Саҥа дьыл түүнүгэр (кэпсээн)

Өрөбүл күн сынньана таарыйа Сэгэлдьийэ Чээлэй кэпсээнин ааҕыҥ.

Кинилэр олус соһуччу көрүстүлэр диэҕи эмиэ да атын курдук. Син уруккуттан бэйэ-бэйэлэрин билэр этилэр да, табаарыстыы сыһыантан атын суох курдуга. Оттон бу көрсүһүүнү ким да былааннаабатаҕа. Ол курдук кинилэр биир үтүө күн көрүстүлэр, кэпсэттилэр уонна бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаах курдук буолан хааллылар. Чэ, бэйи, саас сааһынан.
Сулустаайа — соҕотох дьахтар. Кини олоҕор биир эрэ киҺини таптаабыта. Мыынаҕыт дуу? Суох, Сулустаайа дьүҺүнүнэн да мөкү буолбатах, майгы да өттүнэн олус кэрэ киҺи. Кини тула сүгүрүйээччи да элбэҕэ. Бастаан студенныыр сылыгар үрдүкү курс уолаттара: «Көрүҥ, эрэ, уолаттаар, куба кыыс ааста!» — диэн саҥа аллайдахтарына олус кыбыста саныыра. Ол кини маҕанын иҺин буолбатах, үксүн сырдык таҥаҺы таҥнара, олус чочуйан оҥоҺуллубут курдук быҺыытын-таҺаатын көрбүт эрэ сөҕөрө. Оннооҕор кыргыттар ордугургуур этилэр да, Сулустаайаны, курсугар саамай кыра киҺини, 16 сааҺыгар студентка буолбут кыыҺы, бары тула өртүттэн харыстыыллара. Көрөөччүтэ, кыҺанааччыта да эчи элбэҕэ. Сулустаайа билигин ол дьикти долгутуулаах кэмнэрин олус да истиҥник ахта саныыр. Саас уҺун, хойуу суҺуоҕун ыытан, үрдүк хобулук үрдүгэр сэгэйэ хаамтаҕына: «Летящею походкой…» ырыаны кэнниттэн ыллаан сүрэхтэрин манньытан ылааччы уолаттар бааллара. Оннооҕор биирдэ эдьиийэ: «Уой, Сулустаайа, розовай дьүҺүн эйиэхэ барсар да эбит! Атаҕыҥ үчүгэйиин! Эн иннигинэ Сэргэлээххэ Туйаара эмиэ атаҕынан «оонньуур» этэ. Эмиэ уп-уҺун суҺуоҕун араастаан оҥосторо. Эмиэ ханнык да таҥас буоллун барсара. Кылгас да,уҺун да. Эйигиттэн атына диэн муус маҥан этэ уонна кугас баттахтааҕа. Ханнык Туйаара диигин дуу? Оттон аҕаҕынан эдьиийиҥ! Дьон хараҕа хатанар кыргыттара буоларгыт хааҥҥытыгар да баар быҺыылаах. Кэрэ үйэтэ суох, онон харыстаа кэрэ сэбэрэҕин,» — эдьиийэ учуутал быҺыытынан эмиэ сүбэлээн барда. Сулустаайа иккис кууруска үөрэнэ сылдьан бастакы таптал, бастакы уураҺыы диэни билбитэ. Миша кинини араастаан атаахтатара, минньигэс кэмпиэтинэн, оччолорго сэдэх фруктанан күндүлүүрэ. Мэлдьи илии тутуурдаах, араас кэҺиилээх буолара. Билигин санаатаҕына үчүгэй, кимиэхэ да суох заколкалары соҕуруу бара сылдьан аҕалбыта. Аата, онно ымсыырбыт кыыс элбэҕэ. Эмиэ буоларын курдук кинилэр тапталларын харыстааччы, араҥаччылааччы элбэҕэ. Сулустаайа хаҺан да соҕотоҕун сылдьыбытын тоҕо эрэ өйдөөбөт. Мэлдьи эдьиий курдук дьүөгэлэрэ арыаллыы сылдьалларын өйдүүр. Тапталларын араастаан биллэрэ сатаан эрэйдэммит уолаттары Сулустаайа ардыгар аҺынара, ардыгар ис-иҺиттэн күлэрэ. Ардыгар мүччү-хаччы туттаран биирдэ-иккитэ киинэлээн, театрдаан баран эйэ-дэмнээхтик атыҥҥа  анаммытын биллэрэрэ. Ол аайы Миша таптыыра күүҺүрэн иҺэр курдуга, Сулустаайа атын уолаттартан барыларыттан кинини эрэ үрдүктүк саныыра. Иэдээн эмискэ кэлбитэ, Мишата улаханнык ыалдьыбыта. Бу кэмҥэ кинилэр ордук чугаҺаспыттара, Сэргэлээх барыта кинилэр тапталларынан олорбута. Оннооҕор урут Сулустаайа мичээрин бэлэхтэтэ сатаабыт уолаттар Миша тапталын туҺугар ыалдьыбыттара, баардарынан-суохтарынан көмөлөҺө сатаабыттара. Кыыс тапталыгар эрэллээҕин, бэриниилээҕин иҺин ордук ытыктаабыттара, төҺө кыалларынан сүбэ-ама буолбуттара. Миша кэргэн ылыахтаах кыыҺын олус харыстыыра, төҺө да түгэн элбэхтик тосхойбутун иҺин, Сулустаайатын тыыппатаҕа. Кинилэр иккиэн ыал буоллахтарына эрэ бииргэ утуйуох буолан тыл тылларын бэрсибиттэрэ. Миша барахсан инникигэ эрэлин ыҺыктыбакка, Сулустаайа илиитин сылааһыгар бигэнэ сытан ол дойдуга күрэммитэ. Ол күнтэн ыла Сулустаайа тоҕо эрэ «мин огдообобун» диэн санаммыта. Миша бэлэхтээбит биҺилэҕин тарбаҕыттан хайа да түгэҥҥэ араарбата. Кэлин үөрэҕин бүтэрэн, тыа сиригэр баран үлэлээҺин. Үлэнэн эрэ муҥурданыы саҕаламмыта…
Сулустаайа эр киҺи диэнтэн букатыннаахтык тэйбит курдуга. Кини эр дьоҥҥо хараҕын кыратык да хатаатар киниэхэ кэлиэхтээхтэрин билэрэ, сэрэйэрэ. Оттон кини аттыгар олорбут тоҕо эрэ саҥата-иҥэтэ элбээн, иҥээҥнээн барара. «Эн аптаах быҺылааххын,» — диэтэхтэринэ күлэн эрэ кэбиҺэрэ. Сулустаайа бэйэтэ эрэ билэр ол кистэлэҥин. Кини — имэҥ дьахтар. Кэнники бэйэтиттэн тымныы тыыны диэххэ дуу, салгыны диэххэ дуу ыытарга үөрэммитэ. Кини диэки салаллар имэҥи утары салайарга үөрэммитэ.
Оттон бу көрсүҺүүгэ ити ньымата туҺалаата дуу, суох дуу? Сандал ис-иҺиттэн саҥара-иҥэрэ олорбута. Сулустаайа, бэйэтэ да билбэтинэн, эр киҺи тыына биллибэтэҕэ ырааппыт дьиэтигэр чуҥкуйар эбит. Бастаан Сандал тылларыгар улахан болҕомтотун уурбатаҕа. Сандал олус дьиибэлээҕи кэпсии олорон, хомойбут куолаҺынан:
— КиҺи төлкөтө, олоҕо диэн баар эбит, олус уустук. Таҥнарыы диэни билэн олох морально бүтэн баран сылдьабын. Оҕолорум эрэ тустарыгар олоробун. Инессабын саныыбын даҕаны, бүтэҺик эрэ өйдүүр курдукпун.
Сулустаайа эрдэттэн Инесса сырыыларын билэр этэ. Сандал, төҺө да умна сатаатар, син-биир хомолтото кыратык да уҕарыйбатах эбит. Сулустаайа туох диэҕэй? Арай:
— Хас биирдии киҺи олоҕо туох эрэ мэҺэйдээх, туох эрэ кэрэлээх буоллаҕа. Эн кэргэҥҥин хайдах да бырастыы гынар кыаҕыҥ суох дуо?
— Суох. Инесса тоҕо эрэ атыҥҥа аралдьыйбыта баар. Мин төҺө кыалларынан үчүгэйдик сыҺыаннаһа сатаатым. Билигин тугу кистиэхпиний, ардыгар иэстэҺэн бэйэм да туора хаамыталыахпын сөп. Инесса олох өйдөөбөт эбит, бэйэтэ хаҺан эрэ кэҺэйбитэ баар буолуо.
Устунан бу олохтон чуҥкуйбут дьон олус элбэҕи кэпсэппиттэрэ. Олох, таптал, таҥнарыы туҺунан, эдэр саастарын санаабыттара. Биирдэ-иккитэ эрэ алтыҺан ааспыт кэмнэрин ахтыҺан ис-истэриттэн тэбэнитирэн туран күлбүттэрэ-үөрбүттэрэ. Сандал бу киэһэ хаҺааҥҥытааҕар да итийэн-кутуйан туран олус элбэҕи саҥарбыта. Иккиэн туох эрэ кистэлэҥнээх курдук арахсыбыттара. Онтон хайдах этэй? Олох бүтэҺик көрсүҺүүлэригэр Сандал Сулустаайаттан эр киҺи дьахтартан мээнэ көрдөспөт көрдөҺүүтүгэр элэ-была тыла барыта бараммыта. Кэлин тиҺэҕэр:
— Биирдэ уонна бүтэҺигин… Эн үөрүөҥ, махтаныаҥ… — диэн тыллартан Сулустаайа ордук соҺуйбута. Сандал кинини имэрийэр сылааһыгар бэриммэтэҕэ, болҕомтотун да ууран көрбөтөҕө. Кини кыратык да этин-сиинин сымнаттар Сандал киниттэн арахсыа суоҕун сэрэйэрэ. Биирдэ буолбут кини олоҕор салҕанан барыахтааҕын Сандал хайдах өйдөөбөтүттэн сонньуйбута эрэ. Сандал сыллааҺыныттан төһө да долгуйдар, ону биллэрэ барбатаҕа:
— Сандал, кытаат, доҕордуу арахсыах. Мин эйиэхэ хом да санаабаппын, кыыҺырбаппын даҕаны.
Сандал эмискэ өйдөммүттүү, кыбыстыбыттыы тахсар ааны былдьаспыта. «Хайдах дьон тапталларыгар бэриниилээх буолаллара буолуой? Оттон миэнэ? Инесса, эн биҺиэхэ таптал диэн баара дуо?» — диэн иҺийбит чуумпуттан, барыйбыт хараҥаттан ыйыта испитэ.
Сулустаайа бу күнтэн ыла бэйэтэ да билбэтинэн уларыйбыта. Бастаан бэйэтин бэйэтэ өйдөөбөтөҕө. Тоҕо эрэ, Мишам хомойуо диэн, саныан да куттанар курдуга. Ити санаатын түүлэ киэр кыйдаабыта. Түүл… Эмиэ да илэ курдук, эмиэ да хаҺан эрэ буолан ааспыт курдук… Кини тапталлааҕын көрбүтэ… Үөһэ былыттарга олорон, илин диэки устан эрэрэ. Сулустаайаны көрөр, мичээрдиир, саҥата суох быраҺаайдаһан илиитэ күөрэҥниир. Сулустаайа ыҥырар курдук да, саҥата кыайан тахсыбат. Эмискэ Миша кып-кыһыл сардааналары үөҺэттэн аллара, Сулустаайа атаҕын анныгар тамнаабыта көбүөр буолан истэ. Ол көбүөр устун Сулустаайа олус чэпчэкитик хаамар уонна Мишаҕа эмиэ илиитинэн далбаатаан быраҺаайдаһар. Иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр мичээрдэҺэллэр. Сулустаайа хараҕын аҺаат, бастаан ханна баарын өйдөөбөтө… Этэ-сиинэ эчи чэпчэкитин! Өйө-санаата дьэҥкэрбитин! Бу түүлэ мээнэ түүл буолбатаҕын Сулустаайа эндэппэтэ. Кини олоҕу салгыахтаах эбит! Мишата онно көҥүл биэрэр эбит! Бээ-бээ Сандал туох диэтэ этэй? «Махтаныаҥ». Кырдьык даҕаны! Сандал бэйэтэ да билбэтинэн хаҺан эрэ утуйан хаалбыт кыыс-дьахтар кутун уҺугуннарбыт дии! «Эр киҺи-мэлдьи эр киҺи» диэбитигэр дылы «дьахтар-мэлдьи дьахтар» бэйэтин аналын толоруохтаах эбээт. Сандаллаах Сулустаайа бэйэ-бэйэлэригэр биир минньигэс тылы эппэккэ, көрсүспэккэ да икки аҥы барбыттара.
Хас да ый ааста. Саҥа дьыл түүнэ. Сулустаайа соҕотох киҺи сиэринэн телевизорын холбоон баран олордо. Телевизоры мээнэ көрөр эрэ, санаата олох атыҥҥа. Бу сыл тугу аҕалар? Дьүөгэлэрэ бары дьиэлэригэр ыксаан бардылар. Кини эмиэ түөрт истиэнэни манаан олордоҕо. Дьыбаан киэргэлэ буолан. Санаатыгар ааны маныыр курдук, ким эрэ киириэхтээх… Тоҕо эрэ кинини эмиэ да сэтэриир, эмиэ да кынчарыйар харахтары көрөн аҺарда. Тоҕо? Туох иҺин? Ээ, арба, кэргэннээх барахсаттар күлэн эрдэхтэрэ, сорох сорохторо кэргэттэриттэн көҥөнөн, күнүүлээн кынчыатанан эрдэхтэрэ. «Дьон миэхэ үчүгэйдик сыҺыаннаҺарыгар мин буруйум суох. Кимиэхэ даҕаны сүрэхпин арыйбытым суоҕа,»— санаатын ситимин таҺырдьа хоочугуруур атах тыаһа быҺан кэбистэ. ИҺиллээтэ. Атах тыаһа саарбахтаабыттыы бытаарда, тэпсэҥнээтэ… Сулустаайа сүрэҕин тэбиитэ чабырҕайыгар тиийэ кэйиэлиир курдук. Кини сүрэҕинэн сэрэйдэ: «Сандал! Хайыыбыный? Үүрэбин? Киллэрэбин?» Аан аһылынна… Сандал, санаатыгар олус да бытааннык бу күөх харыйа таһыгар турар дьикти иэйиилээх кыыс-дьахтарга, Сулустаайаҕа, кэллэ… Тоҕо кини саҥарбат? Саҥата суох илиитин уунна. Сулустаайа: «Кэбис, дьоҥнун санаа,»- диэхтээх этэ да, тыла чороччу тарпыт курдук. Илиитин ууммутун бэйэтэ да өйдөөбөтө… Хараҕар Инесса кыыҺыран толлойбут уоһун, кырыктаах хараҕын көрдө. «Тоҕо кэргэҥҥин туппатыҥ? Мин буруйум суох» диэн санаалар төбөтүн баҺылаатылар, уоҺун сэгэтиэх курдук гыммыта, сып-сылаас уос кини уоҺугар утаппыттыы хатана түстэ. Сулустаайа туймааран хараҕын быҺа симнэ. Ханна эрэ ыраах намыын музыка кинини сымнаҕас былыккасуулаата. Соҕотохсуйбут икки сүрэх тэбиитэ бииргэ, биир күрүстүк тэбэн барда…

Хаартыска https://ru.depositphotos.com

eder saas.ru саайтан

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше