Кыайыы 75 сылын көрсө, 2020 сыллаахха, Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Иванова Жанна Семеновна «Ороһу нэһилиэгэ Аҕа Дойду улуу сэриитин кэмигэр дьылҕата» диэн дьоһуннаах кинигэни хомуйан таһааттарбыта, ковид ыарыы өрө туран улаханнык дьон- сэргэ, оҕо-уруу ортотугар кинигэ ис хоһооно кэпсэммэккэ хаалбыта.
Сарсын Улуу Кыайыы 79 сылын уруйдуур, айхаллыыр күҥҥэ кинигэ туһунан ахтан ааһар тоҕоостоох.
Кинигэ күн сирин көрөрүгэр үбүлээбит уонна кинигэ киирии тылын Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 2003-2005 сс., 2007-2024 сс. «Ороһу нэһилиэгэ» муниципиальнай тэриллии баһылыга Антонов Анатолий Васильевич сэрии кэмигэр олохтоох салайыыга, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр үлэлээбит төһүү үлэһиттэри уонна 1952-2020 сс. Ороһуга сайдыы тутулун суруйбут.
Кинигэ 5 түһүмэхтэн турар.»Ороһулар сэрии иннинэ эйэлээх олоххо» бастакы түһүмэҕэр «Ороһу нэһилиэгэ» кинигэттэн таҥыллан суруллубут. «Уоттаах сэрии сыллара» иккис түһүмэҕэр,» Төрөөбүт төгүрүк алаастарыттан төннүбэтэхтэрэ» диэҥҥэ 49 сэрии бэтэрээннэрэ, сэрии иннинэ олорон ааспыт олохторо, ханнык чааска сэриилэспиттэрэ, ханна көмүллүбүттэрэ, «Аҕа дойдуларын көмүскээн кэлбиттэрэ» 57 сэрии бэтэрээннэрэ сэриигэ хорсуннук охсуспуттара, эйэлээх олоҕу уһансыбыттара суруллубуттар. «Үлэ фронун кыттыылаахтара» үһүс түһүмэххэ 23 тыыл бэтэрээннэрин туһунан ахтыылар киирбиттэр. «Үөһээ Бүлүү большевига» хаһыат 1943-45 сс. төрдүс түһүмэҕэр 21 ыстатыйа «Кустук» , «Саҥа олох» ,»Кыһыл өтүйэ»холхуостар тустарынан сырдатыллыбыт. Элбэхтэн биири холобурдаатахха, «Саҥа олох » колхоз колхозтаахтара район атын колхозтаахтарын курдук героическай Кыһыл Армия кэргэттэригэр уонна Аҕа Дойду сэриитигэр кыттыбыт инвалидтарга көмө фондатын хаҥатыыга 1945 сыллаах өлгөм үүнүүлэрин дохуоттарыттан 10 кг. арыыны, 500 солкуобай харчыны суруттардылар»(1945с., алтынньы 5 күнэ).
«Айар куттаах биир дойдулаахтарбыт сэрии кэмин хоһуйаллар» бэһис түһүмэххэ, П.Н.Тобуроков «Оҕо ытыы турара», «Таас буолан тиллибиттэр», таайыгар В.К.Ивановка-Кустуктуураапка анабыл хоһооно. В.Ф.Гольдеров — Ороһу Уола «Үйэлээх өйдөбүнньүк», И.Е.Иванов — Ороһуунускай «Айхаллан ,Кыайыы күнэ», » Ветераннардыын көрсүһүү»,»Эйэ күннээх туруохтун», «Россия саллаатын өйдөбүнньүгэр»,»Эйэ иһин куоластааҥ». М.С.Борисов «Ким да умнуллубат,туох да умнуллубат», » Дуолан дойду устун дуораһыйдын Кыайыы күнэ», «Айхал эйиэхэ — норуот буойуна!», «Кырыктаах кыргыһыы». И.Н.Докторов «Кыайыы күнэ». С.Д.Дуранова «Ороһум саллааттарыгар», «Кыайыы 65 сылыгар анаан». М.В.Няникова » Уруйдуубут улуу Кыайыыны». Е.В.Петюрканова » Бартара», «Кыайыыны аҕалыы». Г.П.Бечеряков «Ороһум ветераннарыгар». Е.С.Тобохова «Кыайыы күнэ», Иранна Фёдорова «Махтал эйиэхэ, бэтэрээн эһэбэр» хоһоонноро киирбиттэр.
» Хаартыскалар кэпсииллэр» түһүмэххэ 171 Ороһу олохтоохторун хаартыскалара түмүллэн киирбитэ кинигэ ис хоһоонун ситэрэн -хоторон , тупсаран биэрбит.
Тус бэйэм, «Ороһу нэһилиэгэ Аҕа Дойду улуу сэриитин кэмигэр дьылҕата» кинигэ Ороһу нэһилиэгин устуоруйатыгар, чуолаан Аҕа Дойду сэриитигэр Кыайыыны уһансыбыт дьон, өлбөт-сүппэт үйэлэммиттэр», — диэн үөрдүм.
Нина Михайлова, Ороһу.