Бу күннэргэ улуус бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир «Дапсы фондата» диэнтэн «Оҕо дьиэтиттэн — олук үктээн» диэн кинигэни ылан аахтым. Ахтыы кинигэни Гаврильев Николай Николаевич диэн омук тылын учуонайа суруйбут. 1934 сыллаахха Боотулуу Чинэкитигэр (Арҕаа Маҥааска) төрөөбүт буолан, кэлэр 2024 сылга кини төрөөбүтэ 90 сыла туолар эбит. Пааспарыгар суруллубутунан, төрөөбүт даатата 1934.12.14 күнэ. Чинэкиттэн төрүттээх ийэтэ Марыынанан чугас аймахтара Чөккүүктэр. Аҕата Ньукулай Боотулуу Көтөрдөөҕүттэн төрүттээх Долгун аҕатын ууһун киһитэ. Сэрии иннигэр Сургуулукка олордохторуна уонтан тахса сүөһүлээхтэр, биир үөр сылгылаахтар эбит. Онно эбии аҕата кыһыннары-сайыннары элбэхтик атынан айанныыр, этин, арыытын атыылыыр, эдэриттэн кыралаан эргинэр киһи буолан, сэниэтик олорбуттар. 1939 дуу, 1940 дуу сыллаахха туох баар сылгыларын, ынахтарын холкуоска тутан ылбыттар. Бэйэлэригэр биир ынаҕы эрэ хаалларбыттар. Сэрии саҕаламмытыгар, кыһын аччыктаан ол биир ынахтарын сиэн кэбиспиттэр. 1942-1943 сс. кыһыннарыгар ынырыктаах аччыктааһын саҕаламмыт. Дьон бөҕө хоргуйан өлбүт. Ол кыһын аҕатын бииргэ төрөөбүт убайын түөрт оҕолооох дьиэ кэргэнин кытта икки ыалынан дьукаах олорбуттар, уон киһи. Биир да сүөһүлэрэ суох. Холкуос ыйга икки ыалга биир буут бурдугу биэрэрин хааһылаан сииллэр эбит. Атын астара суох. Ыксаан ынах тириитин, аан бүрүөтүн ууга буһаран сиэбитэ буолаллар эбит. Ол кыһын бастаан саҥаһа Балбаара, онтон абаҕата оҕонньор Кубайык Ньукулай, онтон ийэтэ Марыына уонна ыам ыйыгар аҕата Хабырыллайап Ньукулай Хабырыллайабыс хоргуйан өлбүттэр. Алта оҕо тулаайах хаалбыттар, Ньукулай алта сыл аҕа убайынаан Дьөгүөрдүүн уонна Кубайык Ньукулайдаах оҕолоро Сэмэн, Өрүүнэ, Аана, кыра уоллара Миитэрэй. Бука, төрөппүттэрэ эрэйдээхтэр астарын дуомун оҕолоругар биэрэн, бэйэлэрэ аанньа аһаабакка хоргуйан өлөөхтөөбүт буолуохтаахтар. Бу оҕолортон Өрүүнэ 1943 сыллаахха Куорамыкыга киирэн, күһүнүгэр быарынан ыалдьан өлөөхтөөбүт. Уоннааҕылара киһи-хара буолбуттар, ыал-күүс буолан оҕо- уруу тэниппиттэр эбит.
