«Тобуруокап көмүс күһүнэ» айар куттаахтары түмтэ

Бүгүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, VIII төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Тобуруокап көмүс күһүнэ» саҕаланна.

 “Тобуруокап көмүс күһүнэ»  хоһоон көҥүл түһүлгэтэ саха норуодунай поэта Бүөтүр Николаевич Тобуруокап түмэл – уһаайбатыгар араас сирдэртэн дьону түмтэ. Ол курдук, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Кэбээйи, Чурапчы, Нам, Уус-Алдан, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан, Дьокуускай куораттан, «Иэйии» түмсүү уонна улууспут нэһилиэктэриттэн  барыта 11 улуустан түмсүүлэр уонна биирдиилээн айар куттаахтар муһуннулар.

Тэрээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы А.М.Уларова, Нам нэһилиэгин баһылыга А.И.Кардашевскай, поэт күтүөтэ, тэрийээччи, суруйааччы Д.Ф.Наумов, Дьокуускай куораттан ыалдьыттар, саха норуотун суруйааччыта Н.В. Михалева — Сайа, тыл билимин дуоктара В.Б. Окорокова  эҕэрдэ тылларын эттилэр. Улуустааҕы «Санаа ситимэ» литературнай түмсүү хомоҕой тыллаах хоһооннорунан, Нам кэрэ кыргыттарын ансаамбыллара ылбаҕай ырыаларынан тэрээһин арыллыытын киэргэттилэр.

Айар куттаахтар күүтүүлээх тэрээһиннэригэр кинигэ быыстапката, атыы-эргиэн дьаарбаҥката тардылынна. Хас биирдии кэлбит ыалдьыкка  итии чэйинэн, амтаннаах алаадьынан күндүлүүллэр. Төһө да халлааммыт тымныйдар, Б.Н.Тобуруокап уһаайбата элбэх киһини муста, бары истиҥ көрсүһүүттэн астына-дуоһуйа, үөрэ-көтө сылдьаллар.

Тэрээһин бырагыраамата

*Балаҕан ыйын 6 күнэ* 

🔸*10.20-17.30* Хоһоонньуттары истии.

🔸*14.00-14.15* «Дани-Алмас» компания» кинигэ кыһатыгар босхо бэчээттэнэн тахсар уус-уран кинигэ ааптарын быһаарар көрүү-күрэх үөрүүлээх аһыллыыта. (П.Н.Тобуруокап түмэлин тэлгэһэтэ)

*18.00* Хоһоон, ырыа түһүлгэтэ: көҥүл микрофон, кинигэ атыыта, автограф остуола, кутаа тула хоһоон, ырыа түүнэ… — Сыа балыкка муҥха — Туулааһын — Собо миинин буһарыы (Бүлүү эбэ биэрэгэ, “Сэмэнээс Даркылааҕа”)

 *Балаҕан ыйын 7 күнэ* 

*09.00-11.00* Хоһоонньуттары истии

*11.20-11.30* Уопсай хаартыскаҕа түһүү.

🔸*11.30-12.00* “Түөрт строка” хоһоон айыытыгар күрэх.

*12.00-14.00* Хоһоонньуттары истии (П.Н.Тобуруокап түмэлин тэлгэһэтэ)

🔸*14.15* Нам сынньалаҥ киинигэр мустуу

*14.30-16.30* 1. “Саха народнай поэта П.Н.Тобуруокап” түөскэ кэтэр бэлиэни туттарыы үөрүүлээх түгэнэ. 2. Хоһуйсуу күрэҕэ 3. «Дани-Алмас» компания» кинигэ кыһатыгар босхо бэчээттэнэн тахсар уус-уран кинигэ ааптарын быһаарар көрүү-күрэх түмүгүн иһитиннэрии. (Намнааҕы сынньалан киинэ (спорт саала)

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат

Читайте дальше