Петр уонна Феврония диэн кимнээхтэрий уонна бу бэлиэ күҥҥэ туох сыһыаннаахтарый?
Бу былыр, 13-с үйэ Муром куоракка олоро сылдьыбыт дьон. Петр Февронияны көрсүөн иннинэ кинээс эбит. Дойдутун салайа олорон улахан ыарыыга ылларбыт. Биирдэ түһээн көрдөҕүнэ, Феврония диэн ааттаах кыыс кинини кэлэн эмтиир. Ол кэннэ кинээс түүлүгэр итэҕэйэн, Феврония диэн ааттаах кыыһы булан аҕаларга дьаһал биэрэр. Кырдьык, Феврония диэн кыыһы булан аҕалаллар уонна кини кинээһи эмтээн кэбиһэр.
Петр үөрүүтүттэн уонна махталыттан кыыһы кэргэн ыларга сананар. Ол эрээри, кинээс дьадаҥы, аата-суола суох кыыһы кэргэн ыларын сүбэһиттэрэ күүскэ утараллар. Ол иһин кинээс кинилэр санааларыгар киирэн, аккаастанан кэбиһэр.
Кэлин кинээс иккистээн ыалдьар. Бу сырыыга кинини эмиэ Феврония кэлэн эмтээн үтүөрдэр. Бу кэмҥэ кинээс кыыһы ис сүрэҕиттэн таптаан, кэргэн ылбыт. Боярдар ону сөбүлээбэккэ, кинээстэрин утары айдаан тардыбыттар. Петр кэргэнин быраҕыан баҕарбатах, онон иккиэн атах-балай барбыттар. Норуот маны билэн баран, боярдары тохтотолоон, кинээстэрин төттөрү кэлэригэр көрдөспүттэр.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат.