Оскуола оҕолорун спартакиадата саҕаланна

Оскуола үөрэнээччилэрин «Спортивные якутяне» спартакиадата бэс ыйын 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка саҕаланна. Саха сирин бары улуустарыттан уопсайа 1632 эдэр спортсмент мустан, 300-тэн тахса ыалдьыт кэлэн киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ кыттыахтара. 50 волонтер үлэлиэҕэ, 27 кубок уонна 457 мэтээл оонньонуоҕа. Мантан 137-тэ — кыһыл көмүс.

Санатар буоллахха, үөрэнээччилэр Спартакиадалара үөрэх дьылын устата 4 бөлөҕүнэн 29 спорт көрүҥүнэн ыытыллар.

Бу күннэргэ түмүктүүр түһүмэх 9 спорт көрүҥүнэн ыытыллар: бокса, көҥүл тустуу, чэпчэки атлетика, дуобат, саахымат, оҕунан ытыы, гиирэ спорда, волейбол уонна мас тардыһыыта.

Биһиги улууспутуттан 64 спортсмен оҕо кыттар уонна 22 бэрэстэбиитэл үлэлиир. Гиирэ спордун сүрүн тренерэ Николай Кардашевскай номнуо үчүгэй сонуннана. Ол курдук, улууспут туһатыгар күрэхтэһии бастакы күнүгэр бастакы ситиһиилэр кэллилэр.  Индиана Гаврильева кыһыл көмүс мэтээл хаһаайката буолла.  Үрүҥ көмүс мэтээли  Элеонора Павлова ылла. Ону тэҥэ боруонса мэтээллээх  Максим Игнатьев буолла.

Сонуннарга анаан Альбина Иванова

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше