«Олоххо, үлэҕэ туох суоҕай?» улуустааҕы куонкуруска киирбит үлэлэри салгыы билиһиннэрэбит.

 

Быйыл оскуоланы бүтэрбит үс дьүөгэлии кыргыттар  “Оскуола –производство – үрдүк үөрэх” диэн девиһинэн ыраах отделениеҕа ыанньыксыттыы тахсарга быһаарыннылар. Катялаах Люба сайын аайы эбээлэригэр эһээлэригэр сайылыыр буолан ынах ыаһына, ньирэй аһатыыта диэни син билэллэр. Онтон Уля кыыс улуус кииниттэн ырааппатах киһи дьүөгэлэрин батыһан тахсыспыта. Ынах ыы олорор киһини ыраахтан да көрбөтөҕө. “Ыанньыксыттыы кэллибит”, —  диэн биригэдьиири кытта көрсүбүттэригэр биригэдьиир Уйбаан Уйбаанабыс  атаҕа сири билбэт буола үөрбүтэ. Маша, Даша, Рая дуогабардара бүтэн, үөрэх туттарса барабыт диэн сайабылыанньа биэрбиттэрин, солбук кыайан булбакка, илии баттаабакка сылдьара. Хата, түргэн соҕустук кыргыттар ынахтарын саҥа ыанньыксыттарга туттара охсубута уонна  наставнигынан Мария Николаевнаны анаабыта.

Сайылык. Бэйэтэ эмиэ туһунан кэрэ миэстэ. От – мас ситэн, араас өҥүнэн симэнэн  аҕай турара.  Ыраах атыыр оҕус мөҕүрүүрэ, ынахтар аа — дьуо хаамсаллара, эрдэ кэлбит ынахтар   түптэ күөх  унаар  буруотугар кэбинэ – кэбинэ  “буус – буус” тыына-тыына ыам буоларын кэтэһэн сыталлара. Ыам быыһыгар ыанньыксыттар үрэххэ киирэн дуоһуйа сөтүөлүүллэрэ, оҕолор күөгүлүүллэрэ,  атах тэпсэ оонньууллара, бостуук уол кии бэлэмиирэ, атын бэрэлиирэ.

Наставнигынан анаммыт Маарыйа Николаевна алгыстаах  алаадьы буһаран сырылатта. Кыргыттар бүгүн үлэлэрин бастакы күнэ. Катялаах Люба ынах ыы үөрүйэх буолан улаханнык долгуйбаттар. Уля долгуйуу бөҕөтө. Киэһэ алта чаастан  титииккэ ынахтарын баайталаан, ыаһын саҕалаан барда. Уляҕа наставнига биир ынаҕы баайан, атахтарын кыаһылаан, эмиийдэрин сууйан баран хайдах ыыры көрдөрдө. Уля ынаҕын эмиийин тардан көрдө, үүт кэлбэтэ, иккистээн тардан көрдө — үүт суох, ыксаата, икки илиитин сутуруктаан баран тарта, сип-синньигэс маҥан сап курдук  үүт кэллэ. Сордонон – муҥнанан дьон 10 – ча ынаҕы ыахтарыгар диэри икки эрэ ынаҕы ыата. Ынахтара саатар быйыл саҥа төрөөбүт туҥуй бургунастар буолан, тэбиэлииллэрэ күүһэ бөҕөтө, сороҕор түҥнэри да тэбиэх курдуктар, хаста – хаста үүтүн тоҕо тэптэрбитин ааҕан да сиппэт. Ыанньыксыттарын да атыҥыраан, кумаардаан – күлүмэннээн эккирэһэ тураллар, итиитэ да бэрт. Эрдэ бүппүт ыанньыксыттар Уляны аһынан хас да ыамҥа көмөлөстүлэр. Онтон кыыс бэйэтэ буһа – хата ыан муҥнанар. Син биир хойут бүтэр. Дьүөгэтэ Люба түргэн – тарҕан туттунуулаах, турбут – олорбут, быһаарсары кытта быһаарсар саҥалаах-иҥэлээх кыыс. Эрдэ бүтэн баран ыам аайы көмөлөһөр. Биир Эриэнчикэй диэн саамай баппат ынаҕы иккиэн бииргэ ыыллар. Уля ыыр, онтон Люба кэпсээччи,  тарбааччы буолар. Арай биир киэһэ Люба эмиэ ыаһа кэлэн баран Уляҕа этэр:  “Мин дьэ өйдөөтүм, эн ынахтарыҥ тоҕо наһаа тэбиэлэнэллэрин. Хас ыанньыксыт аайы хайаан да маҥан, эриэн, кугас, хара өҥнөөх  ынахтар баар буолуохтаахтар эбит. Эйиэхэ хара өҥнөөх ынаҕыҥ суох эбит. Миэхэ икки хара ынахтаахпын”. Люба биир Харачаас диэн ааттаах кырдьаҕас ынаҕын биэриэх буолан Уляны үөртэ. Уля кырдьык, наһаа үөрбүтэ. Тоҕо диэтэххэ, Люба ынахтара бары олохтоох, хаста да төрөөбүт ынахтар буолан сымнаҕастара, тэбиэлээбэттэрэ, сынньалаҥнык ыаталлара. Бэйэтэ биир тэбиик ынаҕын биэрэрдии былааннаабыта. Ол курдук, ынахтарын атастаспыттара. Уля баҕарбытын курдук сымнаҕас ынаҕы икки ыамҥа ыан сынньаммыта. Онтон Люба Уля биэрбит ынаҕын киэһэлээх сарсыарда ыан баран нөҥүө күнүгэр ыга кыыһыран, түргэн да түргэнник хааман, чох хара хараҕа быччайан,  айдаан-куйдаан буолан төттөрү аҕалан биэрбитэ: “Эн миэхэ саамай кыыл ынаххын албыннаан биэрбиккин,”- диэн. “Суох, эн бэйэҥ атастаһыахха, эн хара өҥнөөх ынаҕыҥ суох эбит диэн атастаспыппыт”, — диэн Уля этэ сатаабытын Любата олох истибэтэҕэ уонна Харачааһын таптыы — таптыы төттөрү сиэтэн илдьэ барбыта. Икки дьүөгэлии кыргыттар үлэ туһуттан кыыһырсыбыттара уонна хас да күн кэпсэппэтэхтэрэ. Ол да буоллар, Люба үтүө санаалаах буолан, Улятын аһынан, биир киэһэ идэтинэн ынах ыаһа кэлбитэ.

Күһүөрү халлаан сөрүүдүйэн, ынахтар мэччийэ ыраатар буоллулар, бостуук уол күнү быһа ат үрдүгэр олорон көрдөөн тахсар, сороҕор булаттаабакка да кэлэр.Үүт былаана туолбат кутталламмыта. Ыанньыксыттар “Ынахтаргын булбаккын” диэн айахтара кытаран олорор. Биир күн Дьэкиим дэриэбинэҕэ эбии бостуук туруорсардыы биригэдьииргэ   барда, таарыччы таптыыр кыыһын көрсүөхтээх, аны күһүн ыал буолардыы былааннана сылдьаллар. Дэриэбинэҕэ тиийэн тапталлааҕын көрсүбүтэ. Машата да кини хаһан кэлэрин  кэтэһэн, ахтан иэдэйбит,  таптал уотугар умайбыттара.  Биригэдьиири көрсүөхтээҕин  туһунан олох да умнан кэбиспиттэрэ. Санааларыгар бэйэ-бэйэтэ суох олорор кыахтара суох курдук буолбута уонна ыанньыксыттарга биригэдьиир аатыттан сурук суруйбуттара: “Мария Николаевна,  ынньыксыттар,  хайдах да эбии бостуук булар кыаҕым суох. Үүт былаана хайаан да туолуохтаах. Онон, атырдьах ыйын 15 күнүгэр дэриэбинэҕэ көһөн кэлэҕит. Киэһэ ынахтаргытын хаайан хоннорооруҥ, сээкэйгитин тиийдибит да тиэнэн кэлэрдии биир сиргэ чохчолооруҥ. Өйүүн баран тиэйэн кэлиэхпит” уонна биригэдьиир аатыттан илии баттаан дьэрэлитэн кэбиспиттэрэ.  Киэһэ Дьэкиим сыалын ситиһэн, астынан аҕай сайылыгар кэлэн, суругун наставниктарыгар Мария Николаевнаҕа туттарбыта. Мария Николаевна ааҕан баран “хайдах бачча эрдэ дэриэбинэҕэ көһөртүүр баҕайыларый” диэн санаан баран, дьаһалы толорбутунан барбыта. Ынахтарын тэлгэһэҕэ хаайталаан утуйбуттара, иһиттэрин – хомуостарын, таҥастарын – саптарын барытын чөмөхтөөн уурбуттара.  Ынахтарын ыан баран Люба сүөһүлэр  иннилэригэр киирэн ыҥыртыы-ыҥыртыы сүүрбүтүгэр, кучурхай баттаҕа күн уотугар күлүмнээн аҕыйахта ойуур быыһыгар көстөн хаалбыта.   Ынахтар барахсаттар дойдубутугар барар эбиппит диэн иннилэрин хоту түһүнэн кэбиспиттэрэ. Ким дьаһалынан бачча эрдэ кэллигит диэн биригэдьиир Уйбаан Уйбаанабыс кыыһыра көрсүбүтэ. Ынахтары хайдах да төттөрү илдьэттиир кыах суоҕа. Онон эрдэ кэлбит буруйдарыгар хотоҥҥо киллэртээбэккэ уһун күһүн ынахтары таһырдьа тэлгэһэҕэ ыабыттара.

Кыргыттар икки сыл үчүгэй баҕайытык бииргэ сылдьан, бэйэ – бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, үлэлээн баран баҕаларын хоту үрдүк үөрэххэ киирэн үөрэнэн, үлэһит буолан, олохторун оҥостон ыал буолбуттара. Биирдэ  эмит  көрүстэхтэринэ сайылыктарын туһунан, ынах атастаһыытын, эрдэ сайылыктан көһөн кэлбиттэрин, күөгүлүүллэрин, кус оҕолуулларын  туһунан күлэ – үөрэ ахтыһаллар.  Олоххо – үлэҕэ туох суоҕай?

                                                                              Лариса Николаева

                                                                                 Өргүөт

хаартыска интэриниэт ситимиттэн

Читайте дальше