Саха сириттэн Дугуйдаан Винокуров бүтүн Россиятааҕы куонкурус призера

Өймөкөөн олохтооҕо, үөһээ бүлүүлэр күтүөппүт, Россияҕа саамай уһун атынан экспедиция кыттыылааҕа Дугуйдаан Винокуров бүтүн Россиятааҕы «Дальний Восток – земля приключений» куонкурус призерунан ааттанна. Куонкурус кыайыылаахтарын норуоттар икки ардыларынааҕы «Россия» быыстапка-форумҥа чиэстээтилэр.

Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, куонкуруска Камчатскай кыраайыттан, Сахалин уобалаһыттан, Саха сириттэн ордук элбэх сайаапка киирбит. Маны таһынан, Москва уонна Санкт-Петербург куораттарыттан эмиэ кыттыбыттар. Инники күөҥҥэ 200 кыттааччы киирбит, ол иһигэр Дугуйдаан Винокуров. Түмүккэ кини «Кыһыҥҥы айан» анал аакка үһүс бочуоттаах миэстэни ылары ситистэ.

Бу куонкурус 1,5 сыл ынараа өттүгэр ыытыллар буолбута. Куонкуруһу РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Юрий Трутнев олохтообута, бу күн кини наҕараадалааһыҥҥа кыттыыны ылбыта.

Тэрээһин иннинэ Юрий Трутнев хас биирдии Уһук Илин регионнарын экспозицияларын кытары билистэ уонна сахалар стендэлэрин көрөн, «Кыра кээмэйдээх стендэҕэ Олоҥхо баай историятын кэпсиир уустук, ол эрээри ону эһиги арылхайдык көрдөрбүккүт, толору ситиспиккит», — диэн санаатын үллэһиннэ.

Читайте дальше