Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бэчээт туйгуна, Дьоруой Н.А.Кондаков аатынан бириэмийэ лауреата, суруналыыстыкаҕа кылаатын иһин «Үрүҥ көмүс бэлиэ” хаһаайына, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ, 1966-96 сс. эрэдээктэр солбуйааччыта, хаһыаппыт күндү бэтэрээнэ Анна Прокопьевна Алексеева сэтинньи 18 күнүгэр 90 сааһын томточчу туолар өрөгөйдөөх күнэ үүнэр.
Анна Прокопьевна Москватааҕы государственнай библиотечнай институту бүтэрэн кэлэн А.С. Пушкин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи отдел сэбиэдиссэйинэн ананан, биэс сыл үлэлээбитэ. Онтон 1966 с. кэргэнин Василий Семенович Алексеевы дойдутугар — Үөһээ Бүлүүгэ партийнай үлэҕэ ыланнар, көһөн кэлбиттэрэ. Кини идэтинэн миэстэ суох буолан, партия обкомун бэчээккэ секторыгар ыҥыран, эрэдээксийэҕэ миэстэ баарыгар киирбитэ. Онон кэлээттэрин кытта Василий Семеновиһы партия райкомун пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйинэн, Анна Прокопьевнаны оройуон хаһыатын эрэдээктэрин солбуйааччынан анаабыттара. Кини бэйэтэ ол туһунан олус истиҥник ахтар: «Билбэт үлэм уонна икки кыра оҕолоохпун диэн аккаастанан көрбүтүм да ылымматахтара. Дьэ, онон 1966 с. балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлээн барбытым. Күһүҥҥү былыттаах, ардахтаах сарсыарда 9 чаас иннинэ эрэдээксийэ боруогун атыллаан киирбиппин умнубаппын. Партия райкомугар үс кыра хоско үлэлииллэр эбит. Ол тиийиибэр корректор Семен Титович Руфов эрэ баара. «Саҥа солбуйааччыгын дуо? Остуолуҥ ити турар», — диэн баран түннүк анныгар турар остуолу ыйан кэбиспитэ. Утуу-субуу үлэһиттэр кэлэн барбыттара. Эрэдээктэр Вениамин Петрович Никитин райкомҥа иккис секретарга таһааран билиһиннэрбитэ. Үлэһиттэр бары үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, сүбэлии-амалыы сылдьаллара. Олус түмсүүлээхтик, бэриниилээхтик үлэлээбиппит. Оччолорго хаһыат чахчы да хас ыал аайы күүтүүлээх күндү ыалдьыт тэҥэ этэ. Хаһыат 1943 сыллаахха бастакы нүөмэрэ тахсыаҕыттан 80 сыл устата оройуон сиэркилэтэ, кини историятын летопиһа буолан сулууспалаан кэллэ. Талааннаах суруналыыстардаах, улахан доҕоттордоох, элбэх көмөлөһөөччүлэрдээх буолан, биһиги хаһыаппыт өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. «Үөһээ Бүлүү» хаһыатыгар үлэлээн ааспыппыттан олуһун астынабын, киэн туттабын», — диэн бэтэрээммит Анна Прокопьевна махталын тиэрдэр.
Күндү Анна Прокопьевна, Эйигин 90 сааскын туолар көмүс үбүлүөйгүнэн үлэлээн ааспыт кэлэктиибин, улуус бары уопсастыбаннаһын, эйигин билэр, ытыктыыр, таптыыр дьонуҥ-сэргэҥ аатыттан сахалыы сайаҕас эҕэрдэбитин, баай-талым бастыҥ баҕабытын тиэрдэбит! Эн биһиги хаһыаппытыгар үлэлээн ааспыккын араас кэмнэрдээҕи чаҕылхай суруйууларыҥ, кэрэ хаартыскалар туоһулууллар. Күн бүгүҥҥэ диэри үгүһү сүбэлээн, элбэҕи ыйан-кэрдэн, сонуҥҥун үллэстэ тураргыттан олуһун үөрэбит.
Дьиэ кэргэн истиҥ ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ буолан, орто дойду олоҕун дьолун билбитиҥ, тапталлаах киһилэрэ буолаҥҥын, 90 сааскын томточчу туоллуҥ! Бу буолар эн толору сирдээҕи дьолуҥ! Эйигин кытта кэрэ санаа эрэ кэккэлэстин, эдэрдии эрчиминэн, сэргэхтик туттан-хаптан, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, чугас дьонуҥ сылаас сыһыаннарыгар кынаттанан, тапталларынан угуттанан, уһуннук, доруобайдык, дьоллоохтук олор. Чэгиэн буол, күндү киһибит Анна Прокопьевна!
Эҕэрдэни кытта эрэдээксийэ кэлэктиибэ