Үөһээ Бүлүүтээҕи   киин балыыһа акушерскай салаатын иһинэн хат дьахталларга аналлаах “Ийэ оскуолата” хас чэппиэр аайы үлэлиир.

Оскуола сыала: дьахтар хат буолуоҕуттан иһигэр илдьэ сылдьар оҕото сөпкө сайдарын кэтээн көрүү, кэмэ кэллэҕинэ доруобай оҕо төрүүрүн ситиһии, саҥа төрүүр дьахтарга сүбэ-ама, оҕо төрөөбүтүн кэннэ көрүү-истии, эмиийинэн аһатыыны көҕүлээһин буолар.

Оскуолаҕа бүгүн алтыс оҕотун күүтэр биир ийэ уонна саҥа бастакыларын оҕолонуохтаах 3 ийэ кэлбиттэр. Кинилэр бүгүҥҥү үөрэхтэригэр “Жду ребенка” слайданы көрдүлэр, саҥа төрөөбүт оҕону хайдах суулуурга, сытыарарга, илиигэ хайдах ылан көтөҕөргө үөрэннилэр. Эдэр ийэлэр сатаабаттара элбэх. Онуоха алтыс оҕотун кэтэһэр ийэ бэйэтин холобурунан оҕону суулуурга, илиигэ тутарга үөрэттэ. Эдэр ийэлэр долгуйар ыйытыыларыгар толору хоруйу ыллылар.


Акушер-гинекологтар Антонина Алексеевна Аланаева, Людмила Тимофеевна Долгунова баай уопуттаах быраастар, хат дьахтар майгыта, тугу саныыра барыта оҕоҕо бэриллэр, оҕо доруобуйата онтон олус тутулуктааҕын өссө төгүл санаттылар. Сөпкө аһаан, сөпкө таҥнан,  хана утуйан, элбэхтик сибиэһэй салгыҥҥа сылдьар оҕо күүтэр ийэҕэ саамай сүрүн ирдэбиллэр буолаллар диэн бэлиэтээтилэр.
Дьиэ кэргэҥҥэ ил –эйэ толору баар буоларыгар тирэх буоларга “Партнерские роды” диэн  баарын  билиһиннэрдилэр. Үөрэхтээхтэр кэтээн көрбүттэринэн, оҕо күн сирин көрөр кэмэ, чааһа кэллэҕинэ аҕа киһи ийэ аттыгар баар буоллаҕына , кэргэнниилэр сыһыаннара, төрөппүт уонна оҕо ситимэ бөҕөргүүр, бу дьиэ кэргэҥҥэ өйдөһүү уонна өйөһүү баар буолар, бэйэ икки ардыгар харыстаһыы уонна кыһамньы күүһүрэр эбит.

Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа пресс-сулууспата

href="https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/wp-content/uploads/2024/09/gridart_20240917_110530901.jpg">

Читайте дальше