Спорт эбийиэктэрэ «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларын көрсөргө бэлэм буолан эрэллэр

VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулары көрсө Дьокуускай куорат спорт эбийиэктэрэ өрөмүөннэнэн бүтэн эрэллэр.

Олимпийскай резервэ училищетыгар көҥүл тустуу уонна бокса саалалара, устудьуоннар олорор уопсайдара, салалта дьиэтэ, үөрэх куорпустара уонна судьуйалар олорор гостиницалара саҥардылыннылар. Училищены тула асфаллаан бүтэрэн эрэллэр.

«Билигин өрөмүөн үлүлэрэ түмүктэнэн эрэллэр, бэс ыйын 7 күнүгэр бүтэрэрдии былаанныыбыт», — диэн уилище дириэктэрэ Семен Чердонов кэпсээтэ.

Бэс ыйын 10 күнүттэн көҕүл уонна грек-рим тустууларыгар үөрэтэр-дьарыктыыр хомуур саҕаланыаҕа. дзюдоҕа өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын дьарыга бара турар. Оттон Оонньуулар кэмнэригэр кикбоксинг хамаандалара бэлэмнэниэхтэрэ.

«Бу соторутааҕыта үөрэтэр-дьарыктыыр тэрээһинтэн Монголияттан кэллибит. Хамаандабыт 25 киһилээх. Оонньууларга тыҥааһыннаах күрэхтэһии буолуо диэн сэрэйэбит, олус кыахтаах хамаандалар кэлиэхтээхтэр. Биһиги спортсменнарбытын күүстээх хамаандалары кытта күөн көрсөргө бэлэмниибит», -диир дзюдоҕа Саха сирин хамаандатын старшай тренерэ Илья Громов.

«Модун» национальнай спорт көрүҥнэрин киинигэр мас-рестлинг уонна спортивнай бальнай үҥкүү күрэхтэһиилэрэ ыытыллыахтаахтар.

«Универсальнай саалаҕа Led-экран ыллыбыт, тыас-уус аппаратуратын саҥартыбыт, уотун-күөһүн толору уларыттыбыт. Саҥа тэриллэрбитин «Спортивные якутяне» диэн оскуола оҕолорун  спартакаидатыгар бэрэбиэркэлиэхтээхпит. Хапсаҕайга уонна мас тардыһыытыгар дьарыктанар саалалары, сиэркилэлээх эрчиллэр улахан хоһу, таҥас уларыттар хоһу өрөмүөннээтибит. Манеж муостатын уларыттыбыт, киирии ааҥҥа «Аал Луук мас» диэн арт-эбийиэги оҥоттордубут»,  – диэн спорт комплекс дириэктэрэ Геннадий Васильев кэпсээтэ.

«Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Спорт – олох нуормата» бырагыраамаҕа олоҕуран Сайсаар уокуругар элбэх хайысхалаах «Чыпчаал» спорт комплекса тутулунна. Манна бастакы этээскэ 400 олорор миэстэлээх хайа баҕар спорт көрүҥүгэр табыгастаах  саалалаах, иккис этээскэ бокса уонна дьарык саалалардаах, быраас,судьуйалар уонна көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэригэр аналлаах хостордоох. Бу эбийиэк аныгылыы ирдэбилгэ эппиэттиир тиэхиньикэнэн толору хааччыллыылаах, ону тэҥэ доруобуйаларын хааччахтаах дьон сылдьалларыгар табыгастаах пандус, лифт үлэлиир.

«Оонньуулар кэмнэригэр манна волейболга бастакы күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Күһүҥүттэн 9 №-дээх оҕо спортивнай оскуолата түһүүлэнэн үлэлиэҕэ. Оскуола иитиллээччилэрэ сүрүннээн уус-уран гимнастиканан, пауэрлифтининэн, боксанан, волейболунан, о.д.а. спорт көрүҥнэринэн утумнаахтык дьарыктаныахтара. Бу комплекс  маннык улахан уокурук олохтоохторугар олус кэтэһиилээх эбийиэгинэн буолар. Атын уокурукка дьарыктана сылдьыбыт дьон билигин бэйэлэрин түөлэбэлэригэр чугастыы спордунан дьарыктаналларыгар кыаҕы биэрэр», — диэн саҥа спорткомплекс дириэктэрэ Василий Рязанскай санаатын үллэһиннэ.

СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан пресс-сулууспатын матырыйаалыттан

Марии Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ, ЯСИА

Читайте дальше