Вера Андреева: «Хамсаныы — олох төрдө»

Улууска оптуорунньук аайы ыытыллар Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, олохтоохторго анаан араас дьарыктар буолаллар. Эбии үөрэхтээһин педагогунан өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбит Вера Афанасьевна Андреева сүһүөх гимнастикатынан сөбүлээн дьарыктанар уонна дьону, ордук аҕам саастаахтары, көҕүлүүр, үөрэтэр.
— Мин спортка сыһыана суох киһибин. Доруобуйабар эчэйии ыламмын, сиһим тоноҕоһун өлөрөммүн бу гимнастиканан дьарыктанар буолбутум. Тоҕо диэтэр, сис тоноҕоһун эмтииргэ туох да эмп, укуол да суох буолар эбит. Арааһы боруобалаан баран миэхэ сөптөөх, көмөлөһөр ньыманы көрдөөн барбытым. Ол сылдьан бииргэ үлэлиир коллегабыттан сүһүөх гимнастикатынан дьарыктанар Амма олохтоохторо, уйулҕа үөрэтээччитэ Александра Ушницкая уонна тириэньэр Валерий Готовцев тустарынан истибитим. Кинилэргэ анаан-минээн сайын баран үөрэнэн кэлбитим. Үөрэхтэригэр йога, ушу ньымаларын туһаналлар. Валерий Иванович этэринэн, «Киһи бэйэтин кыайыахтаах, сүрэҕэлдьиэ суохтаах. Саҕалыахха эрэ наада».


Мин дьарыктаммытым 10-тан тахса сыл буолла. Бу гимнастика киһиэхэ көмөлөһөр, бэрт судургу хамсаныылар. Кыргыттарга дьарыгым туһунан кэпсээбиппэр, биһигини эмиэ үөрэт диэн көрдөспүттэрэ. Былырыын Үс Хоһууҥҥа, Олоҥхо дьиэтигэр, быйыл библиотекаҕа баҕалаах дьону дьарыктыыбын. Бэйэм гимнастикаҕа сыһыаннаах араас үөрэхтэргэ интэриниэт нөҥүө үөрэнэбин, доруобуйаҕа харчыны кэрэйиэ суохтаахпыт дии саныыбын.
Доруобай буолуҥ! Чэгиэн буолуҥ!

Вера Афанасьевна дьарыгын хас оптуорунньук аайы улуустааҕы киин библиотекаҕа ыытар.

Мария Васильева

Читайте дальше