Сэтинньи 10 күнүгэр Бухгалтерия күнэ бэлиэтэнэр

Бу күн, сэтинньи 10 күнүгэр, норуоттар икки ардыларынааҕы Бухгалтерия күнэ бэлиэтэнэр.  1964 сыл сэтинньи 10 күнүгэр  аныгы бухгалтерияны төрүттээбит Италия математига Лука Пачоли  «Сумма арифметики, геометрии, отношений и пропорций» диэн кинигэтин бэчээттэтэн таһаарбыта. Онтон саҕалаан бу бырааһынньык олоххо киирбитэ.

Биһиги улууспутугар СПТУ-га 1992 сылтан Бухгалтерия бөлөҕө арыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кураторынан РФ профессиональнай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин бэтэрээнэ, СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна Антонина Болтокова анаммыта уонна 2012 с. диэри үгүс бухгалтердары иитэн-такайан, үөрэтэн таһаарбыта. Билигин бу оҕолор өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

«Оҕолорбун кытары сибээспитин быспаппын, барыларын кытары билсэ турабын. Оҕолорум ситиһиилэриттэн олус үөрэбин, барыларын Идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэҕим буолуохтун», — диэн Антонина Николаевна истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ.

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше