Аан дойдутааҕы Дьахталлар күннэринэн «Үөһээ Бүлүү» хаһыат 2021 сыллааҕы архыыбыттан Валентина Догоюсова суруйуутун билиһиннэрэбит.
Бу үчүгэйкээн бэйэлээх, нарын-намчы кыыһы мин билбитим син балай да кэм ааста. Кинини көрсө барбыппар, мааны былааччыйа кэтэн, кэрэ бэйэтэ эбии киэркэйэн, санаата өрө көтөҕүллэн олороро. Сып-сырдыгынан мичээрдээн, харахтарыгар ханан да санньыар күлүгэ түспэтэх арылхай мөссүөнэ дьиэтин иһин күн сардаҥатыныы сырдатара.
Евдокия Прокопьева Өргүөт нэһилиэгэр 5 оҕолоох Мария Прокопьевна, Виктор Михайлович Прокопьевтар дьиэ кэргэттэригэр айылҕа саамай ситэн, силигилээн турар кэмигэр – от ыйын 29 күнүгэр бастакы, күүтүүлээх оҕонон күн сирин көрбүтэ. 2010 сыллаахха Маҥаас нэһилиэгэр эбээтигэр Агафья Софроновнаҕа олорон, оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскуолатын бүтэрбитин туоһулуур ситии-хотуу аттестатын туппут кыыс медицинскэй колледжка фармацевт идэтигэр үөрэммитэ. Үөрэҕин таһынан сүүрүүнэн, үҥкүүнэн сөбүлээн дьарыктанара, баскетбол оонньуутунан үлүһүйэрэ, кэккэ ситиһиилэрдээҕэ.
Онтон, 2011 сыл муус устар 13 күнүгэр эдэркээн оҕо олоҕо бүүс-бүтүннүү уларыйбыта… Ол кэмтэн 11 сыл ааста. Күн баччаҕа диэри туох да уларыйыы суох. Арай эрэл, олоххо таптал эрэ күүһэ кинини кынаттыыр. Арахсыспат тирэҕэ эрэ – кэлээскэтэ…
— Евдокия, сэрэйбитиҥ курдук, кэпсэтиибит хайабытыгар даҕаны чэпчэкитэ суох буолар чинчилээх…
— Бэйэм да кэмэ кэллэ дии саныыбын. Барытын искэ тута сылдьар ыарахан. Арыллыахпын наада. Баҕар мин олохпор тирээн кэлбит кыһалҕам эдэр дьоҥҥо өйдөбүл, көмө буолуо дии саныыбын.
— Кэпсээ эрэ, ыарыыҥ хайдах саҕаламмытай…
— Медколледжка үөрэнэ сылдьабын. Ол сарсыарда суунан-тараанан, үөрэхпэр тиийбитим, аҕыс аҥаар чааска сүр улаханнык чуораан тыаһаата. Сүрэҕим диэкинэн олус күүскэ хам тутта уонна уҥа илиим былаат курдук буолан, утуйбутунан барбыта. Хайдах эрэ буолбуппун билэннэр, тута суһал көмө ыҥырдылар, өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с нүөмэрдээх балыыһаҕа илтилэр. Сөптөөх чинчийиини аһардан баран, салгыы поликлиникаҕа көрдөрүнээр диэн дьиэбэр босхолоон кээстилэр. Киэһэ 6 чааска атахпар сатаан уйуттубат булбуппар иккистээн ол балыыһаны буллардылар. Түүн үөһэ уҥа атаҕым утуйбут курдук буолбута, онтон сарсыарда уһуктубутум хаҥас илиим эрэ хамныыр, түөһүм кылыттан аллараа өттүбүн билбэт буолбутум.
— Туох диагноз туруорбуттарай, хайдах эрэ тымыр быстыыта курдук эбит…
— Острый поперечный миелит диэн диагнозтаабыттара. Ньиэрбэ тоҥоруута. Наар чараастык, сыгынньах тэлээрбитим оҕустаҕа буолуо. Ол иһин, эдэр дьоҥҥо олох бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ диэн этиэм этэ. Киһи олоҕо биир эрэ, сыыһа-халты тутуннуҥ да, бүттэ, онно эригиллэн тиийэн биир да сөкүүндэ олоххун көннөрбөккүн, уларыппаккын. Олоҕу сыаналыахха наада, наар эдэр-сэнэх, доруобай сылдьыбаппытын бу хаампат булан баран биирдэ чиҥник өйдөөбүтүм.
— Ханна эмит ыраах баран көрдөрүммүтүҥ дуу?
— Саха сириттэн тахса иликпин. Наар хамнана сырыттахпына биирдэ эрэ үчүгэй буолуох курдукпун. Хамнамматым даҕаны атахтарым олорон хаалаллар. Ол эрэн, тас дойдуга баран көрдөрүнэр мэһэйдиэ суоҕа этэ.
— Сүүрэ-көтө сылдьыбыт эдэр киһиэхэ охсуута ыарахана биллэр. Хайдах аһарынныҥ.
— Саамай ыарахан кэм этэ. Саҥаттан ньуоску, уруучука тутарга үөрэммитим, икки нэдиэлэнэн олорор буолбутум. Сыыйа ороммор сыыллан тахсарга үөрэммитим. Ыалдьан баран дьонтон саһан, икки сыл кэлбит-барбыт дьону манаһан, сайыһан, түөрт эркин хараҕа, кулгааҕа буолан олорбутум. Санаабын түһэрбэккэ, күүскэ дьарыктаммытым. Билигин ким да көмөтө суох олоробун, тутуспакка турабын, уонча хардыыны оҥоробун. Дьиэм иһигэр ходунуогунан сылдьабын. Бэйэбин син көрүнэр, кыанар буолан баран, 2013 сыллаахха доруобуйаларынан хааччахтаах дьон техникумнарыгар интэринээккэ олорон портной үөрэҕэр үөрэммитим. Ол кэмтэн ыла олоҕу көрүүм, бэйэбин ылыныым олох атыннык саҕаламмыта. Ол сылга сурдопереводчик үөрэҕин баһылаабытым. Элбэх доҕоттордонон, олоҕум эргиччи сырдаабыта. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгиттэн төрүттээх Людмила Пахомова диэн чугас дьүөгэлэммитим, кини хараҕынан мөлтөхтүк көрөр. Иккиэн бэйэ-бэйэбитин олус өйдөһөбүт. Мин киниэхэ көрөр хараҕын солбуйбутум, онтон кини миэхэ атахтарым буолбуттара… 2017 сылтан иккиэн бэйэбитин хайдах баарбытынан таптаан, ылынан, Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар Агрономия салаатыгар үөрэнэн, бүтэрээри сылдьабыт.
— Дьол эн ылыныыгар…
— Хас бирдии киһиэхэ атын буоллаҕа дии. Миэхэ чугас дьонум, доҕотторум аттыбар бааллара, этэҥҥэ сылдьыылара буолар.
— Инники былааныҥ.
— Оҕо эрдэхпиттэн астыырбын сөбүлүүбүн. Минньигэс тортары бьуһаран атыылыыбын. Итиэннэ иистэнэбин, халадаайдары, оҕолорго сахалыы ырбаахылары ордук табыллан тигэбин. Дьон сатыырын сатыы сатыахха наада.
— Саамай улахан баҕа санааҥ…
— Бастатан туран, атахпар туруохпун баҕарабын. Урукку курдук сүүрэн-көтөн, үҥкүүлээн, мээчиктээн, тас дойдуларга сынньанан, уруу тэринэн, эдэр киһи олоҕунан толор, дьоллоохтук олоруохпун баҕарабын. Итиэннэ, кондитер быһыытынан сайдар сыаллаахпын. Кыаллыа дии саныыбын.
Бу кэпсэтии кэннэ хайдах эрэ халыр босхо барыы, налыйыы, эмиэ да ыгылыйыы, биир тылынан ылбычча сатаан этиллибэт, буккаас иэйии дуу, санаа дуу кууһа биэрдэ. Хаһыат иэнэ көҥүллүүрэ буоллар, бу түөрт балаһа тухары бичийиэм эбитэ буолуо… Санаа күүһэ, олоххо таптал, инникигэ эрэл – кыысчаан арахсыспат аргыстара. Инникитин кини үрдүгэр күүтэр күнэ чаҕылыччы тыгыаҕар эрэлим күүстээх.
Валентина ДОГОЮСОВА