Ол саас Ньукулай аччыктаан өлөөрү сыттаҕына убайа Чоҥхоойоп (Петров) Баһылай түбэһэ кэлэн, сыарҕаҕа олордон, олорор сирдэриттэн Айаҕалыыртан Баҕадьаҕа илдьэн, пиэримэҕэ сэбиэдиссэйдиир эдьиийдэрин Ксенофонтова Мария Саввична дьиэтигэр көтөҕөн киллэрбит. Инньэ гынан, үүт, суорат сиэн тыыннаах хаалбыт. Ол кэнниттэн таҥаһа-саба суох, барыта илдьирийэн хаалбыт ыстааннаах, ырбаахылаах Сургуулугунан, Көтөрдөөҕүнэн, Боотулуунан ыалы кэрийэ сылдьыбыт. Оннук сылдьар уолу 1943 сыл балаҕан ыйыгар Калинин холкуос салалтата (Ксенофонтов Савва, Угаров Спиридон) уонна нэһилиэк Сэбиэтэ (Семёнов) кинини Үөһээ Бүлүүгэ саҥа аһыллыбыт оҕо дьиэтигэр ыытарга быһаарбыттар. Үөһээ Бүлүүгэ оҕо дьиэтигэр киллэрэннэр, онтон үргүлдьү Үөһээ Бүлүү оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэххэ киирбит.
Оҕо сылдьан хаста да улаханнык ыалдьан өлө сыспыт. Бастаан оскуолаҕа киирэ илигинэ куорунан ыалдьан баран, үргүлдьү тымныйан ыалдьан, өйө суох уон алта күн сыппыт. Тохсунньуга ыалдьыбыт киһи сайын тиийэн эрэ букатыннаахтык үтүөрбүт. Сэрии кэмигэр хоргуйан өлө сыспытын эдьиийигэр аҕаланнар өрүттүбүт. Онтон оҕо дьиэтигэр киллэриэхтэригэр диэри ыалы кэрийэ сылдьан төһөлөөх аччыктаабыта, тоҥмута-хаппыта буолуой?! Сэрии кэмигэр детдомҥа син биир ас-үөл да, таҥас-сап да мөлтөх, дьиэ-уот да тымныы буолан, мэлдьи тоҥуу-хатыы этэ. Детдомҥа сылдьан иккитэ улаханнык ыалдьыбыт. Үһүс кылааска сылдьан босхоҥ буолан хаалбыт. Сыл аҥаарын кэриҥэ ыалдьан эрэй бөҕөтүн көрөн, сороҕор олох барар да кыаҕа суох буолан сытынан кэбиһэн, сороҕор содьороҥноон хааман, кылааһын син бүтэрбит. Төрдүс кылааска сылдьан «испанканан» тохсунньуга ыалдьыбыт. Оронтон кыайан турбат буолуор диэри мөлтөөн, муннунан хаана баран отой өлө сыспыт. Сайын тиийэн биирдэ үтүөрбүт эрээри, кылааһын бүтэрбит.
Оскуолаҕа сылдьан пионерга киирбит, онтон комсомол чилиэнэ буолбут. Сэттис кылааһы туйгуннук үөрэнэн бүтэрбит. Общественнай үлэҕэ элбэхтик кыттар буолбут. 8-9 кылаастарга оскуола комсомольскай тэрилтэтин кэмитиэтин сэкирэтээринэн талыллан үлэлээбит. Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын 1953 сыллаахха Тарабукин (Чепалов) Виктор диэн уолу кытта оскуола устуоруйатыгар бастакынан үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэр. Бу уола Ленинградка ойуур академиятын үөрэнэн бүтэрбит.
Оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы пединститукка историк идэтигэр үөрэнэ киирбит. Биир ый курдук үөрэнэн баран, Иркутскайдааҕы омук тылларын институтугар миэстэ баарын истэн, үөрэх министиэристибэтигэр тиийбит. Миэстэ баар, сөмөлүөт харчытын төлүүбүт диэн быһаараннар, Иркутскайга көтөн тиийбит. Оччолорго Иркутскайга алта институт, биир университет уонна хас даҕаны орто үөрэх тэрилтэлэрэ бааллара. Саха сириттэн үс сүүс устудьуон үөрэнэр эбит. Ити үөрэммит оҕолортон кэлин элбэх киһи учуонай, салайааччы, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх үлэһиттэрэ буолан тахсыбыттар. Николай Николаевич Үөһээ Бүлүү орто оскуолатыгар үөрэнэригэр Мышлякова диэн соҕурууттан кэлбит учуутал немец тылыгар үөрэппит эбит эрээри, институкка англия уонна немец тылларын салааларыгар миэстэ суох буолан, француз тылын салаатыгар үөрэххэ ылыллыбыт. Үс отделениенан элбэх саха оҕото үөрэммит. Николай Николаевич Гаврильев Үөһээ Бүлүүлэртэн омук тылын специалиһа буолбут бастакы киһи быһыылаах. Институкка француз тылын таһынан английскай тылы уонна латыыны эмиэ үөрэппиттэр. Кини үһүс кууруска үөрэнэ сырыттаҕына институкка үөрэнэ кэлбит саха оҕолорун ортотугар Үөһээ Бүлүүттэн Лаппаров Фёдор Алексеевич тиийэн, эмиэ француз тылыгар үөрэнэн бүтэрбит. Кинилиин институттан ыла доҕордоспуттар, кэлин Саха госуниверситетыгар өр сыл бииргэ үлэлээбиттэр. Николай Николаевич институкка биэс сыл үөрэнэригэр харчыта суох буолан, дойдутугар биирдэ да бара сылдьыбатах. Ол оннугар араас үлэлэргэ бары үлэлээбит, ыскылаат да харабыллаабыт, алюминий собуотун тутуутугар үлэлээн хамнас аахсар, күһүн аайы холкуоска тахсан хортуоска, хаппыыста хомууругар үлэлээн босхо аһыыр уонна харчы өлөрөр эбит. Киниттэн икки куурус үрдүкү Бүлүү Баппаҕаайытыттан Федоров Илья Семенович үөрэммит. Кинилиин өр сыл университекка бииргэ үлэлээбиттэр. Ульяна Васильевна диэн, кэргэнинэн Попова, эмиэ киниттэн эрдэ, 1956 сыллаахха институту бүтэрэн баран 40-тан тахса сыл Сунтаар оскуолаларыгар француз тылын үөрэппит аатырбыт учуутал баар эбит. Ульяна Васильевна үөрэппит оҕолоруттан 90-тан тахса киһи француз тылын учууталлара буолбуттар. Кини уола Попов Сергей Вячеславович Үөһээ Бүлүүтээҕи физмат оскуоланы бүтэрбит, математика наукатыгар сахалартан баар 9 наука доктордарыттан биирдэстэрэ буолар.
Гаврильтев Н.Н. этэр: «…киһи омук тылын грамматикатын кыһаллан үөрэтэн үчүгэйдик билиэн сөп. Тыл лиэксикэтин ылан көрдөххө, 2 тыһыынчаттан 5 тыһыынчаҕа диэри тылы билэр буоллаххына, ол аата омук тылын баһылаабыккын диэххэ сөп. Оттон тыл фонетикатын, ол эбэтэр тылы саҥарыыны ылан көрдөххө, омук-омук саҥарар уорганнарын тутуллара атын- атын буолаллар. Ол эбэтэр «аксыана суох омуктуу саҥарыы» диэн этии, мин санаабар, олоҕо суох. Холобур, биһиги, сахалар, нууччалыы да, омуктуу да саҥардахпытына сахалыы аксыаммыт сүтэн хаалбат, хайаан даҕаны баар буолар. Ону Н.Д. Дьячковскай (саха тылын фонетикатыгар наука доктора, профессор- Ө.Б.) Ленинградскай университекка Л.В. Щерба төрүттээбит лабораториятыгар чинчийбитэ. Уонна С.А. Новгородов кинигэлэрэ профессор Пасси транскрипциятыгар олоҕурбуттара мээнэҕэ буолбатах. Ол иһин билигин саха тылын үөрэтэр учуонайдар латыницаҕа төннүөххэ дииллэрэ оруннаах: биһиги саҥабыт дорҕоонноро кириилиссэҕэ сөп түбэспэттэр. Ол туһунан саҥа саха алпаабытын оҥорбут, саха тылын дорҕооннорун анаан-минээн үөрэппит И.Е. Алексеев профессор толору дакаастаан турар. Дьэ, ол иһин биһиги, саха оҕолоро, француз омук тылын фонетикатын үөрэтэрбитигэр улаханнык ыарырҕатар этибит. Төһө да Л.В. Щерба «Фонетика французского языка» диэн классическай үлэтигэр тирэҕирэн үөрэммиппит иһин».
Н.Н. Гаврильев 1958 с. омук тылын институтун туйгуннук үөрэнэн кыһыл дипломнаах бүтэрэн баран, университекка үлэҕэ киирээри кэпсэтэн көрбүт да, миэстэ суох буолан Нам оройуонугар учууталлыы барбыт. Нам оройуонун Граф биэрэгинээҕи оскуолаҕа, оройуон киинин орто уонна сэттэ кылаастаах оскуолаларыгар француз тылын учууталынан үлэлээбит. Түөрт сыл учууталлаан баран, 1962 сыллаахха Ленинградтааҕы Герцен аатынан институт уонна университет истэринэн үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр преподавателинэн үлэлиир специалистары бэлэмниир соруктаах икки сыллаах үрдүкү куурустар диэннэр арыллыбыттарыгар баран туттарсар. Биир миэстэҕэ 7-лии киһи куонкурустаах улахан тургутугу ааһан, үрдүкү куурустар истээччилэринэн буолар. Ол үөрэҕин эмиэ туйгуннук үөрэнэн 1964 сыллаахха бүтэрэр уонна Саха госуниверситетын омук тылын кафедратын ыстаарсай преподавателинэн ананар. Университекка 7 сыл үлэлээбитин кэннэ, 1971 сыллаахха, омук тылын факультетын деканата ыытан, Москваҕа Морис Торез аатынан омук тылын институтун аспирантуратыгар үөрэххэ туттарсан киирэр уонна үс аҥаар сыл үөрэнэн бүтэрэр. Аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан «Семантико-синтаксические особенности диалога и их стилистическое использование» диэн тиэмэҕэ чинчийии оҥорор. Аспирантуратын бүтэрэригэр диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскүүр уонна филологическай наука кандидатын учуонай степенин ылар. 10 сыл СГУ омук тылын кафедратын сэбиэдиссэйэ. 1978 с. доцент, 1998 сылтан профессор. Үөрэппит уола доцент В.П. Артамоновы кытта өр сыл үлэлээн, «Французтуу-сахалыы кылгас тылдьыт» диэн 13000 кэриҥэ тыллаах, 544 сырайдаах уонна «Сахалыы-французтуу кылгас тылдьыт» диэн 8000 кэриҥэ тыллаах, 363 сырайдаах икки улахан лексикографическай үлэлэри суруйан, биирдии тыһыынча экземплярынан 1997 уонна 2002 сыллардаахха бэчээттэппиттэрэ Франция уонна француз тыллаах дойдулар, Арассыыйа, Саха сирин учуонайдарын улахан биһирэбиллэрин ылбыт. Бу үлэлэр кинилэр научнай үлэлэрин кылаан чыпчаалынан, саха омукка үйэлэргэ өлбөөдүйбэт күндү бэлэхтэринэн буолар. Дэлэҕэ даҕаны, бу үлэлэрин иһин кинилэргэ СӨ наукаҕа уонна техникаҕа 2004 сыллааҕы Судаарыстыбаннай бириэмийэтин СӨ Президенэ В.А. Штыров 2004.04.23 күнүнээҕи Ыйааҕынан ананыа дуо! Маннык бириэмийэни тыл эйгэтигэр анааһын диэн олус сэдэх көстүү эбит. Урут арай профессор Н.Г. Самсонов уонна академик П.А. Слепцов ити улахан бириэмийэҕэ тыл үөрэхтээхтэриттэн тиксэн тураллар эбит. Маны таһынан, Н.Н. Гаврильев науканан дьарыктанан 1 монографияны, 20-чэ научнай ыстатыйаны, 20-чэ үөрэнэр-методическай кинигэлэри суруйбут. Кини ССРС үрдүк үөрэҕин туйгуна, РФ үрдүк профессиональнай үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ наукаҕа уонна техникаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Учууталлар учууталлара, тыыл, үлэ бэтэрээнэ этэ.
Оскуолаҕа 2-с кылааска үөрэнэ сылдьан оҕолортон үөрэнэн саахыматтыыр буолбут. 3-с кылааска сылдьан Капабланка “Саахымат оонньуутун бастакы кинигэтин” сахалыы тылбааһын аахпыт. Эбии кинигэ булан, биллиилээх гроссмейтердар партияларын ырыппыт, саахымат теориятын үрдүнэн-аннынан үөрэппит. 6 кылааска сылдьан «Шахматы в СССР» сурунаал садаачалары уонна этюдтары суоттааһыҥҥа биллэрбит Бүтүн Сойуустааҕы күрэҕэр кыттыбыт. Икки ый устата суоттаан Москваҕа ыыппытыгар сотору соҕус буолан баран сурунаал редакциятыттан хайҕал сурук кэлбит. Онтон ыла оонньоон оскуоланы бүтэрэригэр 3-с разряды толорбут. Институкка сылдьан 1 разрядтаах саахымаччыт буолбут. Биирдэ Саха сирин хамаандатыгар киирсэн, Россия “Урожай” ДСО-гар кыттан, бэйэтин дуоскатыгар 3-с миэстэни ылбыт. Соҕуруу үөрэнэ сылдьан элбэхтик гроссмейстердары кытта сеанска оонньотолообут. Ол иһигэр В.Л. Корчнойу кытта үстэ оонньообут. Аан дойду чемпионнара Борис Спасскайы, Анатолий Карповы, гроссмейстердар А. Лейны, В. Купрейчигы кытта тэҥнэспит, гроссмейстер А. Толуһу кыайбыт. Өр сылларга СГУ чемпионатыгар омук тылын саахымакка хамаандатын хаппытаана эбит. 1966 с. Алма-Атаҕа саахымат Универсиадатыгар СГУ хамаандата 4-с миэстэҕэ тиксибит. Николай Николаевиһы кэриэстээн улууска кини аатынан саахымат күрэхтэһиитин тэрийиэххэ баар этэ.
Ону таһынан Николай Николаевич тылбааһынан табыллан дьарыктаммыт. Норуот суруйааччыларын И.М. Гоголев икки поэматын, В.Т. Сивцев сонеттарын, классик суруйааччы Н.Д. Неустроев «Балыксыт» диэн кэпсээнин француз тылыгар тылбаастаабыт. Аатырбыт эколог-учуонай Жан Малори «Последние короли Туле» диэн кинигэтин сахалыы тылбаастаабыт.
Николай Николаевич иккитэ ыал буола сылдьыбыт. Бастакы кэргэниттэн Нарыйаана диэн кыыстаах, СӨ социальнай технологияларга ресурснай Киинин салайааччыта. Билигин Ярославль куоракка олорор. Огдообо хаалан баран иккистээн кэргэннэммит.
Оҕо эрдэҕиттэн тулаайах хаалан баран, үтүө санаалаах дьоннор көмөлөрүнэн, олоххо дьулуурунан, кытаанах хараактырынан, күүстээх санаатынан, уһулуччу үлэһитинэн, өркөн өйүнэн олоххо улахан ситиһиилэммит тыл билимин уһулуччулаах учуонайа Николай Николаевич ахтыы кинигэтигэр олоҕун устата киниэхэ көмөлөспүт дьоҥҥо олус махтанар эбит. Дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ улаханнык биллибэккэ хаалбыт, 83 сааһыгар сылдьан 2017. 06. 25 күнүгэр олохтон барбыт уһулуччулаах биир дойдулаахпыт Н.Н. Гаврильев туһунан дьоно-сэргэтэ биллин диэн «Оҕо дьиэтититэн — олук үктээн» диэн кини ахтыы кинигэтин туһанан суруйдум
Өлөксөөн Баскачыын