Бүгүн, бэс ыйын 3 күнүгэр, Томпо оройуонугар VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга анаммыт эстафетаны тэрийдилэр. Уоту арыаллааччылары «Алдан долгуннара» ансаамбыл кыргыттара алаадьылаах кымыһынан көрүстүлэр.
Уоттаах факелы Хаандыга бөһүөлэк уулуссаларынан спортивнай оонньууларга көҕүл тустууга кыттыахтаах Саха сирин холбоһуктаах хамаандатыгар киирбит оҕолор: Уһук-илиҥҥи уокурукка биирдиилээн бастыыр иһин күрэх призера, оскуола үөрэнээччилэрин спартакиадатын II призера Алена Диодорова уонна Уһук-илиҥҥи уокурукка биирдиилээн бастыыр иһин күрэх чөмпүйүөнэ Люба Кислякова.
Ону тэҥэ эстафета кыттыылаахтарын быыстарыгар хотугу многоборьеҕа Россия чөмпүйүөнэ Людмила Лукашевич, «Томпо улууһун баһылыгын кубога» ох саанан ытыы өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирын призера Надежда Зудина, коҥүл тустууга Россия спордун маастара Федот Слепцов, бильярдка өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх призера Никита Потапов, хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Юрий Сыромятников,
адаптивнай спорт көрүҥнэригэр чэпчэки атлетикаҕа СӨ чөмпүйүөнэ Анна Малявко, хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ турнирын муҥутуур кыайыылааҕа Магомед Давлетгериев, ох саанан ытыыга Россия спордун маастара Петр
Андросов хаамтылар.
Томпо улууһун баһылыга Яков Степанов, оройуоннааҕы депутаттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Михаил Неустроев, Хаандыга бөһүөлэгин баһылыгын солбуйааччыта Ирина Геленкенова бэлиэ түгэнинэн олохтоохтору, кыттааччылары эҕэрдэлээтилэр. Спортсменнарга уонна Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар ситиһиилэри баҕардылар. Томпотооҕу элбэх хайысхалаах гимназия үөрэнээччилэрэ, Валерия Сурова, Эдуард Власов эҕэрдэ нүөмэрдэри бэлэхтээтилэр.
VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуу эстафетата Хаҥалас, Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Мииринэй, Ленскэй, Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ, Эдьигээн, Уус-Дьааҥы, Аллайыаха, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Үөһээ Халыма, Өлүөхүмэ, Эбээн-Бытантай, Үөһээ Дьааҥы, Абый, муома, Өймөкөөн, Кэбээйи улуустарыгар ааспыта.
Эстафета уота 315 факелы тутааччы, 620 волонтер кыттыылаах 33 547 км уһуннаах сири айаннаата. Уоту уматыы сиэрэ-туома оонньуулар буолуо 100 хонук хаалбытыгар, кулун тутар 19 күнүгэр «Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа ыытыллыбыта. Эстафета Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыттан кулун тутар 20 күнүгэр айаннаан, бэс ыйын 26 күнүгэр Дьокуускай куоракка Оонньуулары арыйыы үөрүүлээх тэрээһинигэр тиийиэҕэ. Инньэ гынан, эстафета уопсайа 37 тыһ. км. барыаҕа.
VIII «Дети Азии» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар Саха сирин тэбэр сүрэҕэр — Дьокуускай куоракка бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.
СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан пресс-сулууспатын матырыйаалыттан
«Томпо илдьитэ» хаһыат хаартыскалара