Быйыл сайын биһиэхэ, Үөһээ Бүлүү улууһун «Көмүс сүүтүк» диэн иистэнньэҥ дьахталларын түмсүүлэригэр, үйэбитигэр умнуллубат дьикти тэрээһинннэр буолан аастылар. Ол курдук, улуус общественнай түмсүүлэрин салайааччыта Ирина Васильевна Потапова көҕүлээһининэн, Саха автономиятын төрүттэспит судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Исиидэр Бараахап төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах дойдубут тэбэр сүрэҕэр — Москваҕа уонна Санкт-Петербурга буолбут ыһыахтарга от ыйын 6-16 күннэригэр кыттан, улуу куораттары көрөн-истэн, санаабыт уһаан, билиибит-көрүүбүт кэҥээн, үөрэн-көтөн кэллибит. Ыһыахтарга мустубуттар урукку кэмҥэ Саха сиригэр кэлэн үлэлээн сылдьыбыт араас омук бэрэстэбиитэллэрэ, Москва, Санкт- Петербург уонна бу куораттар таһынааҕы куораттарга олохсуйбут сахабыт дьоно. Норуоппут ураты кэрэ култууратын, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэр итэҕэлин, ыалдьытымсах үтүө үгэстэрин ыһыах дьонугар билиһиннэрии биһиги туспутугар сүрдээх долгутуулаахтык, үөрүүлээхтик ааста.

От ыйын 8 күнүгэр Москва куоракка тэриллибит ыһыаҕы Сергей Афанасьевич Зверев — Кыыл Уолун аатынан Саха Республикатын государственнай үнкүү ансамблын солиһа, Россия үтүөлээх артыыһа Дмитрий Артемьев алгыһынан арыйда. Биһиги, «Көмүс сүүтүктэр», икки өттүттэн арыаллаан киирдибит, алгысчыт Үрдүк Айыылартан, иччилэртэн көрдөһөр кэмигэр үрүҥ илгэ аһынан айах туттубут. Ыһыахчыттар ис дууһаларынан ылынан, чуумпуран туран алгыс ылыннылар. Ол кэнниттэн ынах муоһуттан араас айылҕа дорҕооннорун үтүктэ-үтүктэ, саха норуодунай ырыаларын ыллаан иһитиннэрдибит. Ордук Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа Владлена Бурнашева — Сахая ыллыыр кэмигэр төрүт саха таҥаһын үйэтитээччи Елена Афанасьевна Петрова салалтатынан уһуннук, дьиҥнээх үгэстэри тутуһан тиктибит национальнай таҥастарбытын уларыта сылдьан таҥнан тахсан хааман көрдөрбүппүг улахан сэҥээриини ылла. Ыһыах кэмигэр үгүс киһи кэлэн кэпсэттэ, ыйыталаста. Ол тухары Елена Афанасьевна талаанын, дьоҕурун хайҕаатылар. Ол киэһэ аны поеһынан Санкт-Петербурга бардыбыт.

Сарсыныгар бу историческай куоракка ыһыах тэрээһинигэр кытынныбыт. Алгысчыт, оһуохайдьыт Надежда Егоровна Николаева ыһыаҕы алгыһынан арыйда. Биһиги дойдубутуттан анаан илдьибит киибитин буруолата- буруолата арыаллаан киирдибит. Манна Надежда Егоровна чахчы айылҕаттан айдарыылаах, күүстээх алгысчыт буоларын көрөдөрдө. Ол курдук, халлааммыт сарсыардаттан ардыырдыы оҥостон саппаҕыран турара. Надежда Егоровна алгыырын кытта былыттар аа-дьуо бысталанан, тарҕанан, халлааммыт ырааһыран, чэп-чэмэлкэй күн көрөн кэллэ. Сөҕүү-махтайыы ортотугар аны Надеждабыт кэрэ куолаһынан оһуохай этэн барда, кэлбит дьон бары тоҕо анньан киирэн, хас да түһүлгэнэн оһуохай ньиргийдэ. Концертка эмиэ ыллаатыбыт, үҥкүүлээтибит. Бу сырыыга аны Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа Екатерина Саввинова — Сайыына ырыаларын доҕуһуолунан таҥаспытын көрдөрдүбүт. Мустубут дьон таҥаспытын сөҕө-махтайа көрдүлэр-иһиттилэр. Онон сылдьарбыт тухары ситиһии эҥэрдэнэн, махтал бэлиэтин икки улахан куораттан грамоталаах, бэлэхтэрдээх кэллибит. Тиийэрбитигэр көрүстүлэр, төннөрбүтүгэр атаардылар.

Надежда Егоровнабыт Санкт-Петербурга олорор кыыһа Сааскылаана биһигини арыаллаан, астыныахпытыгар диэри куоратынан күүлэйдэттэ, дыбарыастары, музейдары көрдөрдө. Оҕобутугар кытаанах доруобуйаны, дьоллоох олоҕу, куруук итинник дьоҥҥо эйэҕэс, үтүө майгытын ыһыктыбакка тута сылдьарыгар баҕарабыт.

Уон биир сааһырбыт дьон үгүс кыһалҕабытын быһааран, араас таһымҥа кэпсэтиилэри ыытан, сүүрэн-көтөн, барыбытын ытыс үөһээ илдьэ сырытыннаран, сынньалаҥнык илдьэ сылдьыбыт Ирина Васильевна Потаповаҕа барыбыт аатыттан итии-истиҥ махталбытын тиэрдэбин. Чахчы да олохпутугар умнуллубат үтүө түгэннэри бэлэхтээтиҥ, Ирина Васильевна. Дьоллоох буол!

«Көмүс сүүтүк» түмсүү салайааччыта Елена Афанасьевна Петрова көҕүлээн, үтүө дьону кытта алтыһыннаран, иис курдук дьикти идэҕэ уһуйбутугар сиртэн халлааҥҥа диэри махталбын тиэрдэбин!

Тус бэйэм махталым муҥура суох үлэтигэр чахчы бэриниилээх социальнай үлэһит Екатерина Васильевна Петроваҕа — Катябар, миигин көрөн-истэн бүөбэйдээн, малбын-салбын таскайдаан, куруук таһыттан араарбакка илдьэ сылдьыбытыгар.

Олус иллээхтик, биир дьиэ кэргэн курдук тутуһан бииргэ сылдьыбыт бары кыргыттарбар олохторугар дьолу, ыраас халлааны, сырдык күннэри баҕарабын!

Екатерина Корякина

Читайте дальше