«Сосновый бор» оҕону сынньатар, чэбдигирдэр киин, Мииринэйдээҕи эбии үөрэхтээһин киинэ уонна Дьокуускай куорат техническэй айымньы киинэ XI Бүтүн Россиятааҕы бырагыраама уонна методическай матырыйаал куонкуруһугар бастыҥынан ааттаннылар.
«Биһиги специалистарбыт кыайыылара, оҕону кытта үлэҕэ саҥаны, сонуну киллэриигэ уонна үөрэхтээһин ньыматын тупсарыыга элбэх сыллаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Кинилэр уопуттара атын регионнарга холобуор уонна эбии үөрэхтээһин сайдыытыгар инникигэ сүҥкэн хардыы буолар. », — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов бэлиэтээтэ.
«А.Н.Стрельникова ньыматынан саха үҥкүүтүн элеменнэрин туһаныылаах тыыныы гимнастиката» диэн «Сосновый бор» киин эбии үөрэхтээһинин бырагыраамата «2023 сылга сынньатар уонна чэбдигирдэр тэрилтэлэргэ олоххо киирбит физическэй иитии уонна доруобуйа култууратын олохтооһун эйгэтигэр бастыҥ бырагыраама» анал аакка тиксэн, 1-кы степеннээх дипломунан бэлиэтэннэ.
«Патриоттуу иитии уонна российской идентичность бастыҥ бырагыраамата» номинацияҕа «Сосновый бор» киин «Служи Отечеству!» профильнай сменэтэ 2-с степеннээх дипломунан наҕараадаланна.
«Оҕолору Россия норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтигэр сыһыарыы» номинацияҕа эмиэ «Сосновый бор» чэбдигирдэр киин «Открывай страну» профильнай сменэтэ 2-с степеннээх дипломунан бэлиэтэннэ.
«Үлэнэн иитии бастыҥ бырагыраамата» номинацияҕа Мииринэйдээҕи эбии үөрэхтээһин киинин «Трудовой-2023» сайыҥҥы үлэ уонна сынньалаҥ лааҕыра 2-с степеннээх диплом хаһаайына буолла.
«Бастыҥ өйдөтөр, биллэрэр-көрдөрөр үлэ» номинацияҕа «Сайыҥҥы күнүскү лааҕыр бастыҥ бырагыраамата» анал аат хаһаайынынан Дьокуускай куорат техническэй айымньы киинин ««Арктика уонна Космос» диэн профориентационнай аэрокосмическай оскуола» бырагыраамата ылан, 3-с степеннээх дипломунан бэлиэтэннэ.
Куонкуруһу РФ үөрэҕирии министиэристибэтин физическэй иитиигэ Федеральнай тэрийэр методическай киинэ көҕүлээн ыытта.
СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан пресс-сулууспатын матырыйаалыттан