Саахар диабетын содула олус улахан

Бу туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа эндокринолог бырааһа Кристина Иннокентьевна НОГОВИЦЫНА кэпсиир 

 Саахар диабета аан дойдуга барытыгар өрө турбут ыарыынан билиннэ. Бу ыарыынан 540-н ордук мөл. киһи ыалдьар. Эпидемиологтар ыалдьар дьон ахсаана 2025 сылга 560 мөл. тиийиэҕэ диэн сабаҕалыыллар.

Сылын аайы саахар диабетынан ыалдьар киһи ахсаана 65000-ҕа диэри эбиллэр Ол төрүөтүнэн аан дойду балысханнык сайдарыгар көстөр итэҕэстэр содулларыттан олохпут укулаата уларыйыыта буолар. Полуфабрикат, фасфуд бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын баһыйбыта,  ас-үөл хаачыстыбата мөлтөөбүтэ, олох тэтимэ түргэтээбитэ, ол түмүгэр уйулҕа мэлдьи стресскэ сылдьара, хамсаныыта, салгына суох кэбиниэт үлэтэ-бу барыта киһи  уойуутугар тиэрдэллэр. Итинэн сиэттэрэн, саахар диабета мэдиссиинискэй-социальнай кыһалҕаҕа кубулуйда.

Биһиги улууспутугар саахар диабеттаах ыарыһах ахсаана, учуокка ылыллыбытынан 560-н тахса. Бу сыыппара күн ахсын биирдии-иккилии киһинэн эбиллэр. Ыарыыны буларга  профилактика кэбиниэтин үлэтэ улаханнык көмөлөһөр. Нэһилиэнньэ доруобуйатын диспансеризациянан уонна медисиинискэй көрүүнэн хабыы түмүгэр, саахардарын таһыма үрдээбит дьону эндокринолог-быраас ситэри чинчийиитигэр ыыталлар. Диагноһа бигэргэннэҕинэ- учуокка ылыллар.

Ыарыы содула олус улахан. Ыарыһах сүрэҕэр, тымырдарыгар, сүһүөхтэригэр, харахтарыгар уонна да атын уорганнарыгар дьайар кутталлаах. Сэтэрээн бардаҕына, харахтара көрбөт буолуон, бүөрдэрэ сүһүрэн аккаастыан, тымырдара кэбирээн инфаркт, инсульт ыарыыга тиэрдиэн сөп.

Саахар диабета – ноор былчырхайдарыгар оҥоһуллар инсулин гормон тиийбэтиттэн, киһи хааныгар саахар таһыма үрдүүрүттэн үөскүүр олоҕурбут ыарыы. Саахар диабеттаах киһи олорорун тухары эмтээх диетаны, саахары түһэрэр эми иһиэхтээх эбэтэр инсулин укуолун ылыахтаах.

Саахар диабетын сүрүннээн   2 тииптээх:

.1-кы тииптээх диабет

1-кы тииптээх саахарнай диабетынан кыра уонна обургу оҕолор, 30-гар диэри саастаах эдэрчи дьон ыалдьаллар. Оҕолор вирустаах инфекциянан ыалдьыбыттарын кэнниттэн (куор, кыһыл ымынах, эпидемическай паротит) сыыстараллар.

2-с тииптээх диабет

2-с тииптээх саахар диабетыгар үксүн 40 саастарын ааспыт, олус уойар дьон ылларар. Бу көрүҥ генынан бэриллиэн эмиэ сөп. Ыарыы сайдар төрүөтүнэн уойуу, хамсаммат буолуу, иҥэмтиэтэ суох аһылыкка охтуу, артериальнай гипертония, сааһырыы, стресс буолаллар.

Биллэрэр бэлиэлэр:

-Ыарыһах бастаан айаҕа куурар, утатар. Ол иһин элбэх ууну иһэр, сотору-сотору ииктиир, тириитэ кыһыйыан, этэ бааһырыан, хаанын баттааһына үрдүөн, сүрэҕэ ыарытыйыан сөп.

-2-с тииптээх диабеттаахтар ыйааһыннара үрдүүр, уойаллар, сүһүөхтэрэ ыалдьар. Ордук үгүстүк көстөр бэлиэлэр: сотору-сотору ииктэтэр, утатар, түргэнник сылайар.

-1-кы тииптээх диабеттаах дьон ыйааһыннара түһүөн, истэрэ ыалдьыан сөп, сүрэхтэрэ көбөр, хотуолууллар, утуктууллар, сэниэлэрэ эстэр. 1-кы тииптээх саахар диабеттаахтар ыарыылара сытыы уонна сыыстарыылаах буолар. Ыарыы бэргээтэҕинэ, комаҕа түһэллэр. Сыыстардахтарына, организм бары систиэмэтэ уонна уорганнара (сүрэх, тымыр, бүөр, быар, уос, ньиэрбэ  систиэмэтэ, атах уллуҥаҕа) сүһүрэллэр уонна эчэйэллэр.

Диагноз туруорулуннаҕына:

-Саахарнай диабетынан ыалдьар дьон үс ыйга биирдэ лабораторияҕа тиийэн холестериҥҥа, 6 ыйга биирдэ гликированнай гемоглобиҥҥа (НВА1 с) анаалыстана сылдьыахтаахтар. Доруобай киһи аччык кэмигэр хааныгар саахара  6,0 % диэри, диабетка чугаһаабыта-6,1-6,4 %, онтон үрдүк буолла да- саахар диабета диэн быһаарыллар. Ыарыһах аһаабыт кэннэ 2 чааһынан хайаан да саахарын кэмнэниэхтээх: ол кэмҥэ саахардарын таһыма 7,8 – 8,0 ммоль/л үрдүө суохтаах.

Маннык ыарыһахтар 9 №-дээх эмтээх остуолу тутуһуохтаахтар, күҥҥэ биэстэ-алтата уонна биир кэмҥэ аһыахтаахтар (бүтэһигин 20-21 чааска, эбэтэр утуйуон икки чаас иннинэ).

2-с тииптээх саахарнай диабеттаахтар эмтиир диетаны (9-с остуол) кытаанахтык тутуһаллара, ону таһынан хамсаналлара ирдэнэр. Аһылык кэнниттэн хамсанан-имсэнэн, сүрэх-тымыр туруга үчүгэй буоллаҕына, кыратык сүүрэллэрэ да сөп. Ордук харбааһын, өрөҕө былчыҥнарын сайыннарыы улахан суолталаахтар.

Сахарнай диабеттардаахтарга эмтээх диетаттан ураты саахары түһэрэр  эмп   эбэтэр саахары аҕыйатар препарат   ананар. Онуоха эмтэрэ босхо, быраас суруйбут рецебэ  аптекаҕа тиийэр,  ыарыһах онно тиийэн ылар.

Туһалаах сүбэлэр:

Диетаны тутуһара уонна анаммыт эми  көтүппэккэ иһэрэ булгуччулаах.

-«Саахар диабетын» оскуолатыгар үөрэнэрэ уонна бэйэни кэтэнэн көрүнэрэ, дневнигы толороро наада.  Биһиги балыыһабытыгар бу оскуола былырыыҥҥыттан саҕалаан үлэлиир.

-Глюкометрынан күҥҥэ үстэ-биэстэ саахарын кээмэйдиэхтээх, түмүгүн дневнигэр сурунан иһиэхтээх. Итиник гынан, бырааска улаханнык көмөлөһөр.

-Күн аайы эти-хааны эрчийиэхтээх, 30-40 мүнүүтэ устата хаамыахтаах.  Кыаллар буоллаҕына, нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ 45 мүнүүтэ устата харбыахтаах.

-Сыл аайы харах, ньиэрбэ быраастарыгар көрдөрүөхтээх, эндокринолог-бырааска кыбаартал аайы консультацияҕа сылдьыахтаах. Оччоҕуна эрэ кини ыарыыта этигэр-хааныгар содула суох буолуоҕа, туруга лаппа тупсуоҕа.

Чэгиэн-чэбдик буолуҥ, доруобуйабыт бэйэбит илиибитигэр баарын умнумуоҕуҥ!

Киин балыыһа пресс-сулууспата

  

 

 

 

 

 

 

Читайте дальше