Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн улуустааҕы Олоҥхо дьиэтигэр муус устар 6 күнүгэр ССРС, САССР спордун маастара, ССРС физическэй культуратын туйгуна, СӨ культуратын туйгуна, СӨ үлэҕэ бэтэрээнэ, алгысчыт, СӨ Дархан этээччитэ, тойуксут, хомусчут, сэһэнньит, хоһоон, ырыа айааччы, «Утум удьуор» бырайыак ааптара Николай Павлович Корякин — Уран Ньукулай аатынан «Ойор — тэбэр оҕо саас» улуустааҕы оҕо оһуохайын күрэҕин норуот айымньытын киинэ, Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх орто оскуола администрацията кыттыһан ыытта.
Күрэххэ барыта 42 оҕо кытынна, биэс киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Бары даҕаны эгил — тэгил саастаах киһи көрөн үөрэр кылыгырас кылыһахтаах кэскиллээх этээччилэрэ эбит. Күрэххэ киһи биһириирэ, астына көрөрө, бары даҕаны тэҥ саастаах уолаттар ким оһуохай этэн, ким кынат буолан доҕотторун өйөөбүттэрэ буолар.
Кыра бөлөххө: Үһүс миэстэни Д.С. Спиридонов аат. 4-с оскуола 4 кылааһын үөрэнээччитэ Айсара Николаева (сал. В.В. Семенова) ылла, 2 миэстэ — Иванир Афанасьев, (4 кыл. Д.С.Спиридонов аат. оскуола — сал. В.В. Семенова), бастакы миэстэ — Айсен Прокопьев (4 кыл. оҕо искусство оск. — сал. М.В.Хобусарова).
Орто бөлөххө: Үһүс миэстэ Саския Васильева (6 кыл. Дүллүкү), иккис миэстэ — Сахаян Васильев (6 кыл. Кэнтик — сал. С.В. Яковлева), бастакы миэстэ — Камила Степанова (8 кыл. оҕо искусство оскуолата-сал. М.В. Хобусарова).
Улахан бөлөххө: Үһүс миэстэни ылла Сардаана Гоголева (10 кыл. Хоро — сал. Х.З. Семенова), иккис миэстэ — Эрика Базюк ( 9 кыл. Хоро- сал. Х.З. Семенова), бастакы миэстэ — Кира Спиридонова (10 кыл. М.А. Алексеев аат. лицей интернат — сал. М.В. Хобусарова).
Анал ааттар: «Киэҥ түһүлгэлээх этээччи» — Сандара Гоголева (10 кыл. Хоро), «Саҥа саҕалааччы» — Семенова Алексения, Федоров Эрсан (3 кыл. Мэйик), «Оһуохай арыйыыта» — Ньургун Корякин (6 кыл. Д.С.Спиридонов аат. оскуола), » Чуор куоластаах этээччи» — Василина Иванова (9 кыл. Кэнтик), «Хомоҕой хоһоонноох этээччи» — Алиса Иванова (9 кыл. М. А. Алексеев аат лицей-интернат), » Уратытык туттан этээччи» — Спартак Обутов (5 кыл. М.А. Алексеев аат. лицей-интернат), » Киэҥ түһүлгэлээх этээччи» — Тамара Омукчанова (8 кыл. лицей-интернат), » Кэскиллээх этээччи» — Милана Соргоева (5 кыл. И. Барахов аат. оскуола), «Ньургуйаана Герасимова (6 кыл. Кэнтик), «Түһүлгэ эрэлэ» — Антон Иванов (10 кыл. И. Барахов аат. оскуола), «Бастыҥ батыһааччы» — Клавдий Егоров (10 кыл. Кэнтик).
Анал бирииһинэн наҕараадаланнылар: Айсен Прокопьев -10 000 уу харчынан, Ньургун Корякин — 5000 тыһ. суумалаах «Алекс» маҕаһыын сертификатынан.
«Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын оҕо искусство оскуолатын үөрэнээччитэ Света Ильина ылыан ылла (салайааччы — Марианна Хобусарова), бирииһи Уран Ньукулай уола Николай Корякин дьиэ кэргэнэ, аймахтара туруордулар.
Түмүккэ кыттыбыт оҕолор бары илии тутуурдаах бардылар.
Күрэхпит спонсордарынан буоллулар:
1. Норуот айымньытын киинэ, салайааччы — А.К. Босикова,
2. Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтата, баһылык- М.Ф. Силигиянов,
3. «Көмүлүөк» хампаанньа, салайааччы -О.Г. Григорьева,
4. Улуустааҕы спорт уонна физическэй культура управлениета, салайааччы- Е.А. Николаев,
5. Улуус соц. экономическэй сайдыытын өйүүр фонда, салайааччы В.В. Ченохов,
6. Улуустааҕы кииннэммит библиотека, салайааччы — Н.К. Петрова,
7. Оһуохайдьыт В.Д. Титов уола В.В. Титов дьиэ кэргэнэ,
8. Н. Корякин биир дойдулааҕа — З.С. Петрова,
9. М.А. Алексеев аат. лицей интернат — директор Т.В. Блинова,
10. И.Н. Барахов аат. орто оскуола — директор С. А. Михалев,
11. М.Т. Егоров аат. орто оскуола — директор А.Н. Федоров,
12. Ю.Н. Прокопьев аат. оҕо спортивнай оскуолата директор -С.Т. Жендринскэй,
13. Д.С. Спиридонов аат. орто оскуола — директор С.Н. Кардашевскай,
14. «Олоҥхо» норуот тыйаатырыгар бииргэ алтыспыт үөлээннээхтэрэ,
15. Балта Раиса Семеновна, күтүөтэ Геннадий Долгуновтар,
16. Биир дойдулаахтара, аймахтара Боотулууттан Семен, Ольга Долгуновтар,
17. Аймахтара Чучайцевтар, Алексеевтар, Николаевтар, Иннокентьевтар,
18. Уола Н.Н. Корякин дьиэ кэргэнэ, аймахтара,
19. Кэргэнэ А.П. Дьячковская,
20. Дархан этээччи Е.Е. Васильев кэргэнэ С.С. Долгунова оҕолорунаан,
21. Олоҥхо институтун директора, үөрэнээччитэ -Р.Н. Анисимов,
22. Үөһээ Бүлүүтээҕи уот ситимин салайааччыта- А.П. Алексеев,
23. «ВВ — ГРУПП»ХЭУо, салайааччыта-Е.Д. Корякин,
24. «Боотулуу нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата — баһылык П.А. Саввинов,
25. Үөһээ Бүлүүтээҕи лесничество — салайааччы П.В. Тимофеев.
Күүс — көмө буолбут күндү дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Инникитин даҕаны биһиги кэскиллэрбит, оҕолорбут оһуохайы оройуттан туттуннар, эһиэкэйи эҥэриттэн ыллыннар.
Норуот айымньытын киинин
специалиһа Людмила Гурьева.