Дьокуускай куорат сиригэр биир ойуур баһаара тохтотулунна, ону тэҥэ 11 саҥа ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэннэ. Бу туһунан ойууру уоттан харыстыырга туһуламмыт өрөспүүбүлүкэ ыстаабын мунньаҕар экология миниистирэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Бэс ыйын 2 күнүн сарсыардатыгар Саха сиригэр иэннээх сиргэ 17 ойуур баһаара уонна50 га иэннээх сиргэ ойуура суох сиргэ умайа турар. Ордук харыстанар сирдэргэ 11 ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ бара турар. Манна уопсайа 616 киһи, ол иһигэр 485 ойуур үлэһиттэрэ, 21 киһи баһаары утары охсуһар сулууспаттан, 2 сири уларсар киһи, 108 — наймылаһан үлэлиир дьон. Бүлүү, Хаҥалас уонна Уус-Алдан улуустарыгар тахсыбыт баһаардары суһаллык умуруорарга сорудахтанна. Уустук балаһыанньа Өлүөхүмэ улууһугар турар. Манна ойуур баһаарыгар тиэхиньикэ кыайан тиийбэтэ улахан харгыс буолар. Үөһээ Халыма уонна Ньурба улуустарын баһаардарыгар салгын аала үлэлиир. Томпо улууһун баһаарын үөһэттэн көрөөрү салгын аала таҕыста.
СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан пресс-сулууспатын матырыйаалыттан