Саҥа Дьыл
Оконосова Уля, 7-с кылаас, Кырыкый сүрүн оскуолатын “Күлүм” эдкора
Биир сылбыт эмиэ
Көтөн – мөҥөн ааста,
Саҥа Дьылбыт кэллэ —
Дьоҥҥо дьолу биэрэ,
Үөрүү-көтүү аҕала!
Үөрэллэр кыра оҕолор
Минньигэс элбэх кэһиилээх,
Үтүө баҕа санаалаах
Тымныы Эһээ оҕонньор
Ыалга киирэн кэллэҕинэ.
Саҥа Дьылга – саҥа сылга
Баҕа санаа туолуохтун,
Үөрэхпит – талааммыт
Сайыннар сайдан иһиэхтин!
Кэрэтиэн Саҥа Дьыл!
Степанов Замир, 5 кылаас, Кырыкый сүрүн оскуолата, “Күлүм”эдкора.
Кэрэтиэн Саҥа Дьыл
Киэркэйэн кэлэрэ!
Күөх лаглаҕар харыйаҕа
Кэрэ оонньуурдары иилэбит.
Тула өттүм барыта
Кылабачыйар, чаҕылыйар:
Кырачаан кумааҕы харыйалар,
Фонариктар, луо киэргэллэр.
Саҥа Дьылы кэтэһэбит,
Саҥа Дьылы күүтэбит.
Үөрэ-көтө ыллыыбыт,
Үҥкүүлүүбүт-дайабыт.