Саас уонна  Үлэ  бырааһынньыгынан  истиҥник эҕэрдэлиибин!

Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!
 
 «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Эһигини Саас уонна  Үлэ  бырааһынньыгынан  истиҥник эҕэрдэлиибин!
Саас кэлиитэ саха киһитигэр ураты үөрүүлээх. Кыыдааннаах-кыһарҕаннаах, дьаҥнаах-дьаһахтаах, унньуктаах уһун, тымныы кыһыны этэҥҥэ туораан, баайы-дуолу, сүөһүнү-аһы энчирэппэккэ, чөл тутан, хара сиргэ үктэнии – дьоһун дьол.
Бары санаа-оноо, ыарыы-сүтүү, кир-хох кыс хаары кытары суйданан, сааскы сүүрүгү кытта уста турдун, сүтэрдии сүттүн! Сотору көҕүөр күөххэ үктэниэхпит, көтөр-сүүрэр кэлиэ, от-мас тиллиэ, үүт-төрүөх дэлэйиэ, үөрүү-көтүү үксүө.  Сүргэбит көтөҕүллүө, өрөгөйбүт үрдүө!
Бастакы Маай — инникигэ эрэл бырааһынньыга, үлэһиттэр бэйэлэрин бырааптарын, көҥүллэрин туруорсар, түмсэр, сомоҕолоһор күннэрэ.
Бастакы Маай — үлэ киһитин өрө тутар, хайҕыыр, махтанар, ытыктыыр күн.
Төрөөбүт-үөскээбит төрүт дойдубут, Үөһээ Бүлүүбүт,  күннэтэ киэркэйэ тупсарын, чэчирии сайдарын туһугар бука бары Ил Дархаммыт, Бырабыыталыстыбабыт тула түмсүүлээх буолуоҕуҥ.  Бииргэ түмсүү,  биир санааланыы ситиһиигэ сирдиир, кыайыыга кынаттыыр.
Анал байыаннай дьайыы кыайыынан түмүктэнэн, эр хоһууннарбыт иэримэ дьиэлэригэр этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр!
Үлэлээн-хамсаан, айан-тутан, олохторун оҥостон олорор  бар дьоммутугар үгүс үөрүүнү, үлэттэн дуоһуйууну, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Туругурдун Пиэрибэй Маай! Туругурдун сандал Саас! Туругурдун Үлэ!

   Валерий Николаев,   “Үөһээ Бүлүү улууһа”

муниципальнай оройуон баһылыга             
 

Читайте дальше