Ыраах сиртэн биир улуус кытыы дэриэбинэтигэр ааһан иһэр айан дьоно тохтоон чэйдээн ааспыттар. Кинилэри кытта онно тэҥҥэ көстүбэт киһи чээйдэспитин туһунан хойукка дылы кэпсээн оҥостолоро. Ол маннык этэ. Кирилэ диэн оччолорго 40-нун ааспыт аҕамсыйбыт киһи, эдэр 20-тин саҥа ааспыт уолу кытта таһаҕас тиэйэ ыраах айаннаан иһэн, оччолорго аара аһыыр, итии киллэринэр кафелар, чаайынайдар суох кэмнэригэр суол айаҕар турар оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ аһыыр эбиттэр. Бу сырыыга эмиэ уруккуларын курдук массыыналарын олбуорга киллэрэн, оҕонньордооххо киирбиттэр. Оһох уота тигинэччи оттуллан, таһыттан киирбит дьону сылааһынан угуттаабыт. Оһох таһыгар ас астаан букунайа сылдьар эмээхсин билэр дьонун көрөн сэргэхсийэ түспүт. Оҕонньор кэтэҕириин ороҥҥо хаһыат ааҕа сытан, дьон кэлбитин көрөн туран, ыалдьыттарын көрсүбүт. Ыраахтан кэлбит дьон оҕонньорго куруук кэһиилээх сылдьар үгэстээхтэр эбит. Ол үгэһи тутуһан күө-дьаа чээйдээри олордохторуна, ыалдьыттарга анаан ылыллыбыт икки чааскыттан биирэ арай чэй кутуллаатын кытта салгыҥҥа көтөҕүллэн кэлбит. Оҕонньордоох эмээхсин саҥата суох сирэй сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэр. Ыалдьыт кубарыйан, көрбүтүттэн соһуйан ах барбыт. Арай салгыҥҥа көтөҕүллүбүт чааскыттан, ким эрэ, көстүбэт киһи чэй иһэн киллиргэтэр тыаһа иһиллибит. Ыалдьыттар хамсаабакка таастыйан баран олорбуттар. Эмээхсин үһүс чааскытын ылан ыалдьытын иннигэр аҕалан уурбут. Саҥата суох чээйдии олорбуттар. Онтон эмээхсин күөһүн хоторон остуолга аҕалыыта, били көстүбэт киһи аны тэриэлкэлээх аһы бэйэтин иннигэр тардыммыт. Дьэ, онуоха дьиэлээх оҕонньор ыксаабыт. Биир үрүүмкэҕэ толору ыалдьыттарын кэһиититтэн кутан баран аал уотун иннигэр аргынньахтаан олорон көрдөһөн барбыт. Онуоха остуол диэкиттэн саҥа иһиллибит: — Бээ, дьиэлээх кырдьаҕас ыгылыйыма, мин эмиэ ааһан иһэр айанньыппын, эһигини куттаамаары, ыар тыыммынан салгыҥҥытын хамсатымаары көстүбэппин. Бу айан дьонун кытта араа-бараа айаннаан испиппит. Айыы аһылыгыттан аһастым, ону баалаамаҥ, — диэн баран, эмискэ тас халҕан аһылла биэрбитигэр, таһыттан тымныы салгын бургучуйан киирбитин курдук, аан тыастаахтык сабыллан хаалбыта. Көстүбэт ыалдьыт тахсан барбытын кэннэ, тыҥаан хаалбыт быһыы-майгы кэҥииргэ, чэпчииргэ дылы буолбута. Ити курдук хата кинилэр дьоллоругар, амарах санаалаах абааһыта биллибэт айыыта биллибэт, тэҥҥэ асаһан ааспытын туһунан Кирилэ өтөрдөөҥҥө дылы кэпсиир буолара.
©️ edersaas.ru сайтан
Ульяна Захарова