“Колобок” курдук буолбатарбыт ханнык!
Мин холобуокпун, холобуокпун,
Ампаартан сиппиллибитим,
Арыыга буспутум,
Сүөгэйгэ сөтүөлээбитим…
—дии-дии оҕоҕо кэпсээтэххэ, сонно тута нойосуус өйдөөн кэбиһээччи этэ. Билиҥҥи төрөппүт төһө ааҕара буолла, мин сиэннэрбэр итинник хоһоонноох сылдьан киһиргииллэрин истибэккэ хаалбыппын.
Ол да гыннар, дьэ, бу олус бэртээхэй остуоруйа. Төһө оҕо бу Колобок диэн бурдук ас буоларын тута өйдөөбүтэ эрэ, билбэтим, ити эрээри кыра дьон кинини тыыннаах курдук ылынан, Саһыл обургу мэтиргэччи сиэбититтэн аһынан ытаабыт элбэх. Эчикийэ муҥнааҕы төкүнүйэн истэҕин аайы аартыкка тоһуйа сыппыт адьарайа элбэҕэ. Бииртэн биир куттал диэтэҕиҥ.
Дьэ, олоххо эмиэ итинник. Биир сырыыга сыыһа туттарбыккынан өҥнөнөн өр барбаккын. Сырыы ахсын албас уларыйара ордук. Ол аата, ыллыы-ылыы тэйэр кутталлаах. Этэргэ дылы “муора уута тобугунан, халлаан уута хабарҕатынан” диэн өс хоһооҥҥо курдук, туохха да кыһаммакка, уһуннук толкуйга түспэккэ эрэ, солуута суох төкүнүйэ-бөкүнүйэ сылдьар киһи хотуулаах тахсыбат.
Остуоруйа анаарыыта—атын
Ханнык баҕарар оҕо остуоруйатынан норуот муудараһыгар сыана быһаллар. Остуоруйаҕа хаһан да аһаҕастык такайыы суох. Ким хайдах өйдүүрүнэн уонна ылынарынан. Холобур мин бу “Колобоктан” биир куттанардаахпын. Ийэлээх аҕатыттан диэххэ, быһалыы, тахсыбыт да куоппут. Ону биһирээччилэр аара көрсөллөр. Сэрэйдэххэ да туох эрэ тыл-тылга киирсибэт кутталтан сиэри хааһаллар. Онуоха бу сордоох албыннаан ыллаабыта буолар. Баҕар бэркэ ыллыыра буолуо, адьарайдара ах баран хаалан, өмүтүннэрэн хас да сырыыга туура туттарар, тура куотар. Онтуттан киһиргиэх санаата киирэр, өссө! “Эйигиттэн да таах куотуом”,—диэн тыла күүһүрэн иһэр.
Тиһэҕэр аны Саһыл сыбдыйан кэлэн тылбай-өспөй буолар. Дьэ ол ньымааттаһыыга Колобок олоҕо быһаарыллар, кыайтарар. Өстүбэһи диир да, Саһыл укааһыттан, ыйыытыттан-кэрдиититтэн тахсан да дэлэ дуо?! Бүттэҕэ ол.
Ити холобурга да көрдөххө, бу Колобок тооромос да толкуйа суох. Бастакы сырыытыттан туох да үөрэҕин ылбат. Иккиһигэр да кураанах, малыыппа курдук ыллыырын эрэ билэр. Үсүһүгэр киһиргэһэ көстөр, кумаардаан да көрбөт. Бэйи, тохтоо, быһылааннаргын анаараҥҥын көр ээ, аныгы сырыыга атын абааһы айаҕар киирбэт туһугар суолгун уларыт, тылгын-өскүн көрүн, албаскын элбэт. Мэлигир, Колобок муҥнаах көҥдөй, дьаалата суох аҥаар кырыытыттан астаран иһэр. Ырыатын тыла да уларыйбата киһини сөхтөрөр. Тура-тура биир, билбитэ эрэ, икки күппүлүөт, онто эбиллибэт да, көҕүрээбэт да… Өлөр да кэмэ кэлбитин ситэри тириэрдибэт, айаҕын муҥунан ыллаан ыыра барар…
Дьэ, ити олоххо эмиэ итинник көстүү үгүстүк буолааччы. Хаста да сыыһа-халты туттара-туттара, куруук алҕаһыыр диэн киһиэхэ баар буолар. Онтуҥ араас төрүөттээх буолар: сорох киһи дьалаа, биллэн турар, ол мөкү хаачыстыба. Сороҕуҥ санаата ыраас, итэҕэйэрэ оччо, куһаҕан өтө туруон өлөөрү да туран итэҕэйбэт кэмэлдьилээх буолар. Сити хаачыстыбалар оҕоҕо кыратыттан биллээччилэр. Ол иһин толкуйдаах төрөппүт итини көрө сылдьан ыччатын иитиэхтээх, үөрэтиэхтээх. Итиниэхэ бу маннык Холобуоктар ананалларын улахан киһи өйдүөхтээх, бэйэтэ сатыырынан хос быһааран, оҕотун кытта тэҥҥэ оонньоон иитиэхтээх.
Доҕоттор, остуоруйаны токурутта диэмэҥ. Хата бу “Айартан” ылаҥҥыт наһаа бэртээхэй “Колобогу” туһаныҥ. Былыргыттан бары таптаан истэр «Колобок» остуоруйабытын сахалыы тылынан ааҕыҥ. Кырачаан ааҕааччы каруселька-кинигэни эргитэ сылдьан көрдүн, дьоруойдары хамсата оонньоотун, атын аптаах айымньыны да айарга холоннун. Оҕолорго сонун кинигэ, ураты бэлэх, үтүө доҕор төрөппүккэ, эйиэхэ эмиэ көмөлөөх буоллун!
Анисим Неустроев