Бу бырааһынньык араас идэлээх дьону — суруналыыстары, редакция уонна типография ветераннарын, полиграфистарын, техническэй үлэһиттэрин, общественнай корреспонденнары, юнкордары, хаһыаты тарҕатааччылары түмэ тардар бэлиэ күн. Кинилэр сыралаах, үрдүк таһаарыылаах үлэлэринэн биир сомоҕо информационнай эйгэни хааччыйаллар, сиэр-майгы туруктаах буолуутун бэчээт күүһүнэн мэктиэлииллэр, общественнай санааны үөскэтэллэр, былаас уорганнарыгар ыйааһыннаах дьайыыны оҥороллор.
Хаан-уруу «Үөһээ Бүлүү» хаһыаппыт хас биирдии матырыйаала улуус социальнай-экономическай сайдыытын кэрэһитинэн буолар, итиэннэ төрөөбүт дойдубут үүнэр-сайдар историятын кэнэҕэски ыччакка бэчээт күүһүнэн мэктиэлээн хаалларар. Бу күн биһиги киэн тутта, махтана ааттыахпыт этэ биһиэхэ өрүү холобур буолар ытык-мааны ветераннарбытын: Анна Прокопьевна Алексееваны, Николай Павлович Васильевы, Мария Егоровна Сячикованы, Евдокия Петровна Павлованы, Мария Степановна Афанасьеваны, Октябрина Васильевна Николаеваны; биһиэхэ күннэтэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолар общественнай корреспонденнарбытын: Ульяна Терентьевна Тимофееваны, Георгий Алексеевич Степановы, Иван Егорович Чычаховы, Алексей Алексеевич Николаевы, Николай Алексеевич Струкины-Дьулусханы, Александр Семенович Поскачины, Варвара Лукинаны, Надежда Прокопьевна Тойтонованы, Валентина Захаровна Осипованы, Люция Тарасовна Егорованы уонна «Эрчим», «Тыллыы», «Бараховец», «Иэйэхсит» пресс-киин эдэр корреспонденнарын. Быйылгы сылга Россия суруналыыстарын Сойууһа өссө биир чилиэнинэн хаҥаата, ол курдук, биһиги эрэллээх көмөлөһөөччүбүт Надежда Прокопьевна Тойтонова бу Сойуус чилиэнинэн буолан, барыбыт үөрүүтэ үксээтэ.
Күнду коллегалар! Эһиги хас биирдии бэчээттэммит тылгыт иһин күннэтэ сүҥкэн улахан эппиэтинэһи сүгэҕит, профессиональнай таһымҥытын үрдэтэр тургутуулары өрүү үрдүк чиэстээхтик ааһаҕыт. Маныаха саамай сүрүнэ — объективнай, тутулуга суох хорсун санааҕыт, айар үлэҕитигэр үрдүк эппиэтинэскит — эһигини хайа да түгэҥҥэ түһэн биэрбэтин! Икки өттүттэн биир сыалга — нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтиигэ — туһуламмыт көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ уонна былаас икки ардынааҕы диалог конструктивнай буоларыгар эрэниэҕиҥ уонна ол туһугар сылайбакка үлэлиэҕиҥ!
Күндү доҕоттор! Профессиональнай бырааһынньыкпытынан өссө төгүл эҕэрдэлээн туран, улууспут хаһыатын тираһа уонна рейтинэ өрүү үрдүү турарыгар, профессиональнай кыайыылары, сытыы матырыйааллары уонна айар, суруйар фантазияҕыт сөҕүрээбэтигэр баҕарыаҕыҥ! Тус олоххутугар киил мас курдук кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэ туруктаах буолууну уонна дьолу-соргуну баҕарабыт!
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакцията