Дмитрий улуустааҕы балыыһа инфекцияҕа отделениетыгар сыппыта ыйтан орто. Бүгүн тахсыахтаах. Сарсыардааҥҥы көрүүнү кэтэһэ таарыйа туумбатыттан үрүсээгэр иһитин, сотторун, суунар тэриллэрин ылан кичэллээхтик дьаарыстаан уурда. Биир палаатаҕа сытар табаарыс уолаттара ымсыырбыттыы, эмиэ да мунчаарбыттыы, хомунарын көрө сыттылар.
– Дима, балыыһаттан тахсар абыраммыт киһигин, – Никита сэниэтэ суох баҕайытык саҥаран ньуллугураата. Кубархай баҕайы көрүҥнээх акылдьыйбыт уол, быара ыалдьар буолан, балыыһалары кэрийбитэ сылтан орто, онон төһө да салгыбытын иһин, үтүөрэр баҕаттан куруутун эмп сытынан аҥкылыйар балыыһаттан тахсыан эмиэ баҕарбат.
– Ким билэр. Билигин бырааспыт Антонина Гаврильевна атыны туойдаҕына да көҥүлэ, – сыллата эмиэ балыыһаны кэрийэр Кириисэ күлэн мүчүҥнүүр. Итиитэ бэрт буолан, маайканан эрэ сытар. Кэпсээнэ киирдэҕинэ, айаҕа хам буолбат. Аармыйаҕа морской флотка сулууспалаан, хайдах, ханан устубутун кэпсээтэҕинэ, бириэмэни билбэккэ хаалааччылар.
– Чэ, бүтүҥ, оҕолор. Арааһа, бырааспыт иһэр быһыылаах, – Никита өссө да айаҕа аһыллан кэпсиэх киһини тохтотор.
Көрүдүөргэ үрдүк хобулуктаах кылгас остоох сопуоскатынан чиҥ-чиҥник үктэнитэлээн хаамар тыаһы истэн уолаттар чуумпуран хааллылар. Ойон туран покрывалоларын көннөрбөхтөөт, ороннорун кытыытыгар чөмчөччү туттан олордулар.
Аан тэлэччи аһыллан, Антонина Гаврильевна кырыытынан устан киирэн кэллэ.
– Хайа, уолаттарым, доруобуйаҕыт хайдаҕый? – быраастара мичээрдээн күлүм аллайбытыгар иэдэстэригэр икки оҥхой кэрэлэнэн көһүннэ. Төһө да бэйэтин сааһыгар сөбө суох суон көрүҥнээҕин иһин, ис-киирбэхтик мичээрдээн кэбистэҕинэ, киһи хараҕар быраҕыллар кэрэ мөссүөннэнэр. Ол иһин бииргэ үлэлиир дьахталлара: «Мичээрдээ, мичээрдээ. Эр дьон сүрэхтэрин сүүйэр мичээргин харыһыйыма», –
диэн күлсээччилэр. Үлэтин таптыыр. Ыарыһахтар да ытыктыыллар. Отделениетыгар учуокка турааччылары, эккирэтиһэн да туран, сылга иккитэ көрөн тэйэр идэлээх. Антонина Гаврильевна киирээт, болҕомтотун Дмитрийгэ уурда.
– Хайа, Дмитрий, доруобуйа хайдаҕый?
– Үчүгэйбин. Тахсаары кынаппын куурда сылдьабын, – уол сэмэйдик хардарар.
– Выпискаҕын бэлэмнээтим. Кытаатан харыстан. Эмкин көтүппэккэ иһэн ис. Аны балыыһаҕа кииримэ. Ол эрээри поликлиникаҕа сылга иккитэ көрдөрөргүн умнума, – бырааһа барытын лоп бааччы быһаарарын быыһыгар уолга илиитин биэрэр.
– Сөп. Барыта эн эппитиҥ курдук буолуо, – Дмитрий дьахтар сымнаҕас илиитин ыга тутта.
Уол үрүсээгин ылан санныгар бырахпытын көрөн, уолаттар аттыгар чугаһаан, илиилэрин биэрдилэр.
– Чэ, көрсүөххэ диэри. Абыраммыт киһигин. Бүгүҥҥүттэн көҥүл чыычааххын. «Аны балыыһаҕа кэлимэ» диэн тыллары эмтэнэр быраастан бэйэтиттэн истэр төһө эрэ үчүгэй. Антонина Гаврильевна, биһиэхэ хаһан инньэ диигин? – Кириисэ күлэн ымайбытыгар аҕыйах хаалбыт тиистэрэ ардьаһан көһүннүлэр.
– Барыта бэйэҕититтэн тутулуктаах. Эмтэнэн тахсаат, арыгы үрдүгэр түһэр буоллаххытына, үтүөрүөхтээҕэр ыарыы оборчотугар эбии ылларан иһиэххит, – Антонина Гаврильевна ыарыһаҕын сэмэлээбиттии көрдө.
– Ээ, кэм буолуо. Бэйэм киирэн биэрэбин, – Кириисэ тараҕай төбөтүн сууралыы хаалла.
Дмитрий, балыыһаттан тахсаат, үрүсээгин убайыгар хаалларан баран, таптыыр кыыһыгар Тинаҕа бара сылдьарга быһаарынна. Сарсын дойдулуо. Кыыс үлэтиттэн эбиэккэ кэлэрин учуоттаан эбиэт саҕана тиийдэ. Икки мэндиэмэннээх дьиэ ыраахтан дьэндэйэ-ыҥыра көрүстэ. Үрдүк олбуордаах дьиэни дьулайа көрдөр да, эрэллээхтик туттан киирэргэ сананна. Кэлииккэ аттыгар кыыс ийэтэ, куруутун кыыһыран кыйытта сылдьар көрүҥнээх дьахтар, кыйахана көрүстэ.
– Кимҥэ кэллиҥ? Тина суох, – олбуорга киллэрбэттии ааны бүөлүү турунан кэбистэ.
– Сотору кэлэр ини. Мин манна күүтүөм, – уол, кыыс ийэтэ сөбүлээбэтин быһаччы биллэрбититтэн хомойон, мух-мах буолла.
Аллараттан үөһэ аанньа ахтыбатахтыы, эбиитин сэнээбиттии кынчыатыы көрбүт харахтан эт-этэ тымныйан, сибилигин көтүөн кыната эрэ суох курдук долгуйа-үөрэ испитэ ханна да суох буолла. Дьахтар иннигэр оскуола оҕотун курдук төһө өр тэпсэҥнии туруой? Эргиллэ түһээт, иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Хаһан да дьахтартан итинник сэнэниэм диэн санаабатаҕа. Буолан баран тапталлааҕын төрөппүт ийэтиттэн. Ол аата биһиги аймахха тэҥэ суоххун диэтэҕэ. Оттон Тина дьонун сыһыанын барытын билэ сырыттаҕа. Уонна тугу да саҥарбат. Ыарыһах диэтэхтэрэ. Кырдьык, оннук. Улуус баһылыгын солбуйааччы үрдүк үөрэхтээх кыыһа, эбиитин аспирантураҕа үөрэнэр, үөрэх управлениетын методиһа ханнык эрэ үөрэҕэ суох, дэриэбинэ боростуой, буолан баран, аһыы утаҕы амсайар дьон уолларыгар тоҕо кэргэн биэриэхтэрэй? Санаатыттан көймөстөн, эбиитин тууйуллан, сибилигин дьол кыымынан ыһыахтана испит хараҕа сиигирэн, хараҥарталаан, сүрэҕэ-быара ыгыллан, тулата барыта кураанахсыйбыт курдук буолла. Тинаны эрэ көрсүбэтэх киһи дии санаан, уулуссанан буолбакка, дьиэлэр быыстарынан, убайын дьиэтин диэки быһалыы түһүнэн кэбистэ…
Кристина Ивановна массыынатын уруулун эрийэ тутан дьиэтин таһыгар сыыйылыннаран кэлэн тохтоото. Теплица таһыгар муннун анныгар киҥинийэн ыллыы сылдьар ийэтин көрүстэ.
– Ийээ, туох үчүгэй сонуну истэн ыллыы сылдьар буоллуҥ? – Тина ийэтин санныттан сымнаҕастык кууста. – Дима кэлэ сылдьыбата дуо?
– Ханнык Дима? Суох, ким да кэлбэтэҕэ, – ийэтэ оҕурсулаах биэдэрэтин илиитигэр ылла. – Аата, бу уол элбэҕэр булбут киһиҥ да баар ээ. Үөрэҕэ, үлэтэ суоҕун таһынан эбиитин ыарыһах. Төрөппүттэрэ арыгыһыттар.
– Ийээ, былыргы өйдөбүлгүн тохтот эрэ. Күнүскү аһылыкка тугу буһардыҥ? Дима билигин манна кэлиэхтээх.
– Аҕаҥ куоракка барбыта. Онон тугу да буһарбатым. Оҕурсу сиэхпит, – ийэтин хардата бэлэм.
– Ийээ, кырдьыгынан эт эрэ. Дима кэлэ сылдьыбыта дуо? – Тина ийэтин сирэйин-хараҕын саарбаҕалаабыттыы көрдө. – Эн кэлбитин үүрбүккүн…
– Кыра оҕо буолбатах. Суоххун истээт, барбыта. Күүспүнэн тутуом этэ дуо? Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Эбиитин өһүргэһэ бэрт эбит. Эргиллэ түһээт, барбыта. Сылдьыа эбээт…
Кристина, салгыы истибэккэ, ийэтэ тохтото сатыырын үрдүнэн, түргэнник олбуортан тахсан барда.
Массыынатыгар олороот, Дима убайын дьиэтин диэки салайа тутта. Сотору Сэбиэскэй Сойуус Геройа Владимир Лонгинов аатынан ааттаммыт уулусса 147-с нүөмэригэр, шифер кырыыһалаах, ханнык да аныгылыы бүрүөһүнэ суох, иҥнэри барбыт мас олбуордаах дьиэҕэ тиийэн тохтоото. Олбуорга киирээт, дьахтардаах эр киһи теплицаҕа сылдьалларын көрөн онно тиийдэ.
– Дорооболоруҥ!
– Дорообо… – бырааттарын кытта чугас сыһыаннаах кыыс кэлэн турарын көрөн сэргии түстүлэр.
– Дима бүгүн балыыһаттан тахсыахтаах этэ. Төлөпүөнүн ылбат. Баҕар, манна баара буолуо диэммин… – Тина, төһө да хотоойутук тутуннар, кэнники тылын симиттэн ситэ эппэтэ.
– Ээ, сөп-сөп. Тахсарын тахсыбыта. Сибилигин дойдубар бардым диэн матасыыкылынан барбыта. Көрсүбэтэҕэ дуо? – уһун хара бараан киһи күө-дьаа буолла.
– Балыыһаттан үөрэн-көтөн кэлбитэ. Онтон ханна эрэ бара сылдьыбыта. Санаата түспүт этэ. Өссө бүгүн хонон-өрөөн барыах курдук туттубута, – диэн, тиритэн көлөһүн бычыгыраан тэтэрэ кыыспыт сирэйин туора-маары сотторун быыһыгар, саҥара-саҥара, теплицаттан эдэрчи дьахтар биэдэрэҕэ толору оҕурсулаах тахсан кэллэ.
– Ээ, сөп, чэ.
Тина ийэтин оҥоһуута буоларын эрдэттэн сэрэйэ санаатар да, дьонтон истэн, хомойон, сибилигин хотоойутук туттубута ханна да суох буолан, сирэйэ-хараҕа самнан, олбуортан тахсан барда.
– Бээ, ити уол туох буолбутай? Кэм буолуохпут. Ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүт диэбиккэ дылы. Билигин мин киниэхэ эрийиэм ээ. Төбөтө суох тойооску, – убайа Сэмэн төлөпүөнүн хаһыспытынан барда.
Ол эрээри… Тиналаах биһиги дьылҕабытын, ама да ийэ буолбутун, иһин ити «үрдүктүк санаммыт» дьахтар быһаарар хантан ылбыт бырааптааҕый? Сатаммата буолуо ээ. 18-таах уол курдук өһүргэммитэ буолан Тинаны көрсүбэккэ эрэ баран эрэбин. Сыыстым дуу? Дьиҥинэн, эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх буолуохтаах этим. Үктээтэххэ, оннооҕор кутуйах «чыып» диир. Мин буоллаҕына… көлөөк киһибин. Хаһан этэй? Аҕыс сыллааҕыта улуус киин оскуолатын онус кылааһын үөрэнээччилэрэ музей көрө таарыйа күрэхтэһэ кэлбиттэрэ. Онно Тиналыын аан бастаан билсибиттэрэ. Сандаарыччы көрбүт киэҥ арылхай харахтаах, биилин ааһар уһун суһуоҕун намылыччы түһэрбит үрдүк уҥуохтаах кыыһы уруккуттан да сөбүлүү көрөрө. Улууска күрэхтэһэ кэлэригэр ол кыыһы көрүөн баҕарара… Кыыс күрэхтэһиилэри көтүппэккэ көрөрүн бэлиэтии көрбүтэ. Ама, 25 саастарыгар диэри доҕордоһон, бэйэ-бэйэлэригэр тапталга билинэн баран, төрөппүт сөбүлээбэтэ диэн арахсан хаалыахтара дуо? Дьиҥэр, уол кыыһы дойдутугар илдьэр баҕалааҕа. Тина да утарсыбат этэ. «Кэбис, ыраата иликпинэ төннүүһүбүн. Көрсөн бардахпына табыллар. Кини тугу этэринэн буолуоҕа. Олохпут сайдар, дьон-сэргэ прогрессивнай өйө-санаата уһугунна диибит да, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйан, төттөрү түһэн иһэбит буолбатах дуо? Бэл, саастаах, олоҕу олорбут дьоммут итинник майгылаах, дьону-сэргэни аанньа ахтыбат, сэниир өйдөбүллээх буоллахтарына, ыччат сатарыйара, куһаҕан дьаллыкка ылларара чуолкай буоллаҕа. Оннооҕор мин, сүүрбэбин лаппа ааспыт киһи, быстах албын санааҕа киирэн, бэйэтин көрсүбэккэ, матасыыкылым үрдүгэр түстүм. Эдэр уол курдук, уһуну-киэҥи ырыҥалаабакка, сатамньыта суохтук быһыыланным. Түргэнник төннүөххэ». Уол төннөргө сананан матасыыкылын эргитэ тутта. Собуоттуох курдук туттан иһэн, бэлэх уурар тииккэ тиийдэ. Сиэбин хастан, хас да тимир манньыаты булан иһигэр: «Барыта үчүгэй буоллун, табылыннын», – диэн ботугураат, бэрт кичэллээхтик тиит мас хайа барбытыгар кыбыта аста.
Матасыыкыла үктүүрүн кытта бирилии түстэ. «Биирдэ эрэ үктэттэ… Үчүгэйбит», – уол сирэйэ сырдаан кэллэ. Ардах түспэтэҕэ ыраатан, буора өрүкүйэ сытар, улахан оллура-боллура суох биир дэхси көнө суолунан элээрдэ турда. Сотору буолбата, маҥан өҥнөөх массыына утары сыыйылыннаран иһэрин көрөн, сүрэҕэ үөрүүнэн туолла.
Татьяна Находкина