Манна ордук «сестринское дело» идэҕэ – 2 тыһ. тахса сайабылыанньа, «информационные системы и программирование», «лечебное дело» – 1,4 тыһ. тахса, «мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей», «дошкольное образование» – 1,2 тыһ.тахса сайабылыанньа киирбит.
Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Дьокуускай куоракка оскуола оҕолоругар, үөрэххэ туттарсааччыларга уонна кинилэр төрөппүттэригэр аналлаах тутууга уонна промышленноска сыһыаннаах бырагырааманан үлэлиир үөрэх тэрилтэлэрин маастар-кылаастарын көрдөрөр профориентационнай нэдиэлэ түмүктэммитэ . «Туймаада» атыы-эргиэн комплексыгар Мииринэйдээҕи техническэй колледж, Дьокуускайдааҕы промышленнай техникум, Дьокуускайдааҕы коммунальнай-тутуу техникума, Жатайдааҕы техникум баҕалаахтарга практическай дьарыктары тэрийбиттэрэ. Үөрэх министиэристибэтин иһинэн докумуоннары тутар кииннэри сүрүннүүр Вероника Майзик иһитиннэрбитинэн, маннык маастар-кылаастар номнуо бэһис төгүлүн ыытыллыбыттар. Маныаха баҕалаахтар хас да идэни биирдэ, биир сиргэ кииннээн, отой чугастык, ымпыгар-чымпыгар тиийэ билсиһэр кыахтаахтарын бэлиэтээбит.
Ол курдук, орто үөрэх кыһаларыгар баар: «Сельское хозяйство и медицина», «Креативная индустрия, туризм, сервис, IT-направления», «Транспорт, судовождение и судостроение» курдук идэлэри билиһиннэрэр маастар — кылаастар от ыйын 20 күнүттэн саҕаламмыттара. Хас чэппиэр аайы колледжтар уонна техникумнар аһаҕас кэпсэтиилэри, бырагыраамалары билиһиннэриини, профессиональнай дьарыктары тэрийбиттэрэ.
Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын иһитиннэриититтэн тылбаастанна.