Биһиги, М.Т. Егоров аатынан 2-с нүөмэрдээх оскуола медицинскэй кылаас 10 үөрэнээччитэ уонна химия, биология учууталлара Кристина Даниловна Уйгурова, Эльза Тимофеевна Иванова Бүтүн Россиятааҕы «Моя будущая профессия-врач» диэн 5-с төгүлүн ыытыллар медицинскэй форумҥа, Санкт-Петербург куоракка кыттан кэллибит.
Күрэххэ дойдубут араас регионнарыттан 16 хамаанда буолан кытынныбыт. Форум чэрчитинэн оҕолорго быраас идэтин билиһиннэрэр сыаллаах Санкт-Петербургдааҕы медицинскэй университетка элбэх экскурсиялар, көрсүһүүлэр буоллулар. Биһиги оҕолорбут чинчийэр үлэ конференциятыгар дакылаат ааҕан 4 оҕо миэстэҕэ тигистэ.
Ол курдук, «Педиатрия» секциятыгар «Железодефицитная анемия в Верхневилюйском улусе» диэн теманан Семенов Коля (9-с кылаас), Селясинова Дарья (10-с кылаас), Гурьев Емельян (11-с кылаас) 30 үлэттэн чорбойон 1 миэстэни ылары ситистилэр. «Химия и фармацевтика» секцияҕа 11-с кылаас үөрэнээччитэ Иванова Изольда «Хронические заболевания при дефиците химических элементов» диэн теманнан бочуоттаах 3-с миэстэ буолла.
Маннык күрэхтэргэ, форумнарга кыттыы оҕолорго сайдыы суолун тэлэр. Бу форумҥа сүүрэн-көтөн, тэрийэн ыыппыт оскуолабыт салалтатыгар, чуолаан директорбытыгар Алексей Николаевич Федоровка улахан махталбытын тиэрдэбит. Оскуолабытыгар ситиһиилэр өссө да сиэттиһэн кэлэ турдуннар!
Кристина Уйгурова,
химия учуутала