үөскээбит. Ону олоххо киллэрэн, тус бэйэтэ сынаарый суруйан, устан тэттик киинэ оҥортообут. Сүрүн дьоруойдары олохтоох норуодунай тыйаатыр артыыстара Романов Петр Романович, Туралысова Екатерина Алексеевна уонна 6-с кылаас үөрэнээччитэ Сергей Исаков оонньообуттар. Киинэҕэ “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕүн (сал. Михайлова Нина Никитична) кыргыттара олус үчүгэйдик уруһуйдаан, куукулалары хамсатан, киинэ биир түһүмэҕин оҥорбуттар. Кыракый Быытык (Н. Якутскай таптал аата) учууталын 10-с кылаас үөрэнээччитэ Алмаз Николаев оонньоото. Киинэ балаҕаҥҥа, ойуурга, суруйааччы төрөөбүт алааһыгар Дөлөкөйгө уһуллубут. Дьыл кэмнэрин — сааһы, күһүнү, кыһыны барытын хаппыттар. Сюжеттар тэтимнээхтэр, иитэр-үөрэтэр суолталаахтар. Тыаһа-ууһа олус табыллыбыт.


Киинэ биһирэмин кэннэ төрөппүттэр уолаттара уһуллубуттарыгар, төрөппүт Кузьмин Ибрагим Ильич массыынатынан тиэйэн илдьибитигэр олус үөрэн, астынан туран махталларын биллэрдилэр, сүрүн дьоруой Сергей Исаков оруолун бэркэ арыйбытын сөхтүлэр-махтайдылар. Дьүкээбил уол Дьыл оҕуһун кытта охсуһар сюжетыгар оҕолор олус үчүгэйдик уруһуйдаабыттарын бэлиэтии көрбүттэрин эттилэр итиэннэ өссө да ыҥыра тураарыҥ диэн баҕа санааларын эттилэр. Түмүккэ Николай Якутскайы билиигэ, араас остуол оонньууларыгар күрэхтэһии буолла. Дьэ, ити курдук биир дойдулаахпыт туһунан үгүс тэрээһиннэртэн биир олус сыралаах, ол гынан баран түмүктэн дуоһуйууну биэрбит тэттик киинэ биһирэмэ итинник долгутуулаахтык ааста.

Евдокия Семенова, Исидор Барахов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэл исписэлииһэ

 

Читайте дальше