Суолга сэрэхтээх буолууга болҕомто ууруллар

Официальнай статистика быһыытынан, дойду үрдүнэн суол быһылааныгар сыл ахсын 300000 киһи өлөр эбит. Ол аата бүтүн Дьокуускай куорат дьонун ахсаана сылга суох буолар эбит. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ылан көрдөххө, сылга 340 суол быһылаана тахсар, 100 киһи өлөр эбит. Ол 100 киһиттэн 10-на оҕо. Ити сыыппара хомойуох иһин, сылларынан тэҥнээн көрдөххө, улаханнык хамсаабат эбит.

Онон суол быһылаана тахсыбатын туһугар оскуолалар ГАИ-лары кытары бииргэ үлэлэһэллэрэ хайаан да наадалаах диэн санааттан Исидор Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола салалтата улуустааҕы ГАИ үлэһиттэрин кытары сүбэлэһэн, суолга сэрэхтээх буолууга, суол быраабылатын тутуһууга аналлаах тэрээһиннэр үс күн устата ыытылыннылар. Ол курдук, ГАИ үлэһиттэрэ оскуола бары кылаастарыгар бэсиэдэлэри ыыттылар. Начаалынай кылаас оҕолоругар, барыта 11 кылааска суолга сэрэхтээх буолууга аналлаах уруһуй күрэҕэ буолла.

5-11 кылаас оҕолоругар кылаастарынан туспа суолга сэрэхтээх буолууга аналлаах олимпиадалар ыытылыннылар. Кыайыылаахтарга ГАИ үлэһиттэрэ Семен Артемьев, Егор Махаров уопсайа 45 мэтээли, диплому туттардылар. Маннык тэрээһиннэр уһуйаантан, оскуолаттан саҕалаан бу курдук былааннаахтык, ситимнээхтик ыытылыннахтарына, оҕолорбут инники олохторугар олус туһалаах буолуоҕа.

 

Валентина Филиппова    

 

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше