Ыам ыйын 17 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгэр «Социальный десант» улуус сүрүн социальнай хайысхалаах тэрилтэлэрин салайааччылара, специалистара кэлэн нэһилиэнньэни кытары үлэлээтилэр.
Сарсыарда сынньалаҥ кииҥҥэ нэһилиэк олохтоохторун кытары уопсай мунньах буолла. Мунньаҕы пенсионнай уонна страховой фонда салаатын салайааччыта Альбина Николаева иилээн-саҕалаан ыытта. Социальнай көмүскэл уонна үлэҕэ социальнай сайдыыга управлениетын салайааччыта Екатерина Николаева уонна үлэлээх буолуу киинин специалиһа Марианна Терентьева олохтоохторго наадалаах иһитиннэриини билиһиннэрдилэр. Боппуруостарга эппиэттээтилэр. Олохтоох дьаһалтаҕа социальнай көмүскэл уонна үлэҕэ социальнай сайдыыга управлениетын специалистара Николаева А.А., Ильина А.Н. пенсияҕа, пособиеҕа эрдэттэн сайаапканан докумуоннарын бэлэмнээн аҕалан сөптөөх хоруйдары, сүбэлэри биэрдилэр. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин специалиһа Терентьева М.Х. учуокка турар дьону кытта үлэлэстэ. Үлэтэ суох дьоҥҥо аналлаах программаны кэпсээтэ.
Реабилитационнай центр специалиһа Семенова Н.И. уонна опека отделын специалиһа Петрова В.А. ТЖС учуотугар турар ыаллары кытта көрүстүлэр, санааларын иһиттилэр.
Социальнай көмүскэл уонна үлэҕэ социальнай сайдыыга управлениетын салайааччыта Екатерина Николаева, специалист Мира Роменская уонна социальнай үлэһит Мария Платонова ыалларынан сырыттылар уонна 2021-23 сс. социальнай контрагы туһанан бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьоҥҥо сылдьан көрдүлэр, бэрэбиэркэлээтилэр, үлэлэрин-хамнастарын билистилэр, салгыы сайдалларын, кэтэх хаһаайыстыбаларын кэҥэтэллэригэр баҕа санааларын эттилэр.
Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар хамыыһыйа специалиһа Алексеева Н.И., опека отделын специалиһа Петрова В.А. анал программалаах кэлэн Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрин уонна учууталлары кытта үлэлээтилэр. «Социальнай десант» нэһилиэнньэҕэ кэлэн олохтоохтор кыһалҕаларын, ыарырҕатар боппуруостарыгар сөптөөх хоруйдары биэрэн, соруктаах үлэлэрин толордулар.
«Социальнай десант» Харбалаах нэһилиэгэр кэлэн үлэлээбит көрсүһүү түмүгүнэн баһылык Константин Даниловиһы, дьаһалта специалистарын кытта үлэлэрин түмүгүн билиһиннэрдилэр уонна салгыы үлэлэһэргэ, олохтоохтор олохторо тупсарыгар кыһалҕаларын быһаарарга бииргэ үлэлэһиэх буоллубут.
Биһиэхэ кэлэн үлэлээбит «Социальнай десант» хамаандатыгар сыралаах үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабыт.
Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович
***
Работа социального десанта в с. Тамалакан
По итогам встречи от 17.05.2024г. в здании культуры МБУ “Тамалаканский наслег” специалистами “Социальный десант” из Верхневилюйского улуса с населением прошла успешно, гости рассказали о работе УСЗН, о работе Пенсионного фонда , также о социальных выплатах, о соцальной контракте и т.д.
Жители задавали вопросы. В некоторых вопросах члены рабочей группы давали дельные разъяснения и ответы.
После встречи провели рейд «Социальный десант» по семьям, находящихся в трудной жизненной ситуации, по одиноко проживающим пожилым людям, также проверили семьи, получившие социальный контракт в 2021-2023 гг.
Члены десанта посетили МБОУ «Тамалаканская СОШ», в целях выявления детей проживающих без законных представителей, беседовали с учащимися и учителями.
После проведенной работы пришли к единому обсуждению и решению ряда вопросов со специалистами администрации.