(«Олоххо, үлэҕэ туох суоҕай?» 14 саастарыттан үөһээ саастаах үөрэнээччилэргэ уонна улахан дьоҥҥо улуустааҕы куонкурус «Быара суох ыыппыт кэпсээнньит» анал аат хаһаайката — Ороһу нэһилиэгиттэн Галина Котоконова кэпсээнин ааҕаргытыгар ыҥырабыт)

Ол саҕана Ороһуга эрэ оҕурсуу үүнэрэ. Биһиги, орто сүһүөх оҕолоро, сайыҥҥы сынньалаҥмытыгар аҕыс кыыс онно үлэлиирбит. Биһигини кытта өссө биэс эмээхсин үлэлииллэр. Теплица иһэ итии буолан сотору-сотору тахсан уунан суунабыт, сөрүүккүүбүт. Улахан баҕайы цистернаттан оҕурсууларбытыгар уу кутабыт, сыыс ордук от тахсыбатын диэн ыыраахтарын ыраастыыбыт, баайабыт. Сотору-сотору быһан оройуон маҕаһыыннарыгар туттараллар, сороҕор вертолетунан Кыһыл Сыыртан кэлэн илдьэ бараллар.

Биир күн өйдөөн көрбүппүт цистерналаах уубут бүтэн түгэҕэр эрэ хаалбыт. Бригадирбыт: “Цистерна иһин сууйан кээһиҥ”, – диэн бирикээс биэрдэ. Мин оччолортон кыаммаппын — онон киирэ да сорумматым. Наташа онно киирэр уонна саҥарар: ой дуорааннаах буолан отой үчүгэйдик иһиллэр. Биһиги хайҕаа да хайҕаа: “Левитан курдук саҥараҕын. Радио дикторын курдук куоластааххын”, — диибит. Сороҕор: “Таҥара курдук иһиллэр”, — диибит. Хайҕаа да хайҕаа. Кими эрэ дьээбэлиэххэ диэн кигистибит. Наташабыт цистерна иһигэр киирэн олорунан кэбистэ: “Ким иһэрин этээриҥ”, — диэтэ. Арай, көрбүппүт аҥардас кырдьан эрэр саас ортолоох түөтэ — Арыыска иһэр эбит. Наташаны сэрэттибит уонна туох да буолбатаҕын курдук сөрүүккүү олордубут. Арыыскабыт чугаһаабытыгар эмискэ “үөһээ халлаантан”: “Арыыска, эргэ тахсыаххын баҕараҕын дуо?”, —  диэн улахан баҕайытык сөҥ куолас саҥарда. Санаабытыгар таҥара курдук. Арыыска барахсан дэлби соһуйда. Биһиги олорон кистээн кыатана сатыы-сатыы күл да күл буоллубут. “Ити кимий?”, — Арыыска кыратык тардыалатан ылла. Наташа: “Таҥара!”. Онуоха Арыыска быһыыта барытын өйдөөтө уонна: “Ким суоҕуй? Аа, Куокалар кыыстара. Дьоҥҥор киэһэ тиийиэм бэйи…”, — диэн саанна. Биһиги саҥата суох олоробут.

Арыыска киэһэ Куокалаахха тиийэ сылдьыбыт. Наташа барахсаны дэлби мөхпүттэр этэ. Онтон ыла улахан дьону дьээбэлээбэт буолбуппут.

Галина Котоконова

Хаартыска интэриниэт ситимиттэн

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